28.11.2024 | 16:00

Хатайдааһын дьикти алыба

Хатайдааһын дьикти алыба
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Саха иистэнньэҥ хотуттара туохтан-туохтан сиэдэрэй таҥас оҥорон таһаарбатахтарай?! 
Саха сиригэр бу быыстапка аан маҥнай турда. Манна көрөр таҥастарбыт Арассыыйа, аан дойду таһымнаах быыстапкалар элбэх төгүллээх кыайыылаахтара буолаллар.
Дьэ, онон, сэргээҥ, сэргэҕэлээҥ, «Хатайдааһын дьикти алыбын» нөҥүө саха норуотун култууратын иис-уус араас ньыматын сиэдэрэйдик киллэрэн  оҥорор дизайнер Анастасия Егоровна Борисова туһунан.

Киһи хараҕа арахпат ураты оҥоһуктар... Анастасия, хайдах саҕалаабыккыный?

– Мин бэйэм суут-сокуон эйгэтигэр албакаатынан үлэлиибин. Бу дьарыкка аан бастаан эдьиийбэр доҕор буолаары, кини ыҥырыытын быһа гыммакка, маастар-кылааска барсыбытым.

Ол курдук, 2019 сыллаахха Дьокуускайтан биһиэхэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Альбина Серафимовна Корякина хатайдааһын дьарыгар үөрэтэ тиийбитэ. Бары даҕаны онно аан бастаан үөрэнэ тиийэммит, бэйэбитигэр бэргэһэ оҥостубуппут. Ол кэнниттэн алта сыл ааста. Бу кэм устатыгар хатайдааһын ньыматын сөбүлээммин, сүрүн үлэм таһынан, сынньанаары, дьарык оҥостон кэллим. Арассыыйа элбэх маастарыгар үөрэнэммин сатабылбын байытан иһэбин. Үлэлэрбинэн араас таһымнаах быыстапкаларга, бэстибээллэргэ, көрүүлэргэ кыттан кэллим. Бастакы бэргэһэбин оҥоруохпуттан үгүс коллекциябар ааптар быһыытынан кыттабын.

Оҥоһуктарыҥ киһи дууһатыгар сып-сылаастык киирэн кэлэллэр ээ. Киһи кэтэр таҥаһын быһыылаан-таһаалаан оҥорон таһаарыы олох атын ээ, быһыыта?

– Оннук. Хатайдааһын диэн уу уонна мыыла көмөтүнэн бараан түүтүттэн таҥас оҥорон таһаарыы ааттанар. Тигииттэн, баайыыттан уратыта – матырыйаалгын бэйэҥ оҥороҕун.

Ол эбэтэр эн иннигэр бараан түүтэ, мыыла уонна уу эрэ баар. Тэһитэ кэйэргэ иннэ наада. Дьэ бу мантан тугу баҕараргынан таҥас оҥорон таһаараҕын. Сииктээх да буолуон, сиигэ суох, икки өттүнэн кэтэр эмиэ буолуон сөп.

Хатайдааһын илиинэн дьарык биир саамай сылаас, истиҥ көрүҥэ. Илииҥ сылааһынан имэрийэн-томоруйан оҥоруу дьэ манна баар. Аны туран, экология өттүттэн эттэхпинэ, саамай ыраас. Тоҕо диэтэххэ ити оҥоһугу оҥорорго биир даҕаны кыыл өлбөт. Түүтүн кырыйан ылар буоллахтара дии.  Аны, бу түү, сири булла даҕаны, суола суох сүтэн хаалар. Айылҕаны буортулаан, бөх-сыыс буолан сыппат.

Ээ сөп. Дьэ, хайдах ылсыһан барбытыҥ туһунан сэһэргээ.

– Эппитим курдук, бу  эйгэҕэ сыстыым эдьиийим Людмила Егоровна Егорованы батыһан маастар-кылааска кэлиэхпиттэн саҕаламмыта. Бастаан хайдах эрэ сөбүлээбэтэҕим. Онтон, үлэбиттэн быыс булларбын эрэ дьарыктанан, эдьиийбиниин бастаан улахан көбүөр оҥорбуппут. «Күһүҥҥү көстүү» хартыынабыт бастакы буолан – олус күндү. Холобура, бу Дьокуускайга ыыппыт быыстапкам ыҥырыытыгар бу үлэбит турар.

Ханнык баҕарар эйгэҕэ өйдөһөр-өйөһөр дьонноох буоллаххына, кынаттанан тахсар диэн баар буолар эбит. Мин аттыбар оннук дьүөгэлэрдээх буоламмын  маннык ситиһиигэ таҕыстым диибин. Биһиги ким тугу саҥаны билбитинэн санаабытын үллэстэн, оҥоһукпутун бииргэ оҥорон, бэйэ-бэйэбитин ситэрсэн биэрэбит. Холобура, Розалия Семёнова, Айталина Семенова уонна эдьиийим Людмила Егорова буолан бары төрдүөн бэргэһэни хатайдаан оҥорууттан бииргэ саҕалаабыппыт. Уонна онтон ыла бииргэ тутуһан сылдьабыт.

Мин ордук жилет, сон өттүгэр үлэлиир буоллахпына, кыргыттарым бэргэһэ,  атах таҥаһын оҥоруутун баһылаатылар. Бары ураты суоллаах-иистээх, буочардаах  маастар буола үүннүлэр. Онно, биллэн турар, Москваҕа тиийэммит Арассыыйа улахан маастара Алена Селезнёва маастар-кылааһыгар үөрэммиппит эмиэ тирэх буолар. Оттон саҥа элбэх сүүрээни киллэрбит киһибитинэн Москваҕа Большой тыйаатыр үлэһитэ Прасковья Новгородованы ааттыыбыт. Бу кэнники икки-үс сылга кинилиин алтыһан, бэрт элбэххэ үөрэннибит. Куйаар ситиминэн араас маастар-кылааһы атыылаһан үөрэммиппин бастакы көрдөрөр, сүбэлэһэр дьонум – дьүөгэ кыргыттарым.

Бараан түүтэ диэн Саха сиригэр көстүбэт матырыйаал буоллаҕа. Матырыйаалгыт хантан хааннааҕый диэххэ?

– Урут кыраныысса таһыттан, Францияттан, Новай Зеландияттан, Англияттан  ылларар этибит. Билигин Казахстанынан, Белоруссиянан  эргийэн кэлэр.

Бу идэҕэ дьарыктанар дьон хантан хайдах бараан түүтүн ылларары бары билэллэр. Арассыыйа иһиттэн эмиэ интэриниэт нөҥүө сакаастыыбыт. Дьокуускайга даҕаны атыыга баар буолар.

Анастасия, эйигин Арассыыйа таһымнаах бэстибээллэргэ дизайнер- модельер быһыытынан ылыналлар уонна билинэллэр. Коллекцияларгын кэпсээ эрэ.

– Дьон кэтэр таҥаһын, коллекция оҥорор буоламмын бэйэбин дизайнер диибин. Сэттэ коллекциялаахпын: «Вдохновение», «Настроение», «Метаморфоза», «Бохо», «Саха Дьон», «Снежная», «Краски Севера». Ааттара да этэрин курдук, сүрүннээн этническэй истиилгэ үлэлиибин. Улахан муодаҕа көрдөрүүгэ күн аайы кэтиллибэт таҥаска эмиэ оҥоробун. Судургутук быһаардахха, хорсун дьон кэтэр таҥаһын.

Санкт-Петербург, Москва, Казань куораттарга буолар улахан быыстапкаларга, муода көрдөрүүтүгэр ыҥыраллар. Саха сиригэр бу бастакы быыстапкам. Муодабын бэйэм толкуйдуубун. Уонна коллекциябын маастар быһыытынан бэйэм эрэ хатайдаан оҥоробун.

Хас биирдии муода бэстибээлигэр кыттыы – бу сайдыы, үүнүү. Биир сиргэ турбакка, үрдэлтэн үрдэлгэ айан буолан, бу дьарыкпын сөбүлүүбүн. Үлэлэрбэр төрөөбүт дойдум иискэ-ууска үгэстэрин киллэрэбин. Холобура, кыбытык ньыматын киллэрэн биэрбит үлэлэрбинэн Арассыыйа таһымыгар ыытыллар “Лоскутное шитье” быыстапкаҕа саамай үрдүк биһирэбили ылбытым. Уонна, хайа, биһиги курдук тымныы сиргэ олорор дьон ичигэс, сылаас, натуральнай таҥаһы дьэрэкээнник оҥостон кэтэрбит саҕа үчүгэй туох кэлиэй?! Онон хатайдааһын ньыматынан таҥнар таҥаһы оҥорон атыылааччылар, хамнастаах үлэ оҥостубуттар да бааллар. Миэхэ оннук кыаллыбат. Коллекцияларым бары быыстапкаларга эрэ көрдөрүллэр, атыыламмат таҥастар.

Ситиһиилэр бастакы быыстапкаҕытыттан кэлбит эбиттэр. Быыстапкаларга тохтоон ааһыах.

– Эдьиийбиниин Людмила Егоровналыын аан бастаан 2019 сыллаахха хатайдааһын диэн тугун билэн бараммыт, 2020 сыллаахха «Выставка войлочного вдохновения»  быыстапкаҕа кыттаммыт, бастакы, иккис, үһүс, төрдүс миэстэлэри ылбыппыт. Онтон ыла, Арассыыйа таһымыгар быыстапка диэн тугун билэн, харахпыт арыллан, саҥа көрүүлэр, идеялар баар буолбуттара. Уонна кыайыыттан кыайыы баар буолан, төрөөбүт дойдум аата ааттанара олус астык. Онон, кырдьык, бастакы быыстапка суолбутун арыйбыта.

Биир соһуччу үөрүүнэн бу сайын «Душа России» быыстапкаҕа кыттыым буолар. Бу Аан дойду саамай улахан биллэр быыстапкатыгар Саха сириттэн кыбытык тигии маастардара эмиэ кыттыбыттара. Быыстапка "Лоскутная мода" диэн хайысханан  "Гостинай дворга" буолбута.

Манна кыбытык тигиини имитациялаан,  “Саха Дьон” коллекциябын илдьэ барбытым. Сэҥээрии бөҕө, кыттааччыта даҕаны баһаам. Арассыыйа араас муннуктарыттан кэлэллэр уонна тас дойдуттан биирдиилээн баар буолаллар.

Былырыын 2023 сыллаахха "Снежная" коллекциябынан уон үһүс төгүлүн ыытыллыбыт Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа кыттаммын, барытыгар биһирэбил, хайҕабыл ыллыбыт, бу барыта биһиги норуот быһыытынан илиибитинэн оҥорон таһаарар сатабылбыт буолар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Саха  оһуорун элемент быһыытынан  туттабын. Көрөөччүлэр, төһө да атын омук буоллаллар, тута өйдүүллэр.

Быыстапкаҕа кыттыы олус үлэлээх. Бастаан көтө сылдьар түүттэн матырыйаалгын оҥорон таһаараҕын. Онтон хатайдаан кимиэхэ да суох муодунай, ураты, тупсаҕай көстүүлээх кэтэр таҥаһы оҥорор сорук турар. Онтон, дьэ, дьоҥҥо, көрөөччүгэ хайдах тириэрдэбин диэн буолар. Биир коллекцияҕа кырата алта тус-туһунан модель оҥоһуллар. Аны маны кэтэн тахсыахтаах моделларгыныын үлэҥ. Мин муусука доҕуһуолугар ордук болҕомтобун уурабын. Онтон быыстапкаҕа кэлии-барыы ороскуота, айаныҥ тэрээһинэ. Ити курдук муода үрдүк сыанатыгар тиийиэххэ диэри сүҥкэн үлэни көрсөҕүн. Онно сэҥээриини ылан, көрөөччүҥ «браво» хаһыыта, ытыһын тыаһа – бу буолар маастар киһиэхэ үрдүктэн-үрдүк наҕараада. Сөбүлүүр айар үлэҕиттэн дуоһуйуу, дойдугунан киэн туттуу уонна өссө айар иэйии умсулҕаныгар умсуу. Оттон мин тус бэйэм сүрүн үлэм таһынан сөбүлүүр дьарыкпыттан уоскулаҥы, дуоһуйууну ылабын.

Моделларгын хайдах булаҕын? Эн Үөһээ Бүлүүгэ олорор буоллаҕыҥ дии. Кинилэр кимнээхтэрий?

– Полина Ноева «Ситэ кэрэ» уонна Мария Егорова «Көмүс Хотун» диэн  муода устуудьуйалара көрдөрөллөр. Эн хас эмэ түүн утуйбакка оҥорбут, дууһаҕын уурбут, тапталгын иҥэрбит үлэҥ түмүгүн көрөөччүгэ сатаан тириэрдии – бу искусство биир көрүҥэ эбээт. Түгэнинэн туһанан кинилэргэ махталбын тириэрдэбин. Бу эйгэҕэ сиэтэн аҕалбыт эдьиийбэр, үөрэппит бастакы учууталбар, дьүөгэ кыргыттарбар, коллекцияларым төрөөн тахсыыларыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолар бука бары дьоммор-сэргэбэр махтанабын.

Аты дьүһүйэр панноларыҥ тыыннаах курдуктар дии. Маннык  кэрэни айан таһаарыы бу туһунан турук буолуо ээ, Анастасия ?

– Буолуон сөп. Мин олох кумааҕыга аты үйэбэр уруһуйдаабатах киһибин. Оттон хатайдаан оҥорорбор бу аттар тахсалларыттан бэйэм да сөҕөбүн. Ордук соҕотоҕун чуумпуран, иһийэн олорор түгэммэр итинник иччилээх курдук үлэлэр тахсаллар.

Эдьиийбин кытта ат симэҕин оҥорон Арассыыйа таһымнаах көрүүгэ лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. Бу биир эмиэ олус улахан үлэбит.

Саха киһитигэр Дьөһөгөй оҕото суолтата күүстээх. Уопсайынан, Саха сиригэр хатайдааһын көрүҥэ сайдыан баҕарабын. Дьоҥҥо интэриэс баар. Мин курдук бэргэһэ оҥорууттан саҕалаан, айар иэйиигэ куустардаххытына, өссө ураты, дьоһун үлэлэр баар буолуохтара диэн эрэллээхпин.

 

Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...