21.02.2021 | 12:10 | Просмотров: 508

Хоһоону түргэнник үөрэтэбит

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сорох оҕо хоһоону бэрт түргэнник өйүгэр хатыыр. Өссө хас да айымньыны нойосуус билиэн, хааһахтан хостуур курдук этиэн сөп. Бу дьарык олус туһалаах, өйгөр тутар дьоҕургун сайыннарар, ойуулаан көрөр талааҥҥын арыйар, тыл саппааһын байытар.  Онон хоһоону оҕолуун-улаханныын – бука бары үөрэтиэхтээхпит.

Сорох үөрэнээччи, хас да строканы биирдэ аахтаҕына, өйүгэр тута хатыан сөп. Оттон ким эрэ нойосуус үөрэтэ сатаан уһун күнүн барыа. Ол аата хас биирдии киһи өйүгэр тутар дьоҕура ураты.    

Хоһоону, ханнык баҕарар тиэкиһи түргэнник уонна судургутук үөрэтэргэ анал эрчиллиилэр бааллар эбит. Дьэ, эрэ, саҕалыахха.

Бастаан үөрэтиэхтээх тиэкискэр билбэт тылларгын бэлиэтээ, суолталарын тылдьыттан, баҕар, Гуглтан булан аах. Оҕо хоһоон ис хоһоонун өйдүөхтээх.  

Хоһоон хас биирдии строкатыгар өйгөр туох эрэ дьүөрэлэһэр ситимнэри толкуйдаа. Холобур, күн чаҕылыччы тыгарын туһунан айымньы буоллаҕына, оннук былыта суох халлааны хараххар ойуулаа. Ити курдук, хонууга сибэкки үүнэн турарын, чыычаах ыллыырын, о.д.а. хартыынаны кытта ситимнээ.

Хоһоону уһул. Төһө да уһун буоллун, сүрэҕэлдьээмэ. Суруйа олорон хас биирдии тылын дорҕоонноохтук аах. Бүттэххинэ, ол лиискин көрөн үөрэт. Киһи бэйэтэ суруйбутун ордук түргэнник ылынар.

Хоһоону хас да түһүмэххэ араар. Баҕар, биирдии строка, баҕар, онтон уһун буоллун. Бэйэҥ хайдах саныыргынан. Ол араарбыт түһүмэхтэргинэн үөрэт. Бастаан биири бил, онтон иккискэ бар. Ол аайы инники түһүмэхтэргин хатылаан ис.

Өйгөр түспэт уустук тыллары лиискэ улахан гына суруй. 

Ити курдук, бу судургу эрчиллиилэри, сүбэлэри туһаннаххына, хайа да бэйэлээх уһун хоһоону түргэнник үөрэтиэҥ.

Ситиһиилэри!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...