25.04.2021 | 09:58

Холобур буолар олох

Холобур буолар олох
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Кристина Васильевна оскуолаттан кэлээт, калиткатын таһынааҕы почтатын дьааһыгын өҥөйөн көрдө да, сурук эмиэ мэлигир. Хата, оройуон хаһыатын кытта «Саха сирэ» хас да нүөмэрдэрэ кэлбит. Кинилэр нэһилиэктэрэ суола куһаҕан, кытыы сытар буолан, почталарын ый баһыгар-атаҕар эрэ аҕалаллар. Онон, киэhэтин тото-хана аһаан, үлэни-хамнаһы бүтэрэн баран, дьыбааҥҥа тиэрэ түһэ сытан хаһыаты нэдиэлэни быһа илдьирийиэр диэри ааҕаллар. Биллэн турар, сонуну барыта сойбутун, буолар буолбутун кэннэ эрэ билэллэр. 
Кристина дьаалатынан киирээт да, сонун биэсэлкэҕэ ыйаан баран, көннөрү арыылаах килиэби кытта итии хара чэй истэ. Кини күнүскү аһылыга манан бүтэрин тэҥэ. Ол оннугар киэhэ аайы күөс буһарынар. Кини маннык олорбута сылтан орто. Собус-соҕотоҕун, бэйэтэ-бэйэтигэр. Сылтан ордук биир киһини күүтэн, кэтэһэн аҥаара эрэ хаалла. Дьон ыйыталаhaн да, кэлин сэрэнэн саҥарар буоллулар. Кини кэлиэх буолбута эбээт, хайаан да кэлиэх буолбута... “Кэтэс, сурук суруйуом, кэлэрбин биллэриэм, эн онно миигин толору астаах остуоллаах, хайаан да итии мииннээх тоһуйаар. Бука, киэhээҥҥи аһылыкка киирэн кэлэрим буолуо”, - диэбитэ. Мэлигир. Дьиэ иһиллээбит курдук уу чуумпу, кубус-кураанах. Тымныы орон, тымныы дьиэ, таһырдьа эмиэ тымныы. Оттор мас да аҕыйаата. Арай оскуолата коммунальнай диэн тиэйэн аҕалар маһа, тыраахтардара алдьанан, эмиэ хойутаата. Кристина дьиэм тоҥмотун эрэ диэн оттубута буолар. Мас хайытарыгар сэниэтэ баранна. Үөрэтэр оҕолоро кэлэн көмөлөһөллөр даҕаны, наһаа соруйсубат. Ол аныгы оҕолор, урукку курдук, тимуровскай көмө эҥин диэни билбэттэр.
Уоппускатын харчытыгар идэһэ аҥаарын атыыласпыта, онтун харыстаан сии сылдьар. Санаатыгар, кини бу киирэн кэлиэ диэн кэтэһэр да, кэнникинэн сылайан барда. Суох, кини албынныа суохтаах этэ. Хайаан бастакы тапталын, Тииҥкэтин, баар-суох кып-кыра Тииҥчээнин умнуой, сир халлаан икки ардыгар быраҕыай?
Тииҥкэлээх Сарыал өссө оскуолаҕа сылдьан доҕордоспуттара. Ол саҕана Тина дьоно Сарыал олорор дэриэбинэтигэр сопхуоска үлэҕэ ананан кэлбиттэрэ. Ийэтэ экэнэмиис, аҕата зоотехник этилэр. Кинилэр Сарыал дьонун кытары дьукаахтыы олорбуттара, биир уопсайга. Тина аан бастаан бөһүөлэккэ билбит киһитэ Сарыал этэ. Уол, аата да этэринии, сарсыардааҥҥы сарыал курдук сырдыгынан сыдьаайар дьүһүннээҕэ, харахтыын, баттахтыын барыта сып-сырдык этэ. Ол эрэн, улаатан, эт тутан истэҕин аайы, баттаҕа син харааран, бэйэтэ сирилийэн-борулуйан барбыта. Оҕолор бастаан утаа убайдаах балыс курдук сыһыаннаахтара, кэлин улаатан истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэригэр туох эрэ биллибэт иэйии уйаламмыта биллибитэ. Сарыал Тииҥкэтэ суох ханна да сылдьыбата, уруок да аахпата, оҕолор күлэллэрин, дьээбэлэрин тулуйара.
Тииҥкэ бастаан кыбыстар этэ, кэлин Сарыал кинини элбэхтэ араас тылтан-өстөн, кыргыттар да күлүүлэриттэн быыһаабытын иһин, эмиэ туохха да кыһаммат буолбута. Маҥан баанчыктаах, фартуктаах кыыһы бэлисипиэтигэр олордон баран оскуолаҕа бараллара, кэлэллэрэ. Учууталлар наһаа маннык аһаҕастык сылдьымаҥ диэн сэрэтэллэрэ. Төрөппүттэрин хаста да ыҥыран кэпсэтэ сылдьыбыттара. Суох, таптал кутаа уотугар умайбыт оҕолор онно эрэ кыһамматахтара. Биир да күн кыыhырсыбакка, тэйсибэккэ куруутун бииргэ сылдьаллара, киинэҕэ буоллун, биэчэргэ буоллун, сиэттиспитинэн кэлэллэрэ. Кэлин оҕолор да, учууталлар да кыһаммат буолбуттара. Хата, ордугургуу, ымсыыра көрөллөрө. Кинилэр тапталлара, доҕордоһуулара атыттарга холобур буолара. Сарыал тапталыгар анаан хоһоон хоһуйар буолбута, Тииҥкэтин Тииҥчээнтэн атыннык ааттаабата, кинини ууруохтааҕар, сыллыахтааҕар, ытыһын эрэ сып-сылаастык тутан сиэтэн кэбиһэрэ. Ол буолара, кини тапталыгар билиниитэ, тапталын харыстыыра. Оскуоланы бүтэрээт, иккиэн тутуспутунан сопхуоска үлэлии хаалбыттара, онтон Сарыал аармыйаҕа, Тииҥкэ СГУ-га үөрэххэ киирбитэ. Икки сыл сурук суруйсан, тапталларын туойсан биллибэккэ ааспыта. Уол кэлээт да, кыыһыгар чугас сылдьаары, кинини кытары тэҥҥэ үлэһит буолаары, орто үөрэххэ туттарсан киирбитэ. Ол курдук үөрэхтэрин тэҥҥэ бүтэрэн, хоту сытар кытыы нэһилиэккэ ананан үлэлии барбыттара. Дойдуларыгар тахсан улахан уруу тэрийэн, дьоннорун-сэргэлэрин үөрдэн, ол күһүнүгэр олохтоох миэстэлэрин булбуттара.
Биир дьоллоох сыл биллибэккэ ааспыта. Тииҥкэ оскуолаҕа биология предметин биэрэрэ, Сарыал охотоведынан үлэтин саҕалаабыта. Учаастактарга сылдьан тирии тутара, сотору-сотору Дьокуускайга командировкаҕа барара, булчуттары ботуруонунан, таҥаһынан-сабынан хааччыйара.
Биир үтүө күн, аам-даам ахсынньы тымныытыгар Сарыал маннык сонуннаах кэлбитэ:
– Тииҥчээниэм, миигин командировкаҕа ыытар буоллулар. Биир оройуоҥҥа дуогабарынан үлэлии бар диэтилэр. Булчуттар дэлби балыйтарбыттар, тириилэрин куораттан кэлэн сыана аҥаарыгар эрэ атыылаһан бараллар үһү, ону тиийэн орун-оннугар түһэр, бэрэбиэркэтэ оҥор дииллэр.
Тииҥкэтэ киһитэ командировкаҕа сылдьа үөрэммититтэн дуу, улаханнык кыһамматаҕа. 
– Оттон барар буоллаҕыҥ дии, хайытыллыбыт маһын бүтүөр диэри кэлэр инигин? – диэн баран мип-минньигэстик көрөн кэбиспитэ.
– Оҕом сыыһа, сыл тахсар маскын барытын бэлэмниэм, миигин биир сылга ыыталлар эбээт. Эһиил баччаларга эрэ кэлэрим буолуо, – диэн баран буруйдаах курдук тутунна.
-– Аата,  уһунун, тоҕо атын киһини ыыппаттар, оттон мин хайдах соҕотоҕун манна хаалабын, – диэт, санна ыгдаҥнаан барбыта. 
– Чэ, Тииҥчээним, баһаалыста, ытаама, оннооҕор аармыйаттан кэтэспитиҥ дии, мин эйиэхэ күн аайы сурук суруйуом, кэлэрбин хайаан да биллэриэм, эн мин сөбүлүүр мииммин астаан тоһуйуоҥ дии. Хата, бэлэмнэниэх, таҥаспын-саппын дьаһаныах. Күн сарсын айаннаа диэтилэр. 
Тииҥкэ аат харата киһитин таҥаһын бэлэмнээн, хайдах эрэ сүрэҕэ тугу эрэ сэрэйэрдии күүскэ тэбэн, түүнү супту утуйбакка сыппыта. Сарсыарда иккиэн сыллаһан-уураһан арахсыбыттара.
Онтон ыла Сарыалын кэтэһэртэн кэһэйэн барда. Сайын да дойдутугар барбатаҕа, баҕар, киһибин эрдэ ыытаннар, тиийэн кэлиэ 
диэн. Тоҕо эрэ сурук кэлбэтэҕэ үс ыйтан орто. Хонтуораҕа тиийэн ыйыталаһан көрөр да, сибээс суох, ханна эрэ ыстаадаҕа дуу, үүтээҥҥэ дуу олороро буолуо дииллэр. Ол суол суох дойдута, тибии түстэҕинэ ыйы-ыйдаан да хаайтарыахтарын сөп диэн “уоскуталлар”. Кэлиэхтээх кэмин икки ый ааста. Сурук да, сурах да мэлигир. Дьонугар куттанан биллэрбэт. Аны манна тигинээн кэлиэхтэрэ диэн кырдьаҕастары аhынар. Бэйэтэ нэһиилэ салбыҥнаан сылдьар, аһыыр aha ac буолбат, кэлин утуйара да аҕыйаан барда. Кыратык нуктаары гынна да, кимэ биллибэт хара күлүк кэлэн кинини тардыалыыр, туох эрэ көмөҕө ыҥырар курдук. Онтон дэлби куттанан, тиритэн, cohуйан уhуктан кэлэр да, салгыы утуйар кыаҕа мэлийэн хаалар.
Бииргэ үлэлиир дьүөгэлэрэ араастаан аралдьыта, биһиэхэ кэлэн олор дии сатыыллар да, харыс да сири халбарыйбакка Сарыалын эрэ кэтэһэр. Хата оскуолаҕа баран оҕолору көрөн аралдьыйар, бу балаһыанньам үлэбэр эрэ дьайбатар диэн күүһүн баҕатынан сылдьаахтыыр.
Киэһээҥҥи күөһүн буһаран, кэлбит хаһыаттары көрө сытта. Дьиэтэ тоҥ хаһаа буолбут, этэрбэһин устубакка сылдьар, баран оһоҕун булкуйан, чоҕо бараммытын көрөн сабан кэбистэ. Дьэ, уоскуйан бастаан олохтоох хаһыаты, онтон “Саха сирэ” нүөмэрдэрин биир-биир арыйталыы олорон эмискэ сүрэҕэ тохтоон ыларга дылы гынна. Хаһыат кэлин балаһатыгар “Билэргит буолаарай?” диэн ааттаах ыстатыйаҕа арай, кини Сарыалын туһунан суруйбуттар. Булчуттар ыстаадаларын кэрийэ сылдьан, тибиигэ түбэһэн, ахсынньы тымныытыгар “Бураана” алдьанан сатыы сүүрбэ көһү айаннаабыт. Илиитин, атаҕын да үлүттэр, сыыллан син үүтээни булбут. Билигин ыарахан туруктаах балыыһаҕа сытар, атаҕа быһыллыбыт, илиитин тарбахтара ууллубуттар. Ол да буоллар олох олорор инниттэн, санаатын түһэрбэккэ, хас күн аайы бэттэх кэлэн иhэр, туох да докумуона суох буолан, аата-суола биллибэт, бэйэтэ өйө-төйө суох куорат балыыһатыгар сытар диэн биир корреспондент суруйбут. Тииҥкэ маны ааҕаат да, хараҕа хараҥаран ылла, баҕар, атын киһини суруйбуттара буолаарай диэн хат-хат аахта. Суох, ити кини Сарыала буолуохтаах. Хайдах үлэлиир тэрилтэтэ көрдөөбөтөҕүй, ханна да биллэрбэтэҕий диэн ол толкуйугар түстэ.
Биэсэлкэттэн сонун сулбу тардаат, бэрэссэдээтэл олорор дьиэтин диэки сүүрдэ. Тиийэн хаһыаты тэлимнэппитинэн, бу хайаан да мин Сарыалым буолуохтаах диэн, массыына көрдөстө. Бэрэссэдээтэл ыстатыйаны ааҕан баран, баҕар, атын киһи буолуо диэн көрдө да, Кристина иннин биэрбэтэ. «Уоппуската биэриҥ, мин Дьокуускайга күн сарсын барабын», – диэтэ.
Сарсыныгар дьиэтин-уотун тоҥорон, хатаан, оскуолатыгар бирикээс таһаартаран баран, Дьокуускайга көттө. Тиийээт, тута балыыһаҕа айаннаата. Санаатыгар, бу оптуобуһа бытаанын, хас тохтобул аайы, ыксаабыт санаатыгар чаас аҥаардыыта турар. Кэмниэ-кэнэҕэс балыыһаҕа тиийэн, тута бырааһы булла. Быраас тугун-ханныгын билэн баран, реанимацияттан бүгүн таһаардыбыт, өйүгэр дьэ киирдэ, тоҕо эрэ «Тииҥчээн да Тииҥчээн», – диэн ыҥырар диэтэ. Тина ону истээт, ол аата мин Сарыалым буоллаҕа диэн, палаатаны ыйдаран онно тиийдэ. Муус маҥан бырастыына, суорҕан быыһыгар, арай кини Сарыала сып-сырдыгынан дьиэ өһүөтүн одуулаһа сытаахтыыр эбит. Тииҥкэ, киһитин көрөөт да, үрдүгэр саба түһэн уйа-хайа суох ытаабытынан барда. «Оҕом сыыһа, тапталлааҕым, сарсыардааҥҥы Сарыалым, тоҕо, тоҕо манныгый?», – диэн тохтоло суох киһитин сыллыы-ууруу сытта. Сарыал барыта биинтэ илиитинэн Тииҥчээнин имэрийэ, биир кэм хатырбыт уостара тугу эрэ ботугуруу, хараҕын уута быыстала суох сүүрэн барда. «Аны хаһан да, хаһан да эн биһи арахсыахпыт суоҕа, эйигин ханна да хаалларыам, быраҕыам суоҕа», – диэн Тина андаҕайан киһитин хатырбыт уоһуттан ууруу сытта.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...