Хатастар санааларын этиннилэр
Куорат салалтата ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэ-хамнас хаамыытын, үүммүт сылга былаан тула отчуоттарын тохсунньу ыйга түмүктээтэ. Быйылгы отчуот биир уратытынан Губинскай уокурукка уонна Хатас нэһилиэгэр интэриниэтинэн быһалыы сырдатылла турбута буолар.
Хатас нэһилиэгин олохтоохторун иннигэр отчуоту баһылык Сардаана Авксентьева бэйэтэ оҥордо. Балтараа чаастаах кэпсэтии сири бас билии, уулусса лаампаларын, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, оптуобус сырыытын, дьэллик ыттар о.д.а. кыһалҕалары таарыйда.
Оскуола
Биллэрин курдук, ааспыт 2019 сылга П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолата федеральнай Грант сүүйэн турар. Маннык Граҥҥа Арассыыйа үрдүнэн баара-суоҕа 7 оскуола тиксибитэ ситиһии суолтатын үрдэтэр.
«Моисеевка” түөлбэ олохтооҕо Герман Иванов Хатаска Прасковья Федорова аатынан музей боппуруоһун ыйыталаста. Маныаха баһылык музейы балаҕан ыйын 1 күнүгэр Прасковья Павловна төрөөбүт күнүгэр оскуола дьиэтигэр аактабай саалаҕа тэрийэргэ этии киллэрдэ уонна муниципалитет онуоха көмө оҥорорун эрэннэрдэ.
Оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов куорат бүддьүөтүттэн харчы көрүллүүтэ быйыл хаһааҥҥытааҕҥар да мөлтөөбүтүн ыйан туран, гсм, тутуу матырыйаала атыылаһарга, үлэһиттэр медосмотрдарын төлүүргэ эбии үп көрүллэрин ыйыталаста. Баһылык куорат өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 300 мөл. солк. курдук харчыны күүтэрин, онон эбии үбүлээһин баар буолуохтааҕын быһаарда. Үөрэх эйгэтигэр сыһыаннаах биир түгэн баарын санатта – 2016 сылтан үөрэх эйгэтигэр индексация оҥоһуллубакка турар. Ол эбэтэр, учууталлар хамнастара үрдүүрэ үөрэх тэрилтэлэрин хааччыйыы кээмэйигэр, оскуолаларга тыырыллар бүддьүөккэ быһаччы сабыдыаллаах.
Суол тутуута
2020 сылга Хатаска үс уулуссаҕа өрөмүөн үлэтэ ыытыллаары турар – Аржаков аатынан уулуссаҕа, Совхознайга уонна “Баҕарах” микрооройуоҥҥа. Бу уулуссалар 3-с категориялаах суолларга киирсэллэрин мунньах кыттыылаахтара салалтаттан чопчулаан ыйыталастылар. Чуолаан, асфальт, уот-күөс, суол бэлиэлэрэ баалларын-суохтарын. Баһылык быһаарбытынан, билиҥҥитэ асфальт оҥоһуллубат, ол эрээри атына барыта баар буолар. “Бастаан саҕалыахха, суол аата суол, онтон сыыйа оҥоһуллан иһиэҕэ, итинэн тохтуур былаан суох”,- диэн эрэннэрдэ. Маны сэргэ Совхознай уулуссаны балыыһаҕа диэри салгыы 100 м эбэргэ этии киирдэ. Олохтоох бүддьүөт суотугар оҥоһуллар кыах баар эбит.
Хатас – тыа сирин нэһилиэгэ, элбэх ыал ынах, сылгы иитэр. Ол үрдүнэн баччааҥҥа диэри ону туоһулуур суол бэлиэтэ суоҕа дьикти. Онон ГИБДД салаата ити боппуруоһу көрөрүгэр сорудах бэрилиннэ.
Уулусса уота
«Сырдык куорат” бырагырааманан быйыл киин куоракка 20 км усталаах уот тардыллар буоллаҕына, 2,7 км Хатаска тиксибитэ, эмиэ, туһугар, олох хаачыстыбатын үрдэтиигэ дьоһун хардыы. Ол курдук, 2020 сылга Каландрашвили уулуссатын 20№-тэн 114-гэр диэри, Шараборин уулуссатын 2№-тэн Петров аатынан уулуссаны кытта быһа охсуһууга диэри, Солнечнай уулусса 2№-тэн 26/1-гар диэри уулусса уота оҥоһулларыгар үп-харчы көрүллүбүт. Маны сэргэ «Сырдык куорат» бырагырааманан көрүллүбүт үп суотугар эбии атын уулуссаларга, ол иһигэр Восточная уулуссаҕа лаампалар тураллара күүтүллэр. Малгин түөлбэтигэр 123 дьиэлээх уулусса эмиэ кыһын ытыс таһынар хараҥа. Хатас үрдүнэн уопсайа 43 уулусса уота суох. Онон бу уулуссалары сырдатыы быйылгыттан күүскэ саҕаланыахтаах.
Дьокуускайтан Хатаска салайар суолга быйыл кыһын хас да массыына саахала таҕыста. Биричиинэтэ – Покровскайдыыр суолга турар ГАИ поһуттан Хатаска киириигэ диэри биир даҕаны уот суоҕа. Онон Горсвет тэрилтэ манна уот тардарга сөбүлэстэ.
Оптуобус кыһалҕата
Хатаска киин куораттан чаас аҥаардыыта буола-буола 103№-дээх муниципальнай оптуобус сылдьар. Олохтоохтор хаһыс да сылларын Сылаас тохтобул кыһалҕатын туруорсаннар, билигин тиһэх тохтобулга турар ларегы кэҥэтии боппуруоһун дьүүллэһэр буоллулар. Хатастааҕы балыыһа киин куорат 3№-дээх поликлиникатыгар сыһыарыллар. Онон ыарыһахтар 103№-дээх оптуобуһынан сылдьар табыгаһа суоҕун бэлиэтииллэринэн, саҥа сылдьан эрэр 108№-дээх маршрут сырыытын уларытарга этии киллэрдилэр.
Спорт
Хатастааҕы Оҕо спортивнай оскуолатын тыын кыһалҕата – саҥа спортивнай саала. ДЮСШ салайааччыта иһитиннэрбитинэн, эрдэтээҥҥи былаанынан тутуу 2020 саҕаланыахтааҕа экспертизаттан сылтаан хойутаабыт. Онуоха Баһылык ити боппуруоһу Ил Дархан Айсен Николаевка тиэрдиэх буолла.
Гаастааһын
«Даниловка” түөлбэ 46 ыалын аатыттан гаастааһыҥҥа сыһыаннаах сурук киирдэ. Микрооройуоҥҥа гаас суох буолан бары оһоҕунан, электричество уотунан сылытынан олороллор, ол тыа ыалыгар охсуулааҕа биллэр. Аны манна суол диэн төрдүттэн суоҕуттан, уулусса суох, онон Суһал көмө, баһаарынай сулууспалар аадырыстары булууга күчүмэҕэйи көрсөллөрө этилиннэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу түөлбэ Саханефтегаз бырайыагар 2030 сылга диэри былааҥҥа суох эбит. Сурукка тустаах исписэлиистэр сотору кэминэн хоруй биэриэх буоллулар.
Үүт
Хатастар тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, куорат нэһилиэнньэтин олохтоох аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга сүҥкэн кылааттаахтар. Ол эрээри өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар курдук үүт харчыта кэмигэр кэлбэтин, сыанатын сөптөөҕүнэн аахпаттарын эттилэр. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иван Сивцев боппуруоһу сиһилии быһааран биэрдэ. Ол курдук, үүт каассабай былаанын тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оҥорорун, 2019 сылга Хатаска 50 т былаан турбутун 68 т туттарыллыбытын, онон хаалбыт 18 т үүт харчыта кэлин кэлбитин эттэ. Ону таһынан урукку сыллартан хаалбыт 80 т курдук үүт харчыта кэлэн, иэс оһоруллан эрэрин эттэ. 2020 сылга Хатаска 60 т былаан турбут, эбии 40 т көрдөөбүттэр. Бу барыта кулун тутар ыйга биллиэхтээх эбит. Аны туран, үүт харчыта 19.50 солк. таһаарыллан, 54.50 солк. тиийбитин эттэ.
Сыбаалка
Хатас уонна Табаҕа икки ардыларыгар сүүнэ улахан сири быраҕыллыбыт сыбаалка баһылаан-көһүлээн сытар. «Баҕарах” түөлбэ салайааччыта Николай Попов иһитиннэрбитинэн, сыбаалка кэлиҥҥи сылларга, сабыллыбытын үрдүнэн, хас да төгүл улаатан, нэһилиэк көстүүтүн буортулуурун таһынан, айылҕаҕа буортута күн-түүн улаата турар. Нэһилиэнньэ күүһүнэн ыытыллар субуотунньуктар итиннэ муораҕа хааппыла тэҥэ буолбуттар. Онон 2020 сылга бу сыбаалка рекультивациятыгар 13 мөл. солк. көрүллүбүтүн олохтоохтор ытыс тыаһынан биһирээтилэр.