01.08.2021 | 15:14

Хоту – соҕуруу

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кус кэлбит сураҕа бөһүөлэги тилийэ сүүрдэ. Хаһан баҕарар буоларын курдук, ким бастакы кус төбөтүн хампы ыстаабытын туһунан сураҕы – садьыгы манааһын кэмэ саҕаланна.
Бүөтүр обургу ботуруон атыылаһан, саатын массыынатыгар укта сылдьыбыта ыраатта. Кини быйыл бастакы куһу булгуччу бастакынан өлөрөргө туруна сылдьар. Ол – бу ,,көтөр кириибэ,, диэннэрэ салыннарбат. Этэр ньымаларын барытын тутустахха, туох да буолбатыгар бигэтик эрэнэ саныыр.
Сарсыарда тыҥ хатыыта ойон туран массыынатын эһээт, ”сыр” гыннаран хаалла. Хоту диэки сырылатан кэлбитэ, кинини күүппүт курдук көҕөн үөрэ түһэн олорор эбит. Биһиги киһибит үөрэн сүрэҕэ тилигирии түстэ. Массыынатын тыа саҕатыгар туруораат, үөмэн киирэн ытыалаан бардырҕатта. Хата, биэстэ эстэрин илдьэ кэлэн абыранна. Үс көҕөнү хаалларан, үөрүүтүттэн үөгүлээн ылла. Бу бөһүөлэккэ саамай бастакы куһу кини өлөрдөҕө дии.
Уруккутун курдук сааскы чычаас ууну саллырҕаччы кэһэн киирэн иһэн, өйүгэр көтөр кириибэ көтөн түстэ. Киэһээ аһылык саҕана кэргэнэ быраабыла бөҕөнү кэпсээбитэ, мааска, бэрчээкки туһунан этэ да барыллыбат, кылаабынайа, «өлөрөн баран маһынан иилэн ылан кулуһуҥҥа түүтүн сиэтэҕин, иһин уҥкучах хаһан онно көмөҕүн” диэни санаан кэллэ. ,,Ээ, чэ, оннук мачайдаммаппын, бэрчээкким, мааскам баар, ылан үргээн кээһиллиэ, умата хайыы сылдьыллыбат», –  дии санаата. Мааскатын, бэрчээккитин кэтэн, кустарын ылан ботуоҥкатыгар угаттаата. Дьэ, онтон хотуна «олох түүтүн үргээн, астаан дьиэҕэ аҕалыллыахтаах үһү» диэбитэ өйүгэр охсулунна. Куһун үргүүр мучумааныгар түстэ. Субу манна үргүөҕүн, аһын ылан баран түүнү үргэҥнэтэн хаалларар сүрэ бэрт курдук. Онон кустарын атын сиргэ үргүүргэ сананна. Аллаах атаҕар массыынатыгар олорон, дьиэтин ааһа көтүтэн, кус түспэтэх сирин булан, ойуур саҕатыгар үргээн бурҕаҥнатта, иһин хоойун ылан сиргэ көмтө. Кустарын этин, быраабыла быһыытынан, салапаан мөһөөччүккэ уган, ботуоҥкатыгар хаалаата. Этиллибит быраабыланы тутуспут курдук сананан, астынна.
Дьиэтигэр кэлбитэ, чаһы үлэ чааһын тоҥсуйа көрүстэ. Дьиэ хотуна да үөрэ көрсүбэтэ.
«Хайа бу айылаах түүнү супту ханна сырыттыҥ? Дьиэҕин ааһа көтөн баран, хантан кэллиҥ?» –  диэн уоттаах доппуруос ортотугар хорос гынна.
«Хайа, доҕоор, онтон куспун үргээн, астаан кэллим, бултаабыт сиргэ астыыр сүрэ бэрт курдук этэ…».
Кус үргэнэн, астанан бэлэм кэлбитин истэн, дьиэтээҕи хотун сымныы быһыытыйда. «Дьэ, ким билэр, ханнык да кусчут куһу хоту өлөрөн баран соҕуруу тиийэн үргээн астаабытын туһунан остуоруйаҕа да истибэтэҕим. Аныгы үйэҕэ кустуур да ньымабыт уларыйан эрдэҕэ. Чэ, сүөкээ, үлэҕэр бара оҕус», – диэн буолла.
Өссө да элбэҕи, хоту – соҕуруу туһунан туустааҕы, тумалааҕы истэргэ бэлэм турбута, хата «кус кириибэ» туран быыһаатаҕа үһү.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...