08.06.2023 | 12:00

Худуоһунньук Иван Попов хаартыскаларыгар кимнээҕи түһэрбитий?

Худуоһунньук Иван Попов хаартыскаларыгар кимнээҕи түһэрбитий?
Ааптар: Александра Постникова, «Таатта» түмэлин үлэһитэ
Бөлөххө киир

СӨ Национальнай архыыба 2021 сыллаахха саха норуодунай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа, өрөспүүбүлүкэ түмэллэрин тэрийээччи Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон 1904-2008 сс. хабар архыыбын икки сыл устата наардаан, сурукка тиһэн, 12 салааттан турар Р-1650 №-дээх тус пуондатын дьон көрүүтүгэр таһаарбыта. 
Дмитрий Кононович үйэ кэриҥэ холобурдаах кэрчиги сырдатар бу докумуоннарыгар духуобунай аҕата, ытыктыыр киһитэ Иван Васильевич Попов туһунан матырыйаал үгүс. Онтон үс интэриэһинэй докумуоҥҥа тохтуохха сөп.
Дмитрий Кононович илиитинэн суруллубут ытыс саҕа киниискэтин 15-с сирэйигэр Иван Васильевич Попов хаартыскаларыгар кими түһэрбитин испииһэктээбит уонна сорохторугар быһаарыы биэрбит:

“Сэрэбиэйдии олорор - Осипов Никанор, дьахтара — Львова Матрена, кини бииргэ төрөөбүт быраатын аҕата Львов Николай Федорович (ааттаах отчут, "Победа”). Осипов Никанор – Виктор Осипов кини уола, кини кыыһа Татьяна Чербоева (сэттэ  оҕолоохтор).
Хотуур сытыылыы турар киһи эмиэ Осипов Никанор.

Осипов Никанор туһунан сибидиэнньэ Тааттатааҕы кыраайы үөрэтэр музей дириэктэрэ М.Г. Слепцов 1918 сыллааҕы I Дьохсоҕон Түөкэй ууһун  быыбардааччыларын  испииһэгэр 146-с киһинэн суруллубут, сааһа 66-та диэн ыйыллыбыт. Аттыгар «Виктор аҕата» диэн быһаарыылаах. 1926-27 сс. I Дьохсоҕон  ыалларын испииһэгэр 162-с нүөмэринэн Никита Никанорович Осипов дьиэ кэргэнэ суруллар, бу Никанор Осипов уола. Никита Никанорович сурукка киирбэтэх, ол эрэн норуокка биллэр аата Виктор эбит. Ити ахтыллар Татьяна Никитична кэлин уон оҕолонон, билигин Чербоевтар, Теряковтар, Осиповтар халыҥ аймахтара тэнийэн Тааттанан, Дьокуускайынан олороллор. Сыдьааннара кэпсииллэринэн, Виктор таҥара дьиэтигэр куолакал тыаһатааччынан - звонарынан үлэлээбит, нууччалыы холкутук суруйар, кэпсэтэр эбит. Ити испииһэккэ «Матрона Алексеевна Львова, 38 саастаах» диэн ыйыллар.
 

Күлэ турар дьахтар – Иван Наумович Сенькин (пенсионер) ийэтэ Александра Сенькина. 
“Фото 12. На этой фотографии мы видим серебряное нагрудное женское украшение, богатую меховую шубу и высокую шапку. Но, однако, мы смотрим не на украшение, а на лицо, на улыбку женщины, на которой надета эта одежда. Какую богатую, естественную улыбку “зафиксировал” у якутки художник. А ведь в старое время северяне слыли за весьма “холодных”, как вечная мерзлота, людей, якобы лишенных всяческих эмоций. А тут Иван Васильевич одевает свою бедную соседку Александру Сенькину и демонстрирует на всю Россию улыбку “якутки”. Я думаю, обладательница такой улыбки – не мертвая душа, а живая, интересная личность, и, дай бог, ее внукам и внучкам здоровья...

Иван Наумович Сенькин аҕата Наум Феодосьевич (арыт Федорович диэн суруллар) иккитэ кэргэннэнэ сылдьыбыта биллэр. Ити үөһэ ахтыллыбыт 1926-27 сс. испииһэккэ кини дьиэ кэргэнэ 151-нэн суруллубут, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Наум Феодосьевич 54 саастаах, кэргэнэ Ефросиния 25-тээх. Кини бастакы кэргэниттэн Александраттан икки уола: Иван 20-лээх, Марк 18-таах. Кыра кыргыттар София түөртээх, Анисия биирдээх. Онон бу ис киирбэх мөссүөннээх, сахалыы мааны таҥастаах дьахтар ХХ үйэ иннинэ Тааттаҕа олорон ааспыт Александра Васильевна Сенькина буолар. Быыбардааччылар 1918-с сыллаах испииһэктэригэр 38 саастааҕа биллэр.
 

Сүөгэй иирдэ олорор эмээхсин - Лэкээ (Большаков Инн. Петрович) эбэтэ...”.

Иккис сонун докумуонунан 1974 с. сэтинньи 6 күнүнээҕи “Иван Васильевич Попов – первый якутский художник-этнограф» телевизионнай биэрии сценарийа буолар. Сылыттан сылыктаатахха, худуоһунньук 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт. Сценарий худуоһунньук хартыыналарынан, хаартыскаларынан  аттарыллан, нуучча тылынан 20 кумааҕыга бэчээттэммит, илиинэн ситэриллибит, барыта 80-тан тахса хаартысканан матырыйаал туһаныллыбыт.
Холобур, 10-с нүөмэрдээх хаартыскаҕа: “Этнографическое название этой фотографии “Якутка сбивает масло”. Здесь “масло” имеет весьма относительное значение, ибо художник, пользуясь фотографией, как искусством, сумел показать весьма милую, добрую старую якутку-чистюлю. Благодаря высоким художественным достоинствам, эта фотография еще до революции была выпущена в виде многотиражной почтовой открытки. Внуки и правнуки Большаковых могут гордиться своей прабабушкой, которая, благодаря Ивану Васильевичу, обошла на почтовых перекладных всю Россию в качестве первой полномочной представительницы якутского народа...”.

Бу хаартыскаҕа Иван Васильевич Петр Иннокентьевич Большаков-Хохуолап уус кэргэнэ Феодосия Петровнаны үйэтиппит эбит. Кини өссө икки хаартыскаҕа баар: балаҕан иннигэр биһиккэ оҕо бигии уонна оҕонньорун кытта балаҕан иннигэр тирии имитэ олороро. Хохуолап улууска, нэһилиэккэ аатырбыт уус, отоһут. Историяҕа биллэринэн, Чычымах таҥаратын дьиэтин маастардаан туттаран, Саха сирин архиепискобыттан махтал-хайҕал ылбыт. Кинилэр уоллара Иван Васильевич доҕоро Лэкээ уус — Иннокентий Петрович Большаков. Лэкээ уус протоиерей Димитриан Дмитриевич Попов кыыһын Мария Димитриановна кыыһын Фелицата Александровнаны кэргэн ылан, 4 оҕоломмуттара. Хохуолап уус уонна кини кэргэнэ Феодосия Петровна туһунан бэлиэтээһин үһүс суруйууга эмиэ көстөр: "Старик и старуха из юрты-мазанки Лэкээ аҕата, ийэтэ - Петр Большаков. Старуха (сүөгэй иирдэр) - она же". 

Ф-27. Кожемялка из конского черепа. Здесь заснят земляк Ивана Васильевича батрак Львов. С него художник написал портрет под названием "Бывший батрак”. Картина в 1926 году экспонировались на художественной выставке в г. Якутске, но потом каким-то образом оказалось потерянной...

Кыраайы үөрэтээччи, СӨ култуураҕа үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култуураҕа туйгуна, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо Егор Дмитриевич Андросов “Балысхан баай былыргылаах Ытык Күөл” диэн 1997 сыллаахха суруйуутугар Лэкээ аҕатын туһунан маннык ахтар: “ ...Бары бэркэ билэр Лэкээ ууспут айбыт аҕата Петр Иннокентьевич Большаков-Хохуолап хатыламмат сүдү отоһут, сахалыы эмчит уонна дэгиттэр уус киһи быһыытынан аатырбыта-сураҕырбыта... 
Улахан Сайылыкка Андриан Слепцов баай улахан уола Сергей Слепцов уонна икки-хас урукку көмө үлэһит ыаллара. Таатта үрэх үрдүгэр Лэкээ Уус, кини таһыгар протоиерей кыра уола, уруккута подполковник Н.Д. Попов олорбуттара. Урукку госбанк таһыгар Наум Сенькин оҕонньор олороро. Райпо хонтуоратын оннугар Лэкээ аҕата Петр Иннокентьевич Большаков-Хохуолап оҕонньор олорбута... Билиҥҥи олох-дьаһах комбинатын оннугар Виктор Осипов олорбута. Оттон художник И.В. Попов дьиэтин иннигэр Иннокентий Попов аҕабыыт нууччатын дьиэтэ баара. 
...Хоту свалка хонноҕор В.Л. Сенькиннээх олорбуттара. Хоту маҕаһыын оннугар Сүөдэрикээн Сенькин оҕолоро, сиэннэрэ олороллор. Эргэ маслопромҥа Миитэрэкээн Большаков диэн Лэкээ инитин балаҕана баара... ”.

Д.К. Сивцев бэлиэтээбит, Е.Д. Андросов ахтыбыт дьоно Большаковтар, Сенькиннэр, Осиповтар, Львовтар, Поповтар, маны таһынан Слепцов-Балапааттар бары ыаллыы түөлбэлээн олорбуттар. Иван Васильевич күннээҕи алтыһар дьонун уобарастарын таба көрөн, саха омук олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, историятын сырдатар хаартыскаларыгар үйэтиттэҕэ. Кини доҕотторо, ыаллара аныгы үйэҕэ режиссер Любовь Борисова "Кэрэни көрбүт" уус-уран киинэтигэр хараҥаҕа тыкпыт күн сардаҥаларын курдук хас биирдии көрөөччүгэ сырдыгы саҕан, өйтөн-сүрэхтэн сүппэт уобарас буолан хааллахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...