11.07.2024 | 12:00

Хомунаалынай төлөбүр төһө үрдүүрүй?

Ый саҕаланыытыгар үгэспитинэн саҥа сокуоннары билиһиннэрэбит. От ыйыттан туох уларыйыыта киирдэ?
Хомунаалынай төлөбүр төһө үрдүүрүй?
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Сыл иккис аҥаарыттан сокуон хонуутугар элбэх уларыйыы киирдэ. Сүрүннээн биэнсийэни, олох-дьаһах хомунаалынай өҥөтүн төлөбүрүн, аһыы утах сыанатын, кыраныысса таһыгар барар пааспары уо.д.а. таарыйдылар.

Хомунаалынай тарыып индексацията

Быйыл тарыып үрдээһинэ урукку курдук тохсунньу 1 күнүттэн буолбакка, от ыйын 1 күнүттэн оҥоһуллар. Үрдээһин кээмэйин регион олохтоох былаастара бэйэлэрэ олохтууллар, ол эрээри регион үрдүнэн тарыыптары үрдэтии орто индексэ бырабыыталыстыба олохтообут уопсай тарыыбын куоһарыа суохтаах.
Тарыып үрдээһинэ регионнарынан атын-атын. Холобур, Москваҕа тарыып үрдээһинэ орто таһымынан бигэргэнэн турар — 11%, Петербурга — 9,8%, Москва уобалаһыгар — 10,7%, Ленинград уобалаһыгар — 10,2%.
Саамай кыра үрдээһин — Хакасияҕа (4%), саамай үрдүк  Омскай уобаласка (14%) бэлиэтэнэллэр. Дойдуга ОДьКХ сыанатын үрдээһинэ ортотунан 9,8% буолла. 
Оттон Саха сиригэр төһөнүй?
1. Ууну-хаары туһаныыга (1 м3): 
• Итии ууга – 193,50 солк./м3
• Тымныы ууга – 84,53 солк./м3
• Ууну ыытыыга (водоотведение) – 57,11 солк./м3

2. Уоту туһаныыга (1 кВт/ч):
• Күнүскү-түүҥҥү диэҥҥэ араарыллыбат тарыыпка:
- электрическэй билиитэлээххэ – 6,01 солк/кВт/ч;
- гаас билиитэлээххэ – 8,58 солк/кВт/ч.
• Күнүскү-түүҥҥү диэн арахсар тарыыпка:
- электрическэй билиитэлээххэ:
күнүскү – 6,67 солк/кВт/ч
түүҥҥү – 4,31 солк/кВт/ч.
- гаас билиитэлээххэ:
күнүскү – 9,53 солк/кВт/ч;
түүҥҥү – 6,16 солк/кВт/ч.

3. Кытаанах хомунаалынай бөх – 116,78 солк. киһиттэн.
4. Гааһынан хааччыйыы (1 м3):
• ас бэлэмнээһин, куорат – 10,886 солк./м3;
• ас бэлэмнээһин, сэлиэнньэ  –  8,941 солк./м3;
• оттуу уонна ас бэлэмнээһин,  куорат – 6,554 солк./м3;
• оттуу уонна ас бэлэмнээһин, сэлиэнньэ – 5,522 солк./м3.

Биэнсийэ үрдээһинэ

От ыйын 1 күнүттэн биэнсийэ уочараттаах үрдээһинэ биэнсийэлээхтэр сорох категорияларыгар үөрүүлээх сонун. Бу категорияҕа 80 саастарын туолар биэнсийэлээхтэр, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр, ону таһынан байыаннай биэнсийэлээхтэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ, 2022 сыл балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри РФ саҥа регионнарын — ЛНР, ДНР, Херсон уонна Запорожскай уобаластар бастайааннай олохтоохторо киирэллэр.

80 саастарын туолбут Арассыыйа олохтоохторугар олохтоммут төлөбүр кээмэйэ икки төгүл улаатыаҕа. Инники бу суума 8134,88 солк. эбит буоллаҕына, от ыйын 1 күнүттэн 80 саастарын туолбуттарга 16 269,76 солк. буолуоҕа. Онуоха туох да сайабылыанньа биэрэр наадата суох. Биэнсийэ төрөөбүт күн кэнниттэн тута индексацияланар. Ол эрээри төлөбүрдэр кэлэр ыйтан саҕаланаллар.

Бу эбиллии кырдьаҕаһынан страховой биэнсийэни ылар эрэ дьоҥҥо ананар. Инбэлииттэргэ эбэтэр иитэр киһитин сүтэрбит дьоҥҥо тарҕаммат.

Үлэлии сылдьан үлэтин тохтоппут биэнсийэлээхтэргэ үрдээһин эмиэ күүтүллэр. Биэнсийэлээх киһи үлэлиир кэмигэр сылын аайы эбиллэр индексация көрүллүбэт этэ. Билигин үлэттэн уурайбыттар биэнсийэлэрин аахтаран ылар бырааптаахтар.

Төлөбүр иһин хамыыһыйа

Госдуума үһүс, бүтэһиктээх ааҕыыга бааннарга уонна төлөбүрү ылар агентстволарга социальнай өйөбүлгэ наадыйар гражданнартан олорор дьиэ-уот, өҥө иһин төлөбүр иһин хамыыһыйаны уларытары ылынна.

ОДьКХ өҥөлөрүн иһин төлөбүрү киллэриигэ хамыыһыйа төлөбүрдэриттэн босхолоноллор: бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэннэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна бойобуой дьайыыга суорума суолламмыттар дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ, суорума суолламмыт инбэлиит бэтэрээннэр дьиэ кэргэннэрин чилиэннэрэ, инбэлииттээх гражданнар.

Хамыыһыйа уларыйыыта ОДьКХ төлөбүрүгэр эрэ буолбакка, пеня төлөбүрүгэр эмиэ сыһыаннаах.

Иэстэн тахсарга көмөлөһүөхтэрэ

От ыйын 1 күнүттэн потребительскай кирэдьииттэргэ иэстэрин уочаратынан төлүүр туһунан Федеральнай сокуон күүһүгэр киириитэ иэстээхтэргэ үчүгэй сонунунан буолар. Сокуон иэстэрин төлөөһүҥҥэ чопчу кытаанах уочараты олохтуур. Ол маннык: киллэриллибит сууматтан бастаан иэстэрин бырыһыанын сабаллар, онтон сүрүн иэһи, ол кэннэ билиҥҥи кэмҥэ бырыһыанын, онтон кэнники кэмҥэ сүрүн иэс уонна бүтэһик уочарат — пеня уонна ыстараап төлүүллэр. Бааннарга кирэдьиит дуогабарын түһэрсиигэ бу бэрээдэги уларытар бобулунна.

Саҥа бэрээдэк суобастаахтык төлүүр заемщиктарга, бааҥҥа бары эбээһинэстэрин төлүүллэригэр кыра суумалара тиийбэт буоллаҕына, иэстэрин сабалларыгар эрэл биэрэр. Баан киллэриллэр сууманы бастатан туран ыстараап уонна пеня төлүүргэ ыыппыт эбит буоллаҕына, үксүн онно эрэ тиийэрэ. Оттон сүрүн иэс ол курдук төлөммөккө хаалара, маныаха кирэдьиит ылбыт киһи сааһын тухары хабалаҕа хабыллара. Саҥа уларыйыылар маннык балаһыанньаттан тахсарга көҥүл биэрэллэр.

Чэпчэтиилээх ипотека уларыйыыта

От ыйын 1 күнүнэн сылга 8%-наах чэпчэтиилээх ипотечнай кирэдьиити биэрии бырагыраамата түмүктэннэ. Бу бырагырааманан 6 мөл. солк. диэри суумалаах кирэдьиити 30 сылга диэри 30 %-нын төлөөн ылыахха сөп этэ. Билигин оннук кыах суох буолла.

Ол эрээри от ыйын 1 күнүгэр түмүктэниэхтээх дьиэ кэргэн ипотекатын бырагыраамата өссө алта сылга — 2030 сылга диэри уһатыллан турар. Бу бырагырааманан алтатыгар диэри саастаах оҕолоох  ыал 6 % ыстаапканан кирэдьиит ылыан сөп.

Миграннарга докумуон оҥоруу

Тас дойду дьонун үлэҕэ наймылаһарга элбэх уларыйыы киирдэ. Ол иһигэр регистрациялааһын иһин төлөбүр суумата 350-тэн 420 солк. диэри улаатта. Үлэҕэ наймылаһарга үлэ биэрээччи хас биирдии киһиэхэ урукку 10 000 солк. оннугар 12 000 солк. харчыны ороскуотурар.

Оттон үлэҕэ көҥүл биэрии иһин төлөбүр 3500-тэн 4200 солк. диэри үрдээтэ. Тас дойдуттан үлэһиттэри ыҥырыы, олорор болдьохторун уһатыы сыаната барыта үрдээтэ.

Буокка ыарыыр

От ыйын 1 күнүттэн кытаанах арыгыга, ол эбэтэр 28 кыраадыстан үөһээ аһыы утахтарга саҥа сыана киирэр. Ол курдук, 0,5 лиитэрэлээх буокка сыаната 299 солк. буолар, ханньаах – 556 солк., бренди  – 403 солк. Атыы-эргиэн тэрилтэлэригэр итинтэн намыһах сыананы аныыр бобуллар.

 

Омук пааспарын оҥорторуу сыаната ыарыыр

От ыйын 1 күнүттэн гражданствоны уонна докумуоннары кытары үлэ иһин судаарыстыба түһээнин кээмэйин улаатыннарыы туһунан Федеральнай сокуон олоххо киирдэ. Сокуон быһыытынан, араас дьайыыларга госпошлина кээмэйэ улаатта: омук сиригэр тахсарга саҥа көлүөнэ пааспары биэрии сыаната 5000-тан 6000 солк. диэри улаатта, оттон 14 сааһыгар диэри оҕолорго — 2500-тан 3000 солк. диэри.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...