11.02.2023 | 20:12

Ичигэс илгэлээх Игидэй сиригэр хапсаҕай күрэхтэһиитэ

Ичигэс илгэлээх Игидэй сиригэр хапсаҕай күрэхтэһиитэ
Ааптар: Гизелла Софроновна Попова, Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын педагог-библиотекара
Бөлөххө киир

Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгэр бүгүн үөрүүлээх күн. Спорт бырааһынньыга. Улууспут нэһилиэктэриттэн чулуу, сымса спортсмен оҕолор мустан күөн көрүстүлэр.
Ол курдук, көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, Саха сирин физкультуратын уонна спордун үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин үөрэҕэриитин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ спорт бэтэрээнэ, саха омугу албан ааттаппыт, суон сураҕырпыт айылҕаттан айдарыылаах тренер Д.П. Коркин иитиллээччитэ, тустуу, хапсаҕай, дзюдо, самбо курдук көрүҥнэргэ ураты чаҕылхай суолу-ииһи бастакынан тэлбит, кыайыыны аҕалбыт Кычкин Николай Николаевич бирииһигэр хапсаҕайга улуус чемпионата ыытылынна. 

Игидэй нэһилиэгин аҕа баһылыга Егор Алексеевич Марков кэлбит ыалдьыттары, күрэхтэһээччилэри нэһилиэк олохтоохторун ааттарыттан үүммүт үтүө күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Биһиги биир дойдулаахпыт, спорт ветерана Николай Николаевич Кычкин 75 сааһын бэлиэтээн, үбүлүөйдээх тэрээһин буоларын, улуус хапсаҕайга турнира кини аатыгар ыытылларын туһунан бэлиэтээн эттэ. Оҕолорбут хас эмит күрэхтэһиигэ кыттан маастарыстыбалара тупсубута буолуо диэн баҕа санаатын этэн туран Николай Николаевичка нэһилиэк дьаһалтатын, олохтоохторун аатыттан эҕэрдэтин эттэ.
Николай Николаевич Кычкин тохсунньу 9 күнүгэр 1947 с. Саха АССР Алексеевскай оройуонун Игидэй (Дьиэрэҥнээх) нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Мария Ивановна Васильева 2 саастааҕар ыалдьан өлбүт. Аҕата Николай Хрисанфович Кычкин 3 оҕолоох тулаайах хаалбыт. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Зоя 1942 сыллаахха, убайа Хрисанф 1945 сыллаахха төрөөбүттэр. Аҕата нэһилиэккэ биллэр кэпсээнньит, олоҥхоһут эбит. Оҕо сааһа Кулаадаҕа ааспыт. 
Э.К. Пекарскай  аатынан Игидэйдээҕи аҕыс кылаастаах оскуолаҕа, интэринээккэ олорон 8 кылааһы 1966 сыллаахха бүтэрбитэ. 
Игидэй оскуолатыгар спорду, үөрэҕи таба дьүөрэлээн сылдьарга уһуйуллубут. Оччолорго утумнаах үлэлэр ыытыллалларын түмүгэр оскуола, оройуон күрэхтэһиилэригэр миэстэлэһэн, кыайыы үрдүк чыпчаалларыгар дабайыы саҕаламмыт. Киһи быһыытынан сайдыытыгар, билии-көрүү, өй-санаа  өттүгэр улахан оруоллаах учууталларынан Петр Георгиевич Нестеров, Иван Николаевич Пахомов, Андрей Васильевич Андросов, Надежда Федоровна Габышева о.д.а. буолаллар. 8 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына Надежда Федоровна Габышева сахалыы кинигэлэри аҕалан аахтара биэрэрин истиҥник саныыр.  Саха литературатын классикатынан буолбут «Сааскы кэм», «Көмүстээх үрүйэ», «Оҕо куйуурдуу турара», «Төлкө» курдук айымньылар спорт суолун тэлэр киһиэхэ күүскэ күүһү эбэр, булгуруйбат эрчим санааны саҕар күүстээх айымньылар буолалларын билбит. Онтон ыла кинигэни сөбүлээн ааҕара үөрэнэр, киһи буолар кэмигэр күүс-көмө буолбута.

«Биһиги аҕабыт Кулаадаҕа балтыгар Дарья Титовна Чьямоваҕа (Саввина)  дьукаах биһигини илдьэ олорбута, ийэбит өлбүтүн кэннэ ону таһынан кыыһа Елена Константиновна Винокурова (Чьямова) икки уолунаан Валералыын уонна Гришалыын бааллара. Сайынын кыра эрдэхпиттэн Кулаада, Дьиэрэннээх, Хоту Лыппа алаастарынан, үрэхтэринэн, отчуттар биригээдэлэригэр киэһээтин үс туман түһүөр диэри үлэлиирбит. Сарсыарда эрдэ ат хомуйтара ыыталлара. Биир сайын холкуос бэрэссэдээтэлэ Семен Гаврильевич Жирков «үчүгэйдик оттоотугут» диэн киирсэбэй саппыкынан бириэмийэлээн турар. Ахсыс кылааһы бүтэрээт, тустуунан салгыы дьарыктанар баҕаттан, Чурапчы спортивнай оскуолатыгар үөрэнэ барбытым. Саха омугу албан ааттаппыт, суон сурахтаппыт айылҕаттан айдарыылаах тренер Д.П. Коркин оскуолата аан дойдуга биллибитэ. Бу кыһаҕа сахалартан олимпийскай чемпионнар, биллиилээх тустууктар  уһаарыллан тахсыбыттара. Роман, Гаврил Дмитриевтэр, Владимир Андросов, Николай Захаров, Илларион Федосеев, Павел Пинигин, Александр Иванов, Алексей Пахомов, Илья Григорьев, Валерий Иванов о.д.а. саха тустуутун үрдүкү чыпчаалга таһаарбыттарын билэҕит.
Советскай Союз хайа баҕарар куоратыгар тиийдэхпинэ, Чурапчы оскуолатын бүтэрбитим диэтэхпинэ, убайдарын - бырааттарын курдук көрсөр буолаллара. Маныаха тренербит Дмитрий Петрович үтүөтэ-өҥөтө тугунан да кэмнэммэт», - диэн ахтар. 

1968 сыллаахха Уус-Таатта орто оскуолатыгар физкультура учууталынан анаммыта. Онтон Сэбиэскэй Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта. Дембеллэнээри сылдьан биир киэһэ остуолга Советскай Союз картатын ууран баран, хараҕын симэн олорон “ханна барабын” диэн боппуруоска уруучуканан картаҕа точка туруорбут. Көрбүтэ Фрунзе куоракка түбэспит. Дембеллэнэн баран поеһынан Фрунзе куоракка айаннаабыт. Уһун синньигэс айан кэнниттэн Киргизскэй ССР киин куоратыгар тиийэн кэлбит. Онно политехническай институт  бэлэмнэнии отделениетыгар докумуоннарын туттарбыт. Ол эрээри Фрунзе аатынан тыа хаһаайыстыбатын техникатын оҥорор заводка формовщигынан үлэҕэ киирбит. Υчүгэйдик үлэлии сырыттаҕына аҕата ыалдьан дойдутугар төннөн кэлбит. Казахскай ССР Павлодар куорат пединститутун физкультурнай отделениетын студена буолбута. Бастакы сүрэхтэниитэ 1972 с. алтынньы ыйга буолбута. Казахскай ССР үрдүкү спортивнай оскуолатын бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр 74 кг тустан үһүс бириистээх миэстэҕэ тиксибитэ. Советскай Союз Геройа Нуркен Абдиров бирииһигэр Карагандаҕа ыытыллыбыт  Бүтүн Союзтааҕы турнирга  үһүс  миэстэҕэ тиксэн Советскай Союз спордун маастара буолбута. 1974 с. Казахстан тыатын сирин 2-с оонньууларыгар Казахстан «Кайрат» ДСО КС кубогар иккис миэстэҕэ тиксибитэ. Самбоҕа уонна дзюдоҕа эмиэ дьарыктаммыта. 1977 с. самбоҕа 66 кг «Кайрат» ДСО күрэхтэһиитигэр 2-с миэстэ, дзюдоҕа 65 кг Казахстан чемпионатыгар 3-с миэстэ, дзюдоҕа «Еибек» ДСО КС 4-с сайыҥҥы спартакиадатыгар Казахстан тыатын сирин 3-с оонньууларыгар 3-с миэстэни ылан маастарга кандидат буолбута. 1975 с. Павлодардааҕы пединституту бүтэрэн Красноармейскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар физкультураҕа преподавателинэн ыыппыттара. 
1974 с. Өймөкөөнтөн төрүттээх Агафья Тарасовна Кривошапкинаны көрсөн, таптаһан ыал буолбуттара. 1979 с. Саха сиригэр Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиттэрэ. Күһүнүгэр Туяра,  онтон 1985 сыллаахха Коля диэн оҕолоро күн сирин көрбүттэрэ. Аҕа буолар дьолун билбитэ. 
Υлэтигэр оройуоннааҕы спорткомитет бэрэсэдээтэлинэн анаабыттара. 1982 сылтан 1996 сылга диэри оройуоннааҕы оҕо хоһун инспекторынан, быткомбинат главнай инженеринэн, оройуоннааҕы сибээс тэрилтэтигэр, Сахателеком филиалыгар салайааччынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай)  оскуола-интернакка   физкультура учууталынан үлэлии-хамсыы, олох үөһүгэр иллэҥэ суох сылдьар. Эдэр ыччакка тус олоҕунан спорду пропагандалааччы, көҕүлээччи, элбэх киһи ааҕан сиппэт үгүс ситиһиилэрдээх спортсмен оҕолордоох.

Ити курдук, бүгүҥҥү күн ким аатыгар тэриллэрин этэн туран, тыл этии Таатта улууһун Аҕа баһылыгар М. М. Соровка бэриллэр: “Υтүө күнүнэн Игидэй нэһилиэгин олохтоохторо, спорду сэҥээрээччилэр, хапсаҕайы сөбүлээччилэр, күрэхтэһээччилэр. Таатта улууһун биир чулуу уола, саха норуотун биир ытык киһитэ мин аттыбар турар. Бүтүн Сэбиэскэй Союз, уруккунан 15 судаарыстыба билинэр спордун маастара Николай Николаевич Кычкин курдук буоларга эһиги, ыччаттар, дьулуһуохтааххыт. Николай Николаевич Кычкин, Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Илларион Федосеев курдук дьону кытта тэҥҥэ үүммүт, тустубут киһи. Кинилэр курдук туста үөрэниэхтээххит. Υгүс күрэхтэһиилэргэ кыттаҥҥыт үүнүҥ-сайдыҥ. 
Игидэй нэһилиэгэр спорду пропагандалааччылар,  ордук Альбина Васильевна Бойтунова, Константин Петрович Никифоров, Варвара Константиновна Ефимова, Егор Алексеевич Марков курдук дьоннор баар буоланнар маннык тэрээһиннэр ыытыллаллар”,- диэн тыл эттэ уонна Николай Николаевичка үрүҥ көмүһүнэн кутуллан оҥоһуллубут “Таатта улууһугар спорт эйгэтигэр өҥөлөрүн иһин” диэн улууспут үрдүкү түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн наҕараадалаата.
Салгыы Таатта улууһун спорткомитетын начальнига Ньургун Михайлович Сабарайкин, улуустааҕы үөрэх салаатын начальнигын солбуйааччы Иннокентий Иннокентьевич Дягилев, Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын директора Альбина Васильевна Бойтунова тыл эттилэр, үбүлүөйдээх ытыктыыр киһибитигэр бэлэхтэрин туттардылар, күрэхтэһээччилэргэ үтүө баҕа санааларын эттилэр.  “Николай Николаевич үс улахан ситиһиилээх: кини көҥүл тустууга спорт маастара, дзюдоҕа уонна самбоҕа спорт маастарыгар хандьыдаат. ити курдук бүтүн үс көрүҥҥэ ситиһиилэрдээх чулуу киһилээх эбиппит биһиги, Игидэй нэһилиэгин олохтоохторо. Дэбдиргэбитигэр спорт эйгэтигэр улахан ситиһиилээх киһибитин чиэстээн бу күрэхтэһиини тэрийдибит”, - диэн эттэ Альбина Васильевна. 


Күрэхтэһии 12 ыйааһынынан буолла. Барыта 78 оҕо кэлэн күрэхтэстэ. Дэбдиргэттэн 14 оҕо кытынна. Дьохсоҕонтон, Туора-Күөлтэн, Баайаҕаттан, Ытык Күөлтэн уонна Чурапчы улууһун Арыылаах нэһилиэгиттэн эмиэ элбэх кыттааччы кэлэ сырытта. 
Бастакынан көбүөргэ 28 кг ыйааһыннаах уолаттар таҕыстылар: Максимов Давид /Игидэй/ уонна Сметанин Сергей /Баайаҕа/. Түргэн туттуулаах Сергей уол ыраас кыайыыны ситиһэр.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр кэннилэриттэн түмүк маннык буолан таҕыста:
2012 сыл төрүөх уонна кыралар:
28 кг 6 кыттааччы:
1. Хартек Ай-Хаан /Баайаҕа
2. Михайлов Саша/ ЫК
3. Афанасьев Саша/ Дэбдиргэ
30 кг 5 кыттааччы:
1. Постников Айгылаан /Дэбдиргэ
2. Васильев Айсен /ТК
3. Шадрин Данил /ЫК
32 кг 3 кыттааччы:
1. Гуляев Арсен /ЫК
2. Яковлев Ярик / ЫК
3. Алексеев Илья / Дьохсоҕон
35 кг 3 кыттааччы:
1. Максимов Саша / Дэбдиргэ
2. Бабанов Толя /Харбалаах
3. Дягилев Айтал /ЫК
40 кг 8 кыттааччы:
1. Сыроватский Айтал /Дэбдиргэ
2. Прохоров Максим /ЫК
3. Романов Рома /Баайаҕа
2009-2011 сыллаах төрүөхтэр:
35 кг 12 кыттааччы:
1. Рахлеев Ярик / Дьохсоҕон
2. Хатылаев Дьулуур / Дьохсоҕон
3. Хатылаев Дьулус /Дьохсоҕон
40 кг 9 кыттааччы:
1. Неустроев Дима /Баайаҕа
2. Аввакумов Дьулус / Чөркөөх
3. Дмитриев Ярик / Дьохсоҕон
45 кг 11 кыттааччы:
1. Новиков Семен /Дьохсоҕон
2. Захаров Сергей /Дьохсоҕон
3. Аввакумов Тимур /Дьохсоҕон
45 кг үөһэ. 11 кыттааччы:
1. Андросов Саша /ЫК
2. Аввакумов Айдын /Чөркөөх
3. Иванов Валера /Дэбдиргэ
Чаҕылыҥныы күлүмнэс күүрүүлээх түгэннэр буолуталаан ыллылар. Көрөөччүлэр да дуоһуйа астыннылар. Дьохсоҕон оҕолоро эбиллибиттэрин, улууска эдэр бөҕөстөрү кытта үлэлэһэр хайысха сөптөөхтүк баран эрэрин көрөн үөрдүбүт. 


Борисов Айтал, Чөркөөх оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: “Биһиги 7 буолан кэллибит. Тренербит Вячеслав Иванович Аввакумов илдьэ кэллэ. Бэйэбит тренербит Олег Викторович Попов Украинаҕа СВОҕа барбыта. Бастаан тренерим барбытыгар наһаа суохтаабытым. Онтон Вячеслав Иванович салайан хапсаҕайга, тустууга дьарыктана диэн барбытым. Мин, дьиҥэр, мас тардыһыыга күрэхтэһэр этим. Бу кэнники хапсаҕайынан дьарыктанан эрэбин. КСК-бытыгар тустуунан, хапсаҕайынан дьарыктанабыт”, - диэн кэпсээтэ.
“Бүгүҥҥү күрэхтэһиини тэрийбит дьоммор Таатта улууһун аҕа баһылыга Соров М.М., спорткомитеттарбар, Игидэй нэһилиэгин баһылыгар Марков Е.А., олохтоох оскуола директора Бойтунова А.В. уонна бары көмөлөспүт, өйөөбүт дьоммор махталбын тириэрдэбин. Мин ааппар ыытыллыбыт бастакы турнир буолар. Күрэхтэһиилэргэ ким бэлэмнээх, дьулуурдаах кыайа турдун. Маннык оскуолаҕытын, төрөөбүт дойдугутун ааттатыҥ диэн алгыыбын!”- диэтэ спорт ветерана, ытыктыыр, холобур оҥостор киһибит Николай Николаевич Кычкин. 
Күрэхтэһии олус үчүгэйдик ааста. Ѳрүүтүн маннык үчүгэй тэрээһиннэр буола турдуннар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...