Хорсун салайааччы
Өрөгөйдөөх Улуу кыайыы күнэ чугаһаатаҕын аайы Ийэ дойдуларын көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун туруулаһан көмүскээбит, Улуу кыайыыны уһансыбыт бэтэрээннэрбитин ахтар, саныыр биһиги көлүөнэ ытык иэспит буолар.
Бүгүн абаҕаларбыттан үгүстүк алтыспыт Игнатий Алексеевич Васильев, хос эһэм Васильев Алексей-Хамаа уолун туһунан ахтан ааһыам.
Игнатий Алексеевич 1910 сыллааха Ньурба оройуонун Акана нэһилиэгэр Хамаа-Васильев Алексей дьиэ кэргэнигэр алтыс оҕонон төрөөбүтэ. Дьоно дьадаҥы буолан, Игнатийы кыра эрдэҕинэ аймахтарыгар, Антонов Моисей диэн сэниэтик олорор ыалга ииттэрэ биэрбиттэр. Ол кэмнэргэ элбэх сүөһүлээх-баайдаах дьон оҕолору ылан иитэннэр, кэлин бэйэлэригэр үлэһит гыналлар эбит. Моисейдаах бэйэлэрин оҕолоро суох буолан хас да оҕону иитэн олорбуттар.
1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэни дьадаҥытык олорбут дьон уруйдуу көрсүбүтэ. Ол курдук Хамаа уолаттара саҥа былаас атаҕар турарыгар кыахтара тиийэринэн үлэлэспит дьон буолаллар.
Игнатий төһө да оскуолаҕа үөрэммэтэҕин иһин, бэйэтин нэһилиэгэр култуурунай революцияны ыытыспыт бастакы комсомолец буолар. Ликбезкэ үөрэнэн ааҕар уонна суруйар буолбут. 1930 сылларга бастакы ТСОЗ-у, колхозтары тэрийсибитэ. 1939-1940 сылларга Дьокуускай куоракка колхуоһунай оскуола чилиэнэ, 1935 – 1939 сылга диэри колхуоска бэрэссэдээтэллиир. Онтон кэлэн 2 сыл Аканаҕа Сэбиэт, 1941-1942 сылларга “Ленин Суола” колхуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Игнатий салайар-тэрийэр дьоҕурдааҕын, ирдэбиллээҕин иһин бэрэссэдээтэлинэн талан үлэлэтэр буоллахтара. Онон абаҕам төөрөөбүт нэһилиэгэ уонна Сэбиэскэй былаас туругурарын туһугар эдэриттэн элбэх сыратын, дьоҕурун биэрэн туран үлэлээбитинэн киэн туттабын. Игнатий үрдүк уҥохтаах, көрүҥүнэн бааһынайдыҥы хааннаах, эдэр сылдьан бэйэтин лаппа кыанар киһи эбит. Тустан, атах оонньоон ыһыахтарга элбэх мүһэ сиэбит киһи.
Ол гынан баран кини дьылҕатыгар барыта уурбут-туппут курдук буолбатаҕа. Сэрии буолуон инниттэн саҕаламмыт уот кураан сут дьыллары аҕалбыта. Оччолорго балаһыанньа кытаанах этэ. Колхуостаахтар үүннэрбит бурдуктарын, арыыларын, эттэрин үгүөрү өттүн барыта фроҥҥа диэн тутан ылаллара. Бэйэлэригэр дуоннаах хаалбат этэ. Ол да хаалбыты сыл бүтэһигэр колхуоска төһө үлэ күннээхтэринэн көрөн түҥэтэллэрэ. Кураан дьыл буолан от, бурдук, хортуоппуй үүнүүтэ олох суоҕун кэриэтэ этэ. Тыаҕа куобах, мас көтөрө, бэл күөлгэ балык эстибиттэрэ. Онон, дьон кэтэх сүөһүлэрин маассабайдык сиэн, эһэн барбыттара. Ол содулугар 1941 сыл күһүн Игнатий колхуоска саҥа бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлии олордоҕуна нэһилиэккэ аччыктааһын саҕаламмыта. Нэһилиэгин дьоно мөлтөөн өлөн киирэн барбыттарыгар, Игнатий, райкомтан ыйытыга суох, колхуоһун дьонугар абаанса быһыытынан аҕыйахтыы киилэ бурдук, уонна 4-5 ынах-сылгы өлөрөн эт түҥэтэн колхуос дьоно хоргуйан өлөрүн тохтоппут. Итини ким эрэ райкомҥа үҥсэн биэрэн, ол кэмнээҕи кытаанах сокуонунан Игнатийы партиятыттан устарга уураахтыыллар, дьыалатын сэлиэстийэҕэ ыыталлар. 1943 сылга суут Игнатийы 6 ыйга күлүүстээх хаайыыга угарга бириигэбэрдиир. Игнатий ааһынан сайабылыанньа түһэрбитин, Верховнай суут 1943 сыл ыам ыйын 20 чыыһылатынааҕы уурааҕынан күлүүс хаайыытыттан босхолоон, 6 ый кыһалаҥ үлэҕэ уонна хамнаһыттан 25% тутарга бириигибэрдиир. Бириигэбэр көрдөрөрүнэн, Игнатийы, байыаннай кэмҥэ диэтэххэ, олох кыра болдьоххо сууттаабыттар. Дьиҥэр сэрии кэмигэр 5-10 сылга хаайыыга ыыталыыллар этэ. Манан сабаҕалаатахха Игнатий бэйэтигэр тугу да туһамматаҕа көстөр. Көннөрү, байыаннай кэм быһыытынан, райкомтан көҥүлэ суох, бэйэтин эрэ быһаарыытынан колхуос баайын-дуолун түҥэппит диэн чэпчэкитик сууттаабыттар диэн сыаналыахха сөп. Манна этэн ааһыахха сөп: бииринэн миэстэтигэр ити да кэмҥэ, билигин даҕаны, былаас өттүттэн улахан туоратыылар баллара, дьон-норуот олоҕун чэпчэтэн, өйөөн салайар оннугар ыарахаттары киллэрэллэрэ. Инники түһэн эттэххэ, Игнатий кэнниттэн колхуос бэрэссэдээтэлинэн Долбуров Г.А. диэн кэлии киһи талыллар. 1942 сыл иһигэр “Ленин суола” колхуостан 98 киһи хоргуйан өлөр. Ити сылга Игнатий ийэтэ, икки эдьиийэ, уонна быраата хоргуйан орто дойдуттан бараахтыыллар. Онон абаҕам Игнатий, чахчы сөпкө быһаарынан колхуоһун дьонун хоргуйууттан быыһыаҕын, эбэтэр олох аҕыйатыаҕын үлэтиттэн устан кэбиһэннэр нэһилиэк итинник ыар сүтүктэммит дии саныыбын.
Бу кэнниттэн Игнатий 1943 сыл от ыйыгар сэриигэ ыҥырыллан барар, кини Забайкальскай фроҥҥа сулууспалыыр. 1945 сылга, арҕаа фронтан 36 армия кэлбитигэр, Игнатийы 36 армия 210 дивизиятын 644 полкатыгар разведчигынан аныыллар. Японияны кытта сэрии саҕаламмытыгар 210 дивизия Хайлар туһаайыытынан кимэн киирэр. Ол кимэн киирии кэмигэр, японецтар ыскылааттарыттан кистэлэн, элбэх алдьатыылаах миинэни ылан аҕалыҥ диэн бирикээс кэлбит. Хас да разведгруппа баран табыллыбатахтар. Онон Соколов диэн нуучча старшината, Игнатий доҕоро, миигин кытта барыс диэн Игнатийы илдьэ барбыт. Кинилэр группалара ыскылаакка тийэн часовойдары “устуталаан” баран дьааһыктаах миинэни Игнатий сүгэн бэйэлэрин дьонноругар төннөн истэхтэринэ, японецтар миномүөтүнэн ытыалаабыттар. Игнатий олох чугаһаан баран атаҕар улаханнык бааһырар, иҥиириттэн уонна тириититтэн эрэ тутуһан хаалбытыгар бэйэтин дьоно кэлэн быыһыллар. Игнатий госпиталга киирбитигэр атаҕын төрдүнэн быһан кэбиһэллэр. Дьэ итинник, Японияны кытта буолбут сэриигэ, абаҕам Игнатий бэйэтин ытык иэһин толорон хорсуннук сэриилэспитин туоһулуур биир быһыыны санаан ахтан аастым. Сэрииттэн 2-с группалаах инбэлиит буолан 1946 сылга дойдутугар төннөн кэлэр.
1946 сыллаахха, партия райкомун бюрота Игнатий Алексеевич дьыалатын хаттаан көрөн, 1943 сыллааҕы буруйдааһынын көтүрэн, партийнай ыстааһын толору ааҕан туран партиятыгар хаалларарга диэн быһаарар. Ол кэнниттэн Акана нэһилиэгэр Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн аныыллар.
Онтон салҕыы бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат араас хайысхалаах үлэлэргэ үтүө суобастаахтык, бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Аканаҕа үлэлиир кэмнэригэр, абаҕам, Игнатий Алексеевич, сүүрүк аттары иитиинэн уонна баайыынан дьарыктаммыта. Аканаҕа ат сүүрдүүтүн көҕүлээбит киһинэн ааҕаллар. Ол кэмнэ Акана нэһилиэгин аттара оруйуоҥҥа буолар сүүрүүлэргэ мэлдьи бастакы-иккис миэстэ буолаллара. Сокуоннай сынньалаҥар Игнатий 1973 сылга тахсан, Аканаҕа өр кэмҥэ норуодунай хонтуруол группатын салайбыта. Элбэх төгүл нэһилиэк депутаатынан, политбюро сэкэритээринэн, чилиэнинэн талыллан үлэлээбитэ. Үгүс общественнай-политическай үлэни ыыппыта, элбэх хайҕабылга тиксибит үлэһит быһыытынан биллибитэ.
Японияны кытта сэриигэ кыттыбытын иһин “Аҕа дойду сэриитэ” I, II степеннаах орденнарынан, «Хорсунун иһин”, “Японияны кыайыы иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн наҕараадалааммыта.
Ону таһынан “Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, “Үлэ ветерана” мэтээллэринэн, 3-с төгүл Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуотунай Грамоталарынан наҕараадаламмыта. Коммунистическай үлэ ударнига, нэһилиэк бочуотаах олохтооҕо. Дуоһунаһынан, сэрии бэтэрээнин да быһыытынан ханнык да чэпчэтиинэн туһаммакка сэмэйдик тыа ыалын сиэринэн олорбута. Аҥаар атаҕар мас протезтаах да буоллар дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын бэйэтэ дьаһанан олорбута. Уокка оттор маһын, отун бэйэтэ тиэнэрэ. Мин Аканаҕа олорор эрдэхпинэ абаҕабын көрсөр, ардыгар дьиэлэригэр сылдьар буоларым. Төһө да биир атаҕа мас буоллар, абаҕам атыгар сымса баҕайытык ойон тахсан баран сүүрдэ турарын көрөр буоларым. Кини биһиги көрөрбүтүгэр кытаанах, мөҥүөх-этиэх курдук көрүҥнээҕэ, саҥата-иҥэтэ кытаанах буолара. Абаҕабын кытта кэпсэтэрбиттэн хайдах эрэ толлор этим. Биирдэ тоҕо эрэ, сарсыарда быһыылааҕа, оронугар утуйа сыттаҕына бырааттарбынаан хоһугар киирбиппит, утуйа сытар курдуга да, эмискэ ойон турбутугар быстыбыт атаҕын төҥүргэһэ көстө түспүтэ. Ону көрөн улаханнык куттанан куотан тахсыбыппытын билигин да өйдүү-саныы сылдьабын. Саҥаһым Акулина Гаврильевна улахан саҥата суох, киирдэххэ чэй иһэрдэн аһатар буолара, мэлдьи кымыһынан күндүлээччи.
Кэлин быстыбыт атаҕын төҥүргэһэ сүрдээхтик приступтанар буолбута. Онтуката түүнү быһа бэргээн утуйбакка гынан баран, сарсыарда ким хайа иннинэ үлэтигэр баар буолар этэ. Абаҕам ити сылдьан сэрии бэтэрээнэ буолан больничнайынан да туһамматах, эгэ курорт, санаторий кэлиэ дуо?
Игнатий Алексеевиһы дьылҕата араастаан эрийбитэ, мускуйбута. Кини ону барытын чиэстээхтик тулуйбута, кыратык да мөлтөөн сынтарыйан ылбатаҕа. Сэбиэскэй саллаат, буойун чиэһин үрдүктүк тута сылдьыбыта. Төһөлөөх элбэх эрэйи эҥээрдэринэн тэлбиттэрэй? Кинилэр харахтарын иннигэр элбэх киһи хоргуйан өлүүтэ, сэриигэ үтүө доҕотторун сүтэрии... Сэрии кэминээҕи саамай ыарахан үлэ... Маннык үтүөкээн дьоннордоох буоламмыт Улуу кыайыыны ситистэхпит. Кинилэр бэйэлэрин тустарыгар буолбакка, бу билиҥҥи биһиги олохпут уйгутун туһугар олорбуттара, үлэлээбиттэрэ. Биһиги кинилэр иннилэригэр тугунан да төлөммөт ытык иэстээхпит. Маннык күүстээх санаалаах, дьиҥнээх патриот хаан-уруу аймах дьоннордоохпуттан киэн туттабын!
Хос эһэм Хамаа-Алексей Васильев дьоһун, албан ааттаах уолаттарын сыдьааннара буоларбынан олоҕум тухары киэн туттуоҕум. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн кэлэр көлүөнэлэргэ кэпсии туруом. Үтүө мааны дьонум сылдьыбыт партияларыгар сылдьарым, мин кинилэргэ сүгүрүйүүм бэлиэтэ буолуохтун.
Абаҕам Игнатий Алексеевич оҕолоро Виктор Игнатьевич, Вера Игнатьевна, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ этэҥҥэ буоллуннар. Аҕаҕыт, эһээҕит аатын чиэстээхтик илдьэ сылдьаргытыттан үөрэбин, махтанабын.