26.10.2022 | 18:00

«Хоту тент» байыаннай сулууспалаахтарга оҥорор бородууксуйатын элбэтиэҕэ

«Якутия» технопаарка резиденэ – «Хоту тент» хампаанньа байыаннай сулууспалаахтарга анаан оҥорор бородууксуйатын ахсаанын элбэтэр былааннаах.
«Хоту тент» байыаннай сулууспалаахтарга оҥорор бородууксуйатын элбэтиэҕэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Хоту тент» анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар анаан тыһыынча утуйар мөһөөччүгү тиктэ, бу нэдиэлэҕэ өссө 126-ны тигиэҕэ. Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев хампаанньаҕа сырытта, оҥоһуктарын хаачыстыбатын бэрэбиэркэлээтэ.

«Хампаанньа бородууксуйатын үтүө өрүтэ – дьоҕус, түргэнник хомуллар, сиигирбэт. Ол иһин арҕаа дойдулар, бэйэбит дойдубут даҕаны аналогтарын кытта ситиһиилээхтик күрэс былдьаһар кыахтаах. Хампаанньа үлэтин хайысхатын уларытан байыаннай сулууспалаахтарга анаан тигэр, сыахтарын кэҥэттэ», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

«Хоту Тент» салайааччыта Афанасий Махатыров эппитинэн, бородууксуйаны хампаанньа бэйэтэ оҥорбут сылааһы тутар инновационнай матырыйаалыттан тигэллэр.  Бастакы баартыйа байыаннай чаастарга тиксэриллибит.

Хампаанньа иистэнньэҥнэрин сэргэ волонтердар үлэлэһэллэр. Бу иннинэ Технология уонна дизайн колледжын устудьуоннара көмөлөспүттэр, бу нэдиэлэҕэ Сервис технологическэй техникумун үөрэнээччилэрин күүтэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...