08.02.2021 | 14:01

Хайа тааһын алдьатыма, үлтүрүтүмэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн ыраах хоту дойду олохтооҕо бэйэтин көрүүлэрин  хаһыаппыт ааҕааччыларыгар тиэрдиэҕэ. Мин кинини кытта кэпсэтииттэн элбэҕи биллим, өбүгэбит үгэһин сорох өрүтүн билбэппиттэн кыратык сонньуйдум.

Кыыдаанахоту улуус олохтооҕо. Мин кинини кытта алтыспытым үһүс сылыгар барда. Анастасияныхаама сылдьар сир түннүгүнэн”” ааттыам этэ. Оннук билэрэ-көрөрө элбэҕин сөҕөбүн. Үгэстэр үйэни уҥуордаан араастаан тупсарыллан, эбиллэн бу үйэҕэ тиийэн кэллилэр. Онтон сирдэтэн бэйэҕэр сөп түбэһэри сиидэлээн туттарыҥ сөп. Хайаан да маннык диэн буолбакка, орто сүрүнүн тутуһуҥ диэн тураммыт кэпсэтиигэ киирэбит.

Кыыдаана, үтүө күнүнэн! Кэпсэтиибит аана аһылыннаҕа буоллун. Инники кэскилбит оҕолор буоллахтара.

Оччотооҕу төрөппүттэр кыра оҕону сиэри тутуһарга, куһаҕан быһыыны оҥорбот гына кыратыттан буойаллара, сыыһатын көннөрөллөрө. Онно этэр тыллара биир буолара, «аньыы, куһаҕаны саҥарыма, аньыы, итинник гыныма» диэн. Ийэлэр кыыс оҕо иистэнэрин, сабын төһө сөпкө угарын кыраҕытык кэтииллэрэ. «Иннэҕэр сапкын кылгас гына ук, төрүүргэр уһуннук талыыланыаҥ» дииллэрэ. Оҕо “талыы”, “төрүүр” диэн тыллар суолталарын билбэтэр да, уһун сабы эриллэ сылдьарын сөбүлээбэккэ, кэлин бэйэтэ кылгас сабынан иистэнэрэ. Тугу эмэ аан таһыттан утары уунан биэрии эмиэ суолтата туһунан. Эбэтэр дьиэҕэ киирбэккэ эрэ, ааны аһан туран төбөнү быктаран туран, кими эрэ тиэтэтэр түктэри быһыы. Ол аата дьиэлээхтэр сүөһүлэрэ эбэтэр ыраах олорор аймахтара төрүүллэригэр моһуогураллар, ньирэй кыбыттар кыайан төрөппөккө иккиэн да өлүөхтэрин сөп. Билигин дьахтар барыта курдаттыы оҕолонор буолан, итини ким да тутуспат да, билбэт да.

–Саха омук сүөһүнэн айаҕын ииттэр. Туох сиэр-туом баарый?

– Билигин кырдьаҕас дьон сүөһү көрүүтүн кыайбакка, сүөһүлэрин эһэн эрэллэр. Эдэрдэр сүөһүнү атыылаһаллар. Атыылыыр, биэрэр киһи сүөһүтүн сарсыарда уулатан, аһатан бэлэмниэхтээх. Саҥа хаһаайын сүөһүнү бэйэтэ аҕалбыт быатынан баайан сымнаҕастык имэрийэн-томоруйан, кэпсэтэн илдьиэхтээх. Биэрэр хаһаайын сүөһүтүн кутуругар кыра от баайыахтаах, үүттүгэннээх, сымнаҕас майгылаах сүөһү төрдө буолаар диэн алгыахтаах. Саҥа кэлбит сүөһүнү хотоҥҥо үргүлдьү киллэриллэр уонна хотон миинньигинэн сиһин ороҕунан хаста да имэрийэллэр эбэтэр эрдэ бэлэмнэммит баһылык (вожак) сүөһү иигинэн самыытын кичэйэн сотоллор. Оччоҕо саҥа кэлбит сүөһүнү олохтоох сүөһүлэр сытырҕалаан баран бэйэлэрин хотоннорун, ииктэрин сыта баар буоллаҕына, атыҥыраабаттар, кэйбэттэр, түргэнник үөрдүһэллэр. Сүөһүлэр үөрдэриттэн быстыбатыннар диэн, саас мэччирэҥҥэ ыытыах иннинэ барыларын тараан баран, ол түүлэрин холбоон, эрийэн, түү мээчик оҥорон, хотон сэбиргэнэтигэр кыбытан кэбиһэллэр уонна ону тыыппаттар. Оччоҕо сүөһү күһүн хотоҥҥо киириэр диэри үөрүттэн туспа барбат.

Айан аартыгар сиэри-туому тутуһууну саха киһитэ барыта билэр.

– Ыраах айаҥҥа аттаныаҥ иннинэ иистэниллибэт, тимэх тигиллибэт, айаҥҥар табыллыбаккын, эрэйдэнэҕин. Ол аата массыынаҥ суолга моһуоктуур, алдьанар эбэтэр көтүөхтээх кэмҥэр кыайан көппөккүн, тардыллаҕын. Ыраах айаҥҥа дьоҥҥун атааран баран дьиэҕин сууйбаккын, харбаабаккын. Тоҕо диэтэххэ, бу дьиэттэн букатын бар диэн суолталаах. Ол сиэр кэһилиннэҕинэ, барбыт киһи үгүс эрэйгэ, оһолго түбэһэр.

Уһун айаҥҥа аартыктарга тохтоон ас бэрсэн ааһыллыахтаах. Үөн- көйүүр сиирин курдук, аһы барытын бытарыта ууруллуохтаах. Эн бэрсэр аскыттан, айылҕа көтөрө матыа суохтаах.

–Хайалаах сиргэ туох сиэр-туом баарый?

– Хайа тааһын алдьатыа, үлтүрүтүө суохтааххын. Тааһы тааска охсон алдьаттыҥ да, хайа иччитэ кыыһыран, сайын улахан этиҥнээх ардах түһэр, кыһын уһун буурҕа түһэр.

–Саха итэҕэлигэр тус көрүүлэргин сэгэтиэҥ дуу...

– Онно сыһыары тутан эттэххэ, сорох төрөппүт оҕотун саамай суолталаах кэмигэр халы-мааргы сыһыаннаһар. Ол кэнники өттүгэр эдэр киһи олоҕор охсуута улахан буолар эбит. Биир түгэни кэпсиим. Билэр дьахтарым оскуоланы бүтэрэр уола выпускной баалга кэтиэхтээх көстүүмүн кытайдартан атыыласпыт. Киһи дьиктиргиэх, ол көстүүмэ биир да тимэҕэ суох эбит. Урутаан эттэххэ, кытайдар бу көстүүмү  бокуонньукка кэтэрдэр таҥастара буоларын кэлин истибиппит. Уола көстүүмэ тимэҕэ суоҕун көрөн баран кыыһырбытыгар, ийэтэ күл да күл буолбут. Ол уол эрэйдээх уһуннук олорботоҕо. Кэргэннэнэн, икки оҕолонон баран күн сириттэн күрэммитэ.

Аны улахан бырааһынньыкка, ханнык баҕарар тэрээһиҥҥэ анаан иһит муҥунан алаадьы буһарары олох аньыыргыыбын. Выпускной баал аһын төрөппүттэр үллэстэн астыылларыгар билэр дьахтарым «мин алаадьы астаан аҕалыам» диэн тылланан, бүтүн таас муҥунан алаадьы буһаран аҕалбыта. Уола барахсан выпускной баалын кэнниттэн, аҕыйах хонон баран, балыктыы сылдьан ууга хомолтолоохтук былдьаммыта. Аны бииргэ үлэлиир кэллиэгэм Учуутал сылыгар аналлаах баалга биир миискэ алаадьы буһаран аҕалбыта. Ону мин наһаа соһуйа,  испэр дьаархана көрбүтүм. Ол кэллиэгэбит кэргэнэ сайын кустуу сылдьан эмиэ ууга түһэн орто дойду олоҕуттан барбыта. Онон итинник тэрээһиннэргэ болҕомтолоох буолуохха наада.

–Аныгы технология күүскэ сайдан, омуннаабакка эттэххэ, оҕо биир сааһын туолаатын кытта, төрөппүттэр оҕолоругар суотабай биэрэн аралдьыталлар. Эн көрүүҥ.

–Билигин эдэр ыаллар биир да сааһын туола илик оҕолоругар суотабай төлөпүөн туттаран, онон саататаллар. Ол сайдыы буолбатах. Кыра оҕо бэйэтин сааһыгар сөптөөх оонньуута дэлэй, ону төрөппүт эмиэ сатаан тала үөрэниэхтээх. Кыра киһи сөбүлүүр оонньуутун бэйэтэ булар. Ол иһин кытаанах, сымнаҕас, итии-тымныы диэн илиитинэн тутан-хабан быһаарар. Саҥа сыыллар, олорор кэмигэр оҕону кытта тэҥҥэ олорон, кыра оонньуурдарынан саататар, оонньотор буоллахха, оҕо дуоһуйууну ылар. Холобур, араас мээчиктэри төкүнүтэ оонньуур, сымнаҕас оонньууну үөһэ бырахтара үөрэтии, оҕо тарбаҕын быччыҥнара сайдар.

Манна оҕону кытта ийэтэ, аҕата тэҥҥэ оонньоотохторуна, биир ситимнээх, сылаас эйгэ үөскүүр. Эбэ, эһэ эмиэ кыра киһини таптаан саҥарда, хаамтара үөрэтэллэрэ быдан ордук. Аҥаардас төлөпүөнүнэн саатаммыт оҕо биир саастыылаахтарын кытта уопсай тылы сатаан булбат. Оттон айылҕа туһунан өйдөбүлэ татым буолар.

–Арыгы абааһыта диэн баар дуо?

– Арыгы буортутун туһунан элбэхтик суруллар, ону бары истэн, ааҕан өйдүүбүт. Билигин арыгы маҕаһыыннара туспа алкомаркет буолбуттара сөптөөх. Арыгы бэйэтэ туспа абааһылаах.  Ону устар анал эмчиттэр бааллар. Кинилэр ол абааһы киһиэхэ хайдах иҥпитин билэн, этэн, көмөлөһөн биэриэхтэрин сөп.

–Сааһыттан тутулуга суох, айылҕаҕа көтүмэхтик сыһыаннаһыы баар.

–Эдэр дьон айылҕаҕа көтүмэхтик сыһыаннаһан, ол айылҕа иэстэһиитигэр түбэһэллэр.  Бу киһи сыыһатын билинэн, айылҕаҕа туох эрэ үтүөнү оҥордоҕуна, сыыйа көнөр. Манна үгүстүк тимир көлөнөн оту-маһы үлтү көтүтэр дьонтон айылҕа оннук иэстэһэр эбэтэр ыарыы буолаллар. Холобура, мин билэр тырахтарыыс киһим,  сиэри-туому билбэтиттэн, онно суолта уурбакка, оттуу сылдьан көлөтүн былыргы көмүү үрдүгэр туруорара. Биллэн турар, киниэхэ  санаабытын этэр этибит, истибэт этэ. Ол курдук уонча сыл оттообута, тыраахтарын онно туруорарын тохтоппотоҕо. Кэлин арыгы иһэр буолан, арыгытын элбэхтэ эмтэппитэ да, өр буолбатаҕа. Ааспыт сыл күһүнүгэр арыгы иһэн баран, тыаҕа мас тиэйэ сылдьан, тоҥон өлбүтэ.  Ол барыта сэт-сэлээн диэн буолара буолуо.

–Хойох хостоһуу, ымсыырыы, ордук санааһын киһиэхэ дьайыыта хайдаҕый?

–Дьэ, итинник сиэр-майгы сатарыйыыта биһиги омукка баар. Тоҕо эбитэ буолла, урут ким эрэ ситиһиилэннэҕинэ, үчүгэй сурахха дьон бары ис иһиттэн үөрэрэ. Оо, барахсан, дьэ киһи киһитэ буолбут диэн буолара. Билигин саха киһитэ тугу да суолталаабат буолла. Ээ, чэ, ол кини тугу гыммытыгар диэн ким эрэ хайҕаннаҕына ордук санаан, абааһы көрөн, утуйар ууларын умналлар.  Төлөпүөннэрин үрдүгэр түһэн, киһиэхэ барытыгар эрийэн, ол  куһаҕан санааларын таһаарыналлар. Оттон бу истэр киһиҥ эмиэ сылайар. Эмиэ эрийэн эрэр, туох ааттаах буоллуҥ, истэн кэбис да, бүттэҕэ дии диэн этэр. Бу биир киһи ордук санаабытыттан чугас дьоно эрэйдэнэллэр, дабылыанньалара тахсар, ыарытыйаллар. Ордук санааһынтан чараас эйгэлээх киһи наһаа оҕустарар эбэтэр сымыйанан хайҕаан дьону куһаҕаҥҥа тэбэр дьон эмиэ баар буолаллар. Ордук култуура эйгэтигэр итинник көстүү элбэх. Наһаа үчүгэй тэрээһини ыыттыҥ диэн хайгыыллара сиэрдээх, ол эрэн анаан остуол тэрийэн аһатан, арыгы туруоралларын сөбүлээбэппин. Оннук гынан, хаарыан талааннаах дьон арыгыга ылларан, үлэлэриттэн үүрүллүбүттэрэ элбэх. Ол кэнниттэн бу дьонуҥ хомолтолорун арыгынан таһаараллар. Кэлин киһи аатыттан ааһан,  буомураллар. Онтон киһи, биллэн турар, кэлэйэр.

Билиҥҥи ыарахан олохпутугар киһиэхэ киһилии сыһыан баар буоларыгар баҕа санаалаахпын. Сиэр-майгы сатарыйыыта, омукпут аатын түһэн биэрии үчүгэйгэ хаһан да тиэрдиэ суоҕа. Туох барыта иэстэбиллээх буоларын, сахалыы куттаах дьон өйдүүрбүт тоҕоостоох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....