02.11.2022 | 12:00

ХИФУ педагогтары саҥа таһымҥа бэлэмниир

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Москватааҕы педагогическай судаарыстыбаннай университеты кытта педагогтары бэлэмниир туһунан сөбүлэҥи түһэристэ диэн иһитиннэрдэ ХИФУ пресс-сулууспата.
ХИФУ педагогтары саҥа таһымҥа бэлэмниир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Устудьуоннарбыт биэс гыммыт биирдэрэ – кэнэҕэски педагогтар, биллэн турар, үрдүк квалификациялаах педагогическай каадырдары бэлэмниир дойду биир бастыҥ үрдүк үөрэх кыһатын кытта бииргэ үлэлиирбит дьоһун суолталаах», – диэтэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев.

Москватааҕы педагогическай судаарыстыбаннай университет ректора Алексей Лубков бэлиэтээбитинэн, икки үрдүк үөрэх кыһата баай уопуттаах уонна министиэристибэлэртэн өйөбүллээх.

«Саҥа партнердарбыт кэккэтэ кэҥээн иһэр, биирдэстэринэн Саха сирин үрдүк үөрэҕин сүрүн кыһата буолбута дьоһун суолталаах. Бу принципиальнай сөбүлэҥ, тоҕо диэтэххэ ХИФУ – Педагогическай үөрэхтээһин сайдыытын ассоциациятын кыттыылааҕа. Стратегическай соруктары быһаарарга үрдүк үөрэх кыһалара бэйэ-бэйэлэрин өйөөһүннэрин кэмэ кэллэ», – диэн Алексей Лубков санаатын үллэһиннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...