23.10.2023 | 10:00

ХИФУ бэстибээлигэр 10 тыһыынча киһи сырытта

Алтынньы 21 күнүгэр «Триумф» спорт киинигэр ыытыллыбыт ХИФУ «НАУКА 0+» тохсус бэстибээлигэр 10 тыһыынча киһи сырытта диэн университет пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
ХИФУ бэстибээлигэр 10 тыһыынча киһи сырытта
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу иннинэ ыытыллыбыт «Учуонайдар – оскуолаларга» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа чэрчитинэн 3 000 үөрэнээччи кытынна, 112 лекция ааҕылынна, итинтэн 44-дэ – ХИФУ преподавателлэринэн.

Быйылгы бэстибээлгэ 132 балаһаакка үлэлээтэ – быыстапкалар, маастар-кылаастар, регион үрдүк үөрэҕин кыһаларын уонна научнай тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрин интерактивнай тэрээһиннэрэ.

Бэстибээл бастыҥ экспозициялары уонна быыстапкалары наҕараадалааһынынан түмүктэннэ. Бастакы миэстэ Biomed Polygon ХИФУ технологическэй конференциятын экспозициятыгар уонна Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтут балаһааккатыгар тигистэ. Иккис миэстэҕэ – АГАТУ уонна АГИКИ бэрэстэбиитэллэрэ. III-с степеннээх дипломунан Музыка үрдүкү оскуолата уонна Дьокуускай куораттааҕы лицей наҕараадаланнылар.

Манна даҕатан эттэххэ, Саха сирэ научнай бэстибээл хамсааһыныгар ХИФУ көҕүлээһининэн 2013 сылтан кыттар. Ити сыллар тухары университет – бэстибээл регионнааҕы оператора.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...