Хатыҥ-Үрэх шоссетын олохтоохторо түргэн интэриниэккэ холбонуохтара
Хатыҥ-Үрэх шоссетыгар оптическай ситимнэри тутуу иккис түһүмэҕэ түмүктэннэ, билигин «Животновод» уонна «Механизатор» СОТ-тар олохтоохторо GPON технологиялаах түргэн интэриниэккэ холбонуохтара диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«GPON технология ордук чааһынай секторга барсар – манна сүрүн ыстаансыйа уонна абонентскай тэрил наада. Бу ситимнээх технология түргэн интэриниэккэ холбонорго барсар. Хатыҥ-Үрэх шоссетын оройуонугар үлэ салҕанар: сыл бүтүөр диэри «Туймаада» ДСК-ҕа уонна «Зелёная Долина» СОТ-ка түргэн интэриниэт ситимэ тутуллара былааннанар. «АрктикТелеком» хампаанньа Саха сиригэр сибээс ситимин тутууну уонна саҥардыыны салгыыр», - диэн бэлиэтээтэ «АрктикТелеком» АУо кылаабынай инженерэ Михаил Черноградскай.
Интэриниэккэ холботуу боппуруостарынан информацияны билсэр төлөпүөн: 50-00-50, 39-18-40, электроннай почта: ABON@A-TELECOM.RU.