04.10.2024 | 16:00

Идэни талыы эрдэттэн быһаарыныыны эрэйэр

Идэни талыы эрдэттэн быһаарыныыны эрэйэр
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Билиҥҥи кэм ыччата баҕарбыт сиригэр үөрэнэр. «Маныаха күүстээх санаа, дьулуур улахан оруолу ылар»,– диэн санаалаах мин бүгүҥҥү сэһэргэһээччим, Кытай Гуанжоу куоратын Гуандунскай университетыгар үөрэнэр биир дойдулааҕым Марианна Третьякова. Кэпсэтиибитин үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ, атын даҕаны идэлэрин тала илик ыччаттар сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

– Үтүө күнүнэн, кэпсииргэ ыраах, ол эрээри санааны ситэргэ чугас дойдуга үөрэнэр биир дойдулааҕым Марианна! Эн холобургун бэйэҥ саастыылаахтарыҥ сэргии ааҕыахтара дии саныыбын. Ханнык оскуоланы үөрэнэн бүтэрбиккиний уонна Кытайга тоҕо уонна хайдах үөрэнэ барарга быһаарыммыккыный?

– Мин төрөөбүт нэһилиэгим М.Н. Турнин аатын сүгэр Тыараһа орто оскуолатын  2019 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбитим. Идэни талыыга үөрэнээччи эрдэттэн быһаарыныахтаах. Этэргэ дылы, чопчу туох идэлээх буолуохтааххын, үөрэнэр кыһаҕын эрдэттэн талан, ол баҕаҕын күүһүрдэн, сыалгын ситэр маҥнайгы хардыыларгын оҥостуохтааххын. Холобура, быраас, учуутал идэтэ араас исписээлинэстэрдээхтэр. Төһөнөн эрдэ быһаарыныы ылынаҕын да, соччонон баҕаҥ күүһүрэн иһэр. Мин 11-с кылааска омук дойдутугар үөрэнэ барарга санаммытым. Балачча толкуйдаан баран, Кытай Гуанчжоу куоратын Гуандунскай университетыгар үөрэнэргэ быһаарыммытым. Онно көмөҕө ийэм кэлбитэ. Кини Кытай университеттарыгар киирэргэ көмөлөһөр хампаанньаны булан, кинилэр көмөлөрүнэн үөрэххэ киирбитим. Билигин «Деловой китайский бизнес» идэҕэ бэһис сылбын үөрэнэбин.

– Үөрэххин бүтэрэриҥ чугаһаабыт. Дьэ, Кытай университетын үөрэҕэ туох уратылаах эбитий? Уопсай дьиэҕэ олоруу туох быраабылалардааҕый?

– Кытай университеттарыгар үөрэх 2 семестрга арахсар. Кыһын уонна сайын иккилии ый каникул биллэриллэр. Күҥҥэ 2 эрэ паара үөрэнэҕин, сорох күн сарсыарда 8.30 чаастан үөрэнэҕин, сорох күн эбиэккэ 13.00 чаастан. Талбыт үөрэххин чугастык ылынар, сөбүлүүр буоллаххына, ыарахана суох дии саныыбын. Кылаабынайа көтүтүө суохтааххын, дьиэтээҕи үлэҕин толорон иһиэхтээххин, оччоҕуна ылар билииҥ кэҥээн, чиҥээн иһэр буоллаҕа.

Кытайга устудьуоннар бары уопсайынан хааччыллаллар. Уопсайга ханна да буоларын курдук бэрээдэги ирдииллэр. Судургу, ол эрээри үс быраабыланы устудьуон тутуһар эбээһинэстээххин: олорор хоскун мэлдьи ыраастык тутуохтааххын, хос иһигэр ас астаммаккын уонна түүн 00:30 чаастан хойутуо суохтааххын.

– Эн биэс сыллааҕыта кытайдыы билбэт оҕо тиийдэҕиҥ...

– Оннук. Кытай тылын үөрэтэр олус ыарахан этэ. Тылы үөрэтии киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах, түргэнник баһылыырга эмиэ туспа күүс, баҕа ирдэнэр. Билигин холкутук саҥарабын, кытай тылын баһылаатым диэххэ сөп.

– Арассыыйаттан төһө оҕо үөрэнэрий?

– Мин үөрэнэр университеппар Арассыыйа араас муннуктарыттан үөрэнээччи элбэх, олортон сахалар уончабыт.

– Саха устудьуоннара төһө билсэҕит?

– Түгэн көһүннэҕинэ, көрсө сатыыбыт. Ол гынан баран атын-атын бөлөхтөргө үөрэнэр буоламмыт иллэҥ кэммит араастаһара атахтыыр.

– Оннук буоллаҕа. Дьиэтээҕи үлэни да оҥорор элбэх бириэмэни эрэйэн эрдэҕэ. Ордук библиотека «ылар» буолуохтаах...

– Дьэ, чахчы, тас дойдуга үөрэнэр устудьуоҥҥа бастакы көмөлөһөөччүтэ – кинигэ. Атын омук оҕотун сайдыытын куоһарарга, тылы баһылыырга, билиини дириҥэтэргэ библиотекаҕа дьарыктаныы элбэҕи быһаарар. Кампуспут иһигэр университет библиотеката баар. Библиотекабыт түөрт этээстээх, сарсыарда  9.00-тан киэһэ 22.00 чааска диэри үлэлиир. Онон төһө баҕар олорон дьарыктанабыт.

– Кытайдар атын омуктарга сыһыаннара хайдаҕый?

– Олус үчүгэйдик сыһыаннаһаллар, судургулар. Атын дойду олоҕо  кинилэри  интэриэһиргэтэр. Ис-истэриттэн үөрэххэ тардыһыылаахтар. Биир да күнү көтүппэккэ, библиотекаҕа дьарыктаналлар. Аһара үлэһиттэр, ол  үөрэххэ, билиигэ тардыһыыларыгар, бэриниилэригэр көстөр. Инники олохторун эрдэттэн толкуйдууллар, былаанныыллар. Үөрэх уонна сынньалаҥ бириэмэтин сөпкө аттараллар. Бэйэм алтыһар элбэх доҕордоохпун.

– Олохторун таһыма хайдаҕый?

– Кытай уотунан-күөһүнэн эрэ угуйар дойду буолбатах, сайдыы муҥутуур таһымыгар тахсыбыт судаарыстыба. Олох бары эйгэтэ сайдыбыт сирэ. Олорорго, үлэлииргэ туох барыта баар. Бэйэ кыаҕыгар, билиитигэр эрэнэр норуот эбит. Үлэһиттэрин этэ да барбаккын, үөрэх бастакы миэстэҕэ турарын өйдүүр омук. Бакалавры бүтэрээт, магнистратураҕа салгыы үөрэнэллэр. Дьэ ол кэннэ үөрэхтэригэр сөптөөх, хамнастаах үлэ булар баҕалаахтар. Кытай эдэр ыччата муоданы күүскэ кэтиир, үгүстэрэ кырасыабайдык таҥналлар. Ол эбэтэр таҥас таҥныы култуурата эмиэ биллэр-көстөр миэстэҕэ турар.

– Олорорго климата хайдаҕый?

– Климаттара провинция аайы араас-араас. Мин дойду соҕуруу өттүгэр үөрэнэбин.  Манна сайынын +40 кыраадыс куйаас, кыһына суоҕун кэриэтэ. Ол аата төгүрүк сылы быһа итии.

– Онтон аһылык сөп түбэһиитэ хайдаҕый?

– Илиҥҥи норуоттар астара аһыы, элбэх тумалаах, арыылаах буолар. Биһиги элбэх тумата суоҕу аһыыр буоллахпытына, кытайдар анаан аһыы гына астыыллар. Ол гынан баран астарын көрүҥэ элбэх буолан, син биир бэйэҕэр сөптөөҕү булаҕын.

– Ыйга устудьуон төһө харчыга олоруон сөбүй? Арассыыйа харчытыгар таһаардахха, хас буоларый?

– Биир ыйга төһө харчыны ороскуоттууруҥ эмиэ бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ким эрэ ыйга 13 000 солк. барыыр (1000 юань), кимиэхэ эрэ 26 000 солк. кыра буолуон сөп (2000 юань). Сыаналара олус чэпчэки буолан эмиэ үчүгэйдээх.  Миэхэ ыйга 20 000 солк. сөп. Манна аһыҥ-таҥаһыҥ, малыҥ-салыҥ, киинэ, кэнсиэр уо.д.а. барыта киирэр.

– Бу үрдүк үөрэх кыһатын бүтэрэн инникитин тугу үлэлиир баҕалааххын?

– Үөрэхпин 2026 сылга бүтэрэбин. Ыра санаам үөрэҕин бүтэрэрим чугаһаата. Билиҥҥитэ дьупулуомум тиэмэтин тала иликпин, иккис семестрга быһаарыныаҕым. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, тылбаасчыт быһыытынан үлэлии хаалар былааннаахпын.

– Оскуола оҕолоругар, ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Идэни талыы эрдэттэн быһаарыныыны эрэйэр. Ылыахтаах идэҥ туһунан өйдөбүллээх буолуохтааххын, чопчулуохтааххын. Үөрэнэргэ туох ирдэнэрин эрдэттэн билэн, өйгөр-санааҕар сааһылаан, бэлэмнэнии үлэтин бэйэҕиттэн саҕалыахтааххын. Оччотугар үөрэнэргэ, атын сири ылынарга, омуктары кытта сыһыаҥҥа бэлэмнээх буолаҕын. Туох барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктааҕын бэйэҕинэн ылыныахтааххын. Үөрэх диэн үлэ буоларын өйдүөхтээххин. Оччоҕо биирдэ баҕа санааҥ туоларыгар эрэли, күүһү үөскэтэҕин.

– Кыра нэһилиэк оскуолата элбэх ыччакка идэни таларга, баһылыырга, үлэһит буоларга тирэх, акылаат буолан, ыраах да, чугас да үөрэх кыһаларыгар атаардаҕа. Үөрэппит учууталларгар, үөрэтэ сылдьар преподавателларгар куруук махталлаах буолаар. Ситиһиини, Марианна!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....