ИДЭҺЭ ДЬОРО КИЭҺЭЛЭРЭ
Саха киһитэ биир саамай кэтэһэр тэрээһинэ идэһэ өлөрүүтэ буолар. Тыа ыалларыгар хайыы-үйэ идэһэ киэһэлэрэ буоллулар. Билигин убаһа өлөрүүтэ саҕаланна. Биһиги, куоракка олорооччулар, ордук илин эҥээрдэр, идэһэбитин сиэри суол аһылларын, массыына сылдьарын, халлаан тымныйарын тэһийбэккэ-тулуйбакка күүтэбит.
Идэһэ киэһэлэрэ, чахчы да, бырааһынньык буолара. Мин дойдубар үс убайым бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, үөрэ-көтө сылдьыһан идэһэ өлөрөр буолаллара. Оо, онно дьэ ыттыын-кустуун диэбиккэ дылы, бары күннүүрбүт. Тыа дьоно буолан баран харабыл ыттаахтар. Олоро аймахтарын дьиэлэрин билэллэрэ диэн, биир ыалга идэһэ өлөрүллүбүтүн кэннэ, атын убайбытыгар барыыларыгар, хата, эрдэ тиийэ охсон, кэтэһэн чолойон олорор буолаллар үһү.
Урут ийэбит тута сүөһү үөс тардарын, быарын киллэрэн хобордооххо сырдьыгыначчы ыһаарылаан сиир буоларбыт. Минньигэһин туһунан этэ да барбаккын. Онтон эт эттээһинэ, буотарах сууйан кырбааһына, хаан кутуута эмиэ биир туспа үөрүүлээх дьоро киэһэлэр буолаллара. Билигин убайдарым бары суохтар, биир эрэ убайым кэргэнэ сүөһүтүн тутан хаалла. Онон кураанах хотоннор, кыбыылар санаарҕаабыттыы самналлан туралларын көрүөххэ олус хомолтолоох эбит.
Мин сүөһүгэ сыстаҕаһа суох буоламмын оҕо сылдьан наадабар барарбар хотон аттынан ааһарбар, ынахтар кэлиргэҕэ аһыы турар буоллахтарына хотонум кэннинэн, сабараанньа үрдүнэн барарым. “Миигин көрөллөр” диэн ийэбэр үҥсэрим. Билигин кэлэн сонньуйабын эрэ.
Бу өрөбүллэргэ Дьокуускай куораппытыгар “Идэһэ-2020” дьаарбаҥка Тыа хаһаайыстыбатын Министиэристибэтин тэлгэһэтигэр буолан ааста. Манна уруккуттан, мин өйдүүрбүнэн, иккис сылын өрөбүл аайы дьаарбаҥка ыытар буолбуттара олус хайҕаллаах. Бастатан туран, куорат киинэ, иккиһинэн, бүччүм, кыараҕас, олохтоох эрэ ас-үөл атыыланар. Туора дьону, атын омук аһын көрүөм диэн саараабаккын даҕаны.
Мин идэбинэн, матырыйаал суруйар наадалаах буолан дьаарбаҥканы өрөбүл күн кэрийдим.
Ааспыттарга холоотоххо, сибиэһэй эт дэлэйбит, убаһа атыыга тахсыбыт. Ол оннугар арыыттан ураты үрүҥ ас мэлийбит. Арыы да ыараабыт, урут 500 солк. эбит буоллаҕына, билигин аччаабыта 550 солкуобай. Бу да чэпчэки, билигин куорат сорох маҕаһыыннарыгар арыыбыт сыаната 700 солкуобайга тиийбит.
Мин аргыый хаама сылдьан атыыһыттары кытта кэпсэттим, сыананы көрдүм-иһиттим, ахтылҕаннаах убаһам, биэм этин ылан амсайдым.
Владимир Филиппович Иванов, “Баҕарах” ХЭТ:
- Биһиги хаһаайыстыбабыт холмоҕуор боруодалаах ынах-сүөһүнү көрүүнэн дьарыктанар. Билигин 835 төбөлөөхпүт, ыанньыкпыт 350-чэ. Быйыл 100-чэ төбөнү идэһэҕэ ыыттыбыт уонна билиҥҥи сокуонунан анал сыах (забойнай) нөҥүө барда. Намнары кытта дуогабардаһан онно идэһэлээтибит.
Бу атыыга саҥа таһаардыбыт, биллэриинэн атыылыыбыт уонна бу дьаарбаҥка буоларын истэммит кэлэн турабыт. Буотараҕы эҥин барытын анараа сыахха кырбаан, сууйан, күөскэ киирэргэ бэлэм оҥорон салапааннаан бэлэмнээтибит, онтубут бу атыыга бүгүн бүттэ. Хаан, быар эмиэ барыта атыыланна.
Куорат олохтоохторугар идэһэ өлбүтүнэн, быйаҥынан эҕэрдэлиибин. Чэгиэн доруобуйаны баҕарабын, пандемия кэмигэр бэйэҕитин харыстаныҥ, олохтоох аһынан аһааҥ диэн ыҥырабын.
Андрей, “Аллайыаха” родовой көһө сылдьар общинатын оҥорон таһаарар кээпэрэтиибин бэрэстэбиитэлэ.
- Бэйэбит балыкпытын атыылыы быыстапкаҕа кэлэн турабыт. Күһүн хараабылынан алтынньы 20-гэр балыкпыт кэлбитэ, күһүҥҥү дьаарбаҥкаҕа кыттыбыппыт. 120 туоннаны батардыбыт. Быйыл уу суох буолан балык бултааһына арыый аҕыйах, былырыыҥҥы курдук буолбатах. Олус кураан сайын ааста, ардах түспэтэ, ол охсон балык да аҕыйах. Ол да буоллар санаабыт түспэт, дьон Чокурдаах балыга диэн хамаҕатык атыылаһар.
Миитэрэй Копырин, Амма Абаҕата:
- Биһиги киирбиппит ыраатта. Манна дьаарбаҥка өрөбүл ахсын буолар, онон эрдэттэн турабыт. Идэһэ өлөрбүппүт ыраатта, убаһа бөөлүүн түүн киирдэ. Убаһа быйыл мөлтөх, төрүөх аҕыйах. Быйыл сайын илин эҥээрдэри баһаар, кураан сордоото. Сыана онтон сылтаан ыарыан сөп. Атын атыыһыттары билбэтим, ыараталларын дуу, оннунан хаалларалларын дуу. Бааһынай ырыынагар ыараппыттар, убаһа ойоҕоһо 1000, быара 3000 солкуобайга буолбут. Мин бу былырыыҥҥы сыананан турабын. Харта комплегын 6000 атыылыыбын, түһэриэхпин да сөп.
Христофоровтар дьиэ кэргэн:
- Биһиги Орджоникидзе уулуссатыгар чугас олоробут. Инньэ гынан бу дьаарбаҥканы наһаа сөбүлээтибит. Атырдьах ыйын бүтүүтүттэн өрөбүл аайы ыытыллар, биһиги балаҕан ыйыттан куруук сылдьабыт. Балык ылабыт, бүгүн эриллибит эт, ынах этэ ыллыбыт. Кэргэним балык арааһын ылар, Ленскэйтэн төрүттээх буолан наһаа сөбүлүүр. Кыра-кыралаан кэлэн атыылаһан барабыт, күүлэйдии таарыйа. Мантан ордук ханна да сылдьыбаппыт, онон бырааһынньык курдук кэлэ турабыт. Тыа хаһаайыстыбатын Министиэристибэтигэр түгэнинэн туһанан махталбытын тиэрдэбит. Урут Бааһынай ырыынагар буолар этэ, манна бүччүм, аҕыйах киһи сылдьар, бэрт түргэнник эргийэн тахсан эрэбит. Тыаҕа идэһэлээхпит, убаһа, онон мантан ынах этин кыралаан ылабыт.
Ити курдук дьон дьаарбаҥка уруккулартан туох да уратыта суох, арай атыыһыт, атыылааччы аҕыйах да буоллар, син биир наадаҕын, эккин-аскын атыылаһан бараҕын. Таһырдьа киһи сүргэтин көтөҕөр сахалыы муусука кутуллар, сорох сиргэ уһун уочарат субуллар, бу киэһэ куорат ыала сибиэһэй эт сиэн, хаан буһаран чахчы дьоро киэһэлэр буолбуттара саарбаҕа суох.