Хомунаалынай өҥө ороскуотун хайдах толуйтарыахха сөбүй?
Дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр эбэтэр соҕотоҕун олорор киһи хомунаалынай өҥөлөрүн төлөбүрүгэр ороскуота олохтоммут нормативтан элбэх буоллаҕына субсидия оҥорторуон сөп.
Квитанцияларынан көрөн, 100%-ҥа диэри компенсация оҥорторуохха сөп.
Ким субсидияҕа хапсар бырааптааҕый?
бас билээччи;
олох-дьаһах кооперативтарын чилиэннэрэ;
судаарыстыбаннай пуондаттан дьиэни-уоту туһанааччылар.
Усулуобуйата
бу дьиэҕэ бастайааннай регистрация;
дьиэ иэнэ регионнааҕы нормативтан ордуга суох;
хомунаалынай өҥө ороскуота региональнай стандартан элбэх буолуохтаах. Федеральнай норматив — 22%;
хомунаалынай өҥө төлөбүрүгэр кэнники үс сылга иэс суох буолуохтаах.
Ааҕан таһаарыы
Хомунаалынай өҥө ороскуотун ааҕыыга дьиэ кэргэн бары чилиэннэрин дохуота учуоттанар, оннооҕор туспа олорооччулар дохуоттара учуоттанар:
кэргэнниилэр;
сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор төрөппүттэрэ;
18 сааһыгар диэри оҕо дохуота.
Манна хамнас, элимиэн, оҕолор босуобуйалара, бизнестэн дохуот, судаарыстыба көрөр материальнай көмөтө эмиэ ааҕыллар.
Болдьоҕо
6 ый. Онтон уһатыахха наада. Компенсация төлөбүрэ ый аайы түһэр. Бастаан квитанцияларынан төлөөҥ, ол кэнниттэн ыйыллыбыт реквизиттэргэ төлөбүрү ылыаххыт.
Ханна оҥорторуохха сөбүй?
“Мин докумуоннарым” кииҥҥэ, социальнай көмүскэл уорганыгар, олорор дьиэ субсидиятын киинигэр эбэтэр сайабылыанньаҕытын судаарыстыбаннай өҥөлөр регионнааҕы порталларын нөҥүө биэриҥ.