12.12.2023 | 12:30

ХИФУ преподавателэ Национальнай бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла

Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр «Арассыыйа» быыстапка-форумҥа «Патриот-2023» Национальнай бириэмийэ туттарыыта буолла.
ХИФУ преподавателэ Национальнай бириэмийэ кыайыылааҕынан буолла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 «Патриот-2023» Национальнай бириэмийэ Арассыыйа иһигэр уонна тас өттүгэр гражданскай-патриотическай иитиигэ сүҥкэн кылааты киллэрии иһин бэриллэр. Бириэмийэ «Арассыыйа үгэс буолбут духуобунай, сиэр-майгы өттүнэн сыаннастарын харыстааһын уонна бөҕөргөтүү» номинация кыайыылааҕынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет преподавателэ Дмитрий Жирков буолла.

Быйыл бириэмийэҕэ кыттарга 2125 сайаапка киирдэ, номинаннарынан 87 киһи уонна тэрилтэ буолла, түмүккэ баара-суоҕа 29 кыттааччы лауреат аатын сүктэ. Филологическай факультет преподавателэ Дмитрий Жирков «Популяризация и продвижение русского языка» хос номинацияҕа кыайда.

«Судаарыстыбыннай таһымҥа билиниини ылбыппыттан үөрэбин. Ити үрдэли баһылааһын уустук, ол эрэн үтүө түмүктээх үлэнэн буолла», – диэн санаатын үллэһиннэ «Русская литература XX века и теория литературы» кафедра преподавателэ Дмитрий Жирков.

«Аҕа дойду литературатын уонна нуучча тылын үөрэтии – үүнэр көлүөнэни патриотизм тыыныгар иитии биир сүрүн тосхоло. Научнай-сырдатар тэрээһиннэр көмөлөрүнэн Дмитрий Жирков ыччакка нуучча тылын баайын тиэрдэр» – диэн бириэмийэ туттарыытыгар этилиннэ.

Итини сэргэ, Дмитрий Жирков үөрэнээччилэрин хамаандатын кытта литература туһунан видео-, теле-, киинэбырайыактары оҥороро дьоһун суолталааҕа бэлиэтэннэ. Бүгүҥҥү кэмҥэ преподаватель бэйэтин эйгэтигэр улаханнык ытыктанар, Арассыыйа педагогтарыгар научнай-методическай таһымҥа лекциялары ааҕар уонна маастар-кылаастары ыытар.

Тэрээһин кыттыылаахтарын Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эҕэрдэлээтэ: «Эһиги сиэр-майгы, патриотизм уонна гражданственность сыаннастарыгар олоҕуран үүнэр көлүөнэни иитэҕит. Күүскүтүн-уоххутун устуоруйабыт дьоруойдуу кэмнэрин туһунан өйдөбүлү, баай култуурунай, духуобунай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа туһаайаҕыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ эһиги үөрэтэр-сырдатар үлэҕит хаһааҥҥытааҕар даҕаны наадалаах диэн бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын».

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...