Хортуоппуйу кэрэ буоларбытыгар туһанабыт
Киһи тириитигэр туһата
Хортуоппуй С битэмииннээх буолан, тириигэ олус туһалаах эбит.
Харах анныгар баар тирии хараҥарыытын сырдатар. Хортуоппуй сүмэһининэн эбэтэр сиикэйдии төгүрүктүү быһан, мааска оҥостобут. 15-20 мүнүүтэ тутабыт. Сылаас уунан суунабыт.
Түөркэлээн баран уутун сүүрдэн ылан баатаны илитэн, харах анныгар патч оҥостобут.
2. Сирэй мырчыстаҕаһын сэрэтэргэ туттабыт. Хортуоппуй сүмэһинин тоник курдук күн аайы сотто сылдьабыт. Тириини сымнатар уонна тэҥниир.
Сирэй эбирин суох гынабыт. Сиикэй хортуоппуй пигментнай бээтинэни сырдатар.
Пилинг оҥостобут: түөркэлээн баран биэс мүнүүтэ устата сирэйбитигэр биһэн массаастанабыт. Онтон сылаас уунан суунан кэбиһэбит.
Күҥҥэ быһа сиэтиини эмтиибит. Аһара загаардаан кытарбыт тириигэ тымныы хортуоппуйу кырбаан угуттуубут. Тымныы хортуоппуй сүмэһининэн эмиэ соттуохха сөп.
Күн уота сиэбит тириитин уоскутар, сырдатар.
Тириибитин маҥхатабыт. Хортуоппуй тириини туртатарга туһаныллыан сөп: сиикэй хортуоппуйунан мааска оҥостобут. 30 мүнүүтэ тутан баран тымныы уунан сууйабыт. Сөп буола-буола оҥоһуннахха, киһи тириитин биллэрдик сырдатар.
Хортуоппуй уутун лимон сүмэһинин кытта холбоон эмиэ мааска оҥостон, тириибитин сырдатыахпытын сөп.
6. Хатырбыт тириини сымнатабыт. Түөркэлэммит сиикэй хортуоппуйга иэдьэгэйи эбэбит. 20 мүнүүтэ мааска оҥостон тутабыт.
Ууга буспут хортуоппуй доруобуйаҕа туһата
Сүрэх уонна тымыр үлэтин тупсарар. Хахтыы буспут хортуоппуй калийа элбэх, ол сүрэх, тымыр ыарыыларын сэрэтэр эттик.
Араас буортулаах дьааттары суох гынар кыахтаах. Хортуоппуй щелочьтаах буолан, оһоҕос микрофлоратын тупсарар. Арыгылаан баран өлөттөрбүт, үөстэрэ туолан эрэйи көрөр дьон ууга буспут хортуоппуйу сиэхтээхтэр.
Саҥа хостоммут сибиэһэй сиикэй хортуоппуйга олус элбэх аскорбиновай кислоталаах. Бу күүрүүнү (стресс) аһардарга көмөлөһөр, иммунитеты бөҕөргөтөр.
Киһи организмыгар туһалаах минераллардаах.
Калорийа аҕыйах. Ууга буспут хортуоппуй киһини улаханнык уоппат.
Толору растительнай белок баар. Хортуоппуй белога киһи этин-сиинин үлэтин тупсарар аминокислоталардаах.