Хотун уонна кийиит — ким кими?
Хотун уонна кийиит туһунан суруйдулар ини, суруйбатылар ини; кэпсээтилэр ини, кэпсээбэтилэр ини. Кийиитинэн астынар, дуоһуйар хотун аҕыйах да буоллар, наһаа тапсар, “ийээ”, “маама” дии сылдьар кыргыттар бааллар. Оттон биһиги бүгүн тапсыбат кийииттээх хотуттар туһунан кэпсиэхпит.
Хотунум сиэргэ баппат быһыыта, ону тэҥэ кэргэним кэрээнэ суоҕа эмиэ кыйахыыр. Иллэрээ сыл күһүнүгэр даача атыыласпыппыт. Ол даачабар былырыын, оҕолонон, тахсыбатаҕым. Онон хотунум «барабын дуо?” диэбитигэр, сөбүлэспиппит. Онтум баара хотунум быйыл бэйэтэ хаһаайка курдук дьаһал-иһэл бөҕөтө буолбут.
Мин куруук даача дуу, чааһынай дьиэ дуу баҕарарым. Бэйэм мас дьиэҕэ улааппытым, онон куорат таас кыбартыыратыгар тыыным хаайтарар курдуга. Ордук сайын-саас, айылҕа тылларыгар, сибиэһэй салгынынан тыыныахпын, таһырдьа сылдьыахпын баҕарабын.
Куоракка таас дьиэлээхпит, онон кэргэмминээн даача атыылаһарга харчы муспуппут, кирэдьииккэ киирэр санаабыт ончу суоҕа. Соруна сатаан баран бастакы ардахха сытыйбат-ымыйбат, дьиэтэ тэстибэт хапытаалынай тутуулааҕы ылыахпытын баҕарбыппыт.
Сыбаайбабыт кэнниттэн түөрт сылынан дьэ наадалаах сууманы мунньан, даача көрдүүр кыахтаммыппыт. Сотору баҕа санаабыт туолбута – уон биэс суотайдаах учаастак, араас отонноох мастар, сылы быһа уута, уота баар, куораттан чугас, суолтан туора, чуумпу. Уопсайынан, ыра санаа. Наһаа диэн үөрбүтүм, тугу уларытарбын, дьиэбин хайдах оҥосторбун, оҕуруоппун ханан олордорбун барытын харахпар оҥорон көртүм. Кэргэним «аны сайын сулумах буолсубун” диэн күлбүтэ, тоҕо диэтэххэ мин даачабар оройбунан түһэргэ бэлэм этим.
Ол гынан баран былааннарым олоххо киирбэтэхтэрэ – хат буолан, бэс ыйыгар оҕоломмутум. Биллэн турар, идеяларым, былааннарым ол курдук төбөбөр олорон хаалбыттара, атын дьоһун суолталаах сорук иннибэр турбута – кырачааммытын улаатыннарыы.
Дьэ бу кэмнэргэ хотунум быйыл даачабытыгар барбат буоллахпытына, улахан сиэнин кытта тахсыан баҕарарын эппитэ. Биһиэхэ да үчүгэй – даачабыт харабыллаах буолар, кинилэргэ да үчүгэй – сайыннарын сибиэһэй салгыҥҥа атаараллар.
Хотуммун курдат билэр киһи ити биир сайынынан бүппэтин сэрэйиэ эбитэ буолуо да, оччолорго төбөм букатын атыҥҥа этэ. Ыараханнык төрөөбүтүм, педиатрдар араас куһаҕан диагнозтарынан куттаабыттара, онон даачам эрэ туһунан санаабатаҕым. Ол курдук былырыын бара да сылдьыбатахпыт. Кэргэним биирдэ-иккитэ көмөлөһө тахса сылдьыбыта, мин оҕобунаан – суох.
Кырачааммыт сотору биир сааһын туолар, этэҥҥэбит, онон бу сайын даачаҕа олорор санаалаах этим. Кэргэним былырыын онно ууну сылытар тэрил оҥоһуллубута, онон суунарга-тараанарга кыһалҕа суох диэн үөрдүбүтэ.
Арай ааспыт нэдиэлэҕэ тиийэ сылдьыбыппыт, хотунум түөртээх сиэнин кытта хайыы-үйэ бааллар эбит. Кинилэр баалларын ким да эппэтэҕэ, онон наһаа соһуйдум. Кэргэним умнан сэрэппэтэхпин, ол эрэн туора дьон буолбатахтар, олордуннар ээ диэтэ.
Мин онтон үөрбэтим. Хотуммун кытта тапсыбаппын, ону ааһан бииргэ олорор санаам да суох. Онуоха хотунум кини бу даачаҕа хаһаайка курдук тутунна, хата, биһигини туора дьон кэлбиппит курдук көрдө-иһиттэ: бу сыыһа турар, онно рассадам баар, тэлэбиисэр көрөрбөр мэһэйдээмэҥ эҥин диэн… Мин ол кэмҥэ оҕолору көрүөхтээх үһүбүн.
Хотуммун кытта иирсиэхпин баҕарбатым, онон кэргэммин ийэтин кытары кэпсэтэригэр көрдөстүм уонна малларын ылан баран пропискалаах сиригэр бардын диэтим.
– Оттон мин сайынын манна атаарыан сөп диэн эрэннэрбитим ээ, - диэн буруйдаах киһи курдук күлэн кэбистэ. – Былырыын Санькалыын манна наһаа үчүгэйдик сайылаабыттар этэ.
Мин, биллэн турар, кинилэр былырыын манна бэри-бэркэ олорбуттарыгар итэҕэйдим, ол эрэн оччолорго мин суох этим буоллаҕа. Оттон билигин мин баарбын, мин кэллим, онон манна атаҕым төбөтүгэр сылдьыахпын баҕарбаппын, хотунум сорудаҕын истэр, кини сиэнин аралдьытар санаам суох.
– Ийэм эн көрдөстөххүнэ оҕобутун көрсөр дии. Олордуннар ээ, миэстэ барыбытыгар тиийиэ, - диэн эрим көрдөһө сатаата.
Ол гынан баран мин үс ыйтан ордук кинилэри кытта олоруохпун баҕарбаппын. Мин хаска сөбүлээбиппинэн утуйан туруохпун, учаастакпар туох наадалааҕын, сүрэҕим сөбүлүүрүн олордуохпун баҕарабын, оттон кини мин кирээдэлэрбин миигиттэн да ыйыппакка толору оҕуруот ыһан кэбиспит.
Биһиги киниэхэ ыалдьыттыы кэлбиппит курдук туттар-хаптар. Кэргэним ийэтин утары тугу да этэр кыаҕа суох, «миэстэ элбэх, хайдах эрэ олоруохпут» диэн иһигэр буугунуур. Оттон мин оннук олорор кыаҕым суох. Бэс ыйыгар диэри ийэтин кытта кэпсэппэтэҕинэ, мин бэйэм кинини оннун булларыам, кытаанахтык уонна сорунуулаахтык. Онно дьэ, биллэн турар, этиһии ынырыга тахсара сэрэйиллэр. Тулуурдаах буола сылдьыахтааҕар кыратык бэйэмсэх уонна айдааннаах буоларым ордук курдук дии саныыбын.
***
Хайдах да буолуохпун билбэппин. Кэргэним төрөппүттэрин майгылара, сиэрдэрэ миигин сууһарар. Кинилэр уолларын кытта холбоһор уруубутугар кубус-кураанах, илии тутуура суох кэлбиттэрэ. Оччолорго ким да биир тылы эппэтэҕэ. Оттон таптыыр кыыстарын сыбаайбатыгар бэлэх бөҕөтө, ону ааһан биһигини аҕыйаҕы бэлэхтээтигит диэн сирэй-харах анньаллар.
Мин сүүрбэ алтабар, оттон кэргэним сүүрбэ тоҕус сааһыгар ыал буолбуппут. Сыбаайбабытын бэйэбит харчыбытыгар оҥорбуппут, кимтэн да көмө ылбатахпыт.
– Акаарытык быһыыланаҕыт, сыбаайбалыы оонньуу сылдьаҕыт, ити кэриэтэ харчыгытын кыбартыыраҕа ууруо этигит, - диэн хотунум сөбүлээбэтэхтии төбөтүн быһа илгистибитэ.
Мин оччолорго дьиэлээҕим туһунан билбэт этэ. Эбэм кыбартыыратын миэхэ анаабыта да, онно хаһан да олорботоҕум. Бастаан төрөппүттэрбин кытта олорбутум, онтон кэргэмминээн кини куортамныыр дьиэтигэр көспүтүм. Ол тухары дьиэбин дьоҥҥо уларсарым. Сайабылыанньа биэрэн баран олорор дьоммутун таһаарбытым, оттон төрөппүттэрим ол кыбартыыраҕа өрөмүөн оҥорор буолбуттара. Ол мин ийэлээх аҕам сыбаайбаҕа бэлэхтэрэ этэ.
Үөрүүлээх күммүтүгэр биһиэхэ саахсаламмыппыт кэннэ кэргэним төрөппүттэрэ кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ уонна харчылара суох буолан тугу да бэлэхтээбэппит диэбиттэрэ.
– Кыыспыт устудьуон, үөрэҕэ төлөбүрдээх, онон бэйэҕит да өйдүүр инигит, – диэн өрүтэ тыыммыттара.
Мин хайдах эрэ итинниги күүппүтүм, онон улаханнык хомойботоҕум. Кэргэним дьоно дьадаҥылар буолбакка, кэччэгэйдэр диэн таайарым.
Ол курдук биһиэхэ да кэмчилээбиттэрэ. Оттон атын ыалдьыттар бэлэххэ харчыларын кэрэйбэтэхтэр этэ.
Сыбаайба оҥоһуллубута, саҥа кыбартыыраҕа көспүппүт. Мин кинилэргэ сэдэхтик сылдьарым, биирдэ эмит алтыстахпына, хотунум мэлдьи харчыны наадата суохха барыыгыт диэн тахсара, тойонум эмиэ туохтан эрэ иҥнэрэ. Онон икки өттүттэн да чугасыһа сатаабатахпыт.
Сыбаайба кэнниттэн хат буолбутум да, быһыыны-майгыны көннөрбөтөҕө. Биһиги син биир бэйэ икки ардыгар ырааҕы тутуһар этибит. Хотунум, биллэн турар, хас биирдии көрсүһүүгэ миэхэ сүбэ-ама биэрэ сатыыра, сорох ардыгар баар курдук аахайбат да этэ, мин онтон үөрэрим эрэ.
Оҕобор олорор кэммэр кэргэним төрөппүттэрэ биирдэ да сиэннэрин кытары олорботохторо. Икки ыйга биирдэ эмит кэлэн бараллара, тугу эрэ сүбэлииллэрэ, хотунум сиэнин хаартыскаҕа эргитэ сылдьан түһэрэрэ, сарсыҥҥы күнүгэр “тапталлаах” сиэнин дьон аайы ыытаары.
Ол курдук кэргэним дьоно сүбэлииртэн атыны билбэт этилэр. Туох эрэ атын көмөнү, сиэннэригэр бэлэх туһунан этэ да барбаппын. Мин оҕоҕо олорор кэммэр ыараханнык олорорбутун билэр этилэр. Кэргэним үлэтигэр өйдөммөт түгэннэр тахсыбыттара, онон харчыбыт ыйга нэһиилэ тиийэрэ.
– Билигин барыларыгар ыарахан, - диэн хотунум өрүтэ тыынара. - Ол гынан баран эһиги тулуйа сатааҥ, - диирэ.
Билигин таҥара көмөтүнэн барыта этэҥҥэ буолла. Кэргэним үлэтэ табылынна, бэйэм, оҕобун уһуйааҥҥа биэрэн, үлэбэр таҕыстым. Ыарыйдаҕына бэйэм олоробун, икки эбэбит өссө да үлэлии- хамсыы сылдьаллар.
Балтараа сыл анараа өттүгэр кыыстара кэргэн тахсар диэн буолла. Үөрэҕин соторутааҕыта бүтэрэн, үлэ көрдүү сылдьар этэ. Күтүөт арыый аҕа, үлэлээх, онон эдэр ыал син олорон эрэр харчылаахтар.
Сыбаайбаны тэрийиинэн уонна төлөбүрүнэн икки өттүттэн төрөппүттэр дьарыктаммыттара. Кэргэним дьоно уруу олох үрдүк таһымҥа барарын курдук бэлэмнэммиттэрэ. Ол да иһин барыта байылыаттык оҥоһуллубута. Куруук харчыбыт суох диэн үҥсэргиир дьон маннык оҥорбуттарын соһуйа көрбүтүм.
Биһиги, үппүт наһаа да буолбатар, бэйэбит холбутугар ботуччу бэлэҕи оҥорбуппут, сүүрбэ тыһыынчаны бэлэхтээбиппит. Ол гынан баран бэлэхпититтэн бэйэбит эрэ астыммыппыт быһыылаах. Балтыбыт уонна күтүөт бэлэхпитин ылан баран махтамматахтара да, мичээрдээбитэ эрэ буолбуттара. Оттон хотунум биэрбит кэнбиэрбитин өҥөйөн баран, биһиги диэки сөбүлээбэтэх хараҕынан көрбүтэ, ууну омурдан баран олорбута. Онтон дьэ кэлэн «улахан убайа ааттаах соҕотох балтытыгар харчытын кэччэйиэ да суохтаах этэ” диэтэҕэ үһү.
– Кыбыстыбаккын даҕаны дуо? Олох да кураанах кэлиэҥ этэ буоллаҕа! – диэн тииһин быыһынан сыыбырҕаабыта.
– Кураанах илиигитинэн диэн, оттон биһиги сыбаайбабытыгар хайдах кэлбиккитий? – диэн мин тулуйбакка саҥарбытым. Биһиги сыбаайбабытыгар бэйэтин оҕуруотуттан быһыллыбыт сибэкки дьөрбөлөөх эрэ кэлбитэ. Сыбаайбабыт тэрээһинигэр биир да солкуобайынан көмөлөспөтөхтөрө.
Хотунум сирэйэ кытара түһэн баран, биһигиттэн туора ойбута. Кэргэним кыратык наһаалаатыҥ дуу диэн мөҕүттүбүтэ. Кыахтааҕым буоллар өссө ыараханнык саҥарыам эбитэ буолуо.
Биһигини саҥарарыгар суобаһа да тиийбитэ баар ээ. Төһө да икки нэдиэлэ аастар, баччааҥҥа диэри ол быһыыны-майгыны санаатахпына кыйыттабын. Хотунум миигиттэн улаханнык өһүргэннэ ини диэн эрэнэбин, аны кинини икки харахпар көрбөтүм буолуо диэн таайабын.