05.02.2020 | 13:13

ХАТАСТАН СИР АТЫЫЛАҺЫАҤ ИННИНЭ, ҮЧҮГЭЙДИК ТОЛКУЙДАА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2006 сыллаахха «Хатас» совхоз салалтата үлэһиттэригэр уонна урут үлэлээбиттэргэ паайдарын суотугар үстүү гектар иэннээх тыа хаһаайыстыбатын сирин үллэрбитэ. Бу тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга анаммыт сирдэргэ билигин тутуу балысханнык барда, Покровскай трагын 10 килэмиэтириттэн саҕалаан сир атыыта билигин да элбэх.

 “Хатас” сопхуоһуттан сир ылааччылар докумуоннарын оҥотторон, сирдэрин сотору кэминэн атыылаан киирэн барбыттара, сорохтор 10-15 суотайга үллэрэн, атыттар 3 гектары барытын.  Покровскайдыыр суол 10-16 км уҥа өттүнээҕи сир учаастактара, киин куорат генеральнай былааныгар олоҕуран, «Нэһилиэнньэлээх пууннар сирдэрэ» диэн категорияҕа көһөрүллэн, дьиэ тутуута көҥүллэнэ түспүтэ. Онно билигин чааһынай дьиэлэртэн турар бөдөҥ бөһүөлэк  кэриэтэ үөскээтэ.

Оттон Покровскайдыыр суол хаҥас өттүнээҕи сирдэрин категориялара билигин да уларытылла илик. «Тыа хаһаайыстыбатыгар анаан бэриллибит сирдэр» диэн ааттаналлар, маннык сир аналын судургутук  “мэччирэҥ сирдэрэ” диибит. Биллэриилэри үөрэтэн көрдөххө, Покровскай трагын хаҥас өттүгэр учаастак сыаната 250-300 тыһыынчаттан саҕаланар. Бу билиҥҥи Дьокуускай ырыынагар удамыр сыана диэххэ сөп. Ол эрэн аҕыйах сыллааҕыта сир атыылаһан дьиэ туттан баран, туһааннаах уорганнар буруйдарынан, боростуой дьон гаас ситимэ барар кыраныыссатын кэһэн, нуорма быһыытынан олохтоммут көҥүлү тутуспакка, газопроводтан аһара чугас олорор дьиэ туттан эппиэтинэскэ тардылла сыспыттарын умнумуохха наада. Оччолорго өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Е.А.Борисов бэйэтинэн кыттыһан, норуотун диэки буолбутуттан эрэ докумуоҥҥа уларытыылары киллэрбиттэрэ. Аҥаардастыы федеральнай сокуоннары толоруунан муҥурдаммыттара буоллар, уонунан ыал дьиэтэ көтүрүллүөхтээх этэ...

Россельхознадзор Саха сиринээҕи Управлениетын отделын начаалынньыгын солбуйааччы Максим Гаврильевич Афанасьев Покровскайдыыр суол сирдэрин туһунан манныгы кэпсээтэ:

  • 2006 сыллаахха Хатас сэлиэнньэтин чугаһынааҕы 2648 га мэччирэҥ сирдэр сопхуос пайщиктарыгар барбыттара. Барыта тоҕус сүүскэ чугаһыыр  пайщик сирдэммитэ.

Суол хаҥас өттө, Сир куодаксатын 77 ыстатыйатын бастакы чааһа этэринэн, тыа хаһаайыстыбатын сирдэринэн билиниллэн, нэһилиэнньэлээх пуун кыраныыссатын таһынааҕы уонна тыа хаһаайыстыбатын туһаныытыгар, итиэннэ сыалыгар анаммыт сир буолар. Ити ыстатыйа иккис чааһа ыйарынан, тыа хаһаайыстыбатыгар анаан бэриллибит сирдэргэ киирсэллэр:

  • Тыа хаһаайыстыбатын сирдэрэ;
    • Хаһаайыстыба иһинээҕи суоллар, коммуникациялар;
    • Сирдэри тас дьайыыттан көмүскүүр олордуу мастар, уулар, итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорорго, харайарга уонна астыырга анаммыт тутуулар быһыллан бэриллибит сирдэрэ.

Аны туран, Сир куодаксатын 79 ыстатыйатын бастакы чааһыгар сурулларынан, тыа хаһаайыстыбатыгар анаан бэриллибит сирдэр састааптарыгар киирсэр  тыа хаһаайыстыбатын сирдэрэ – бааһыналар, ходуһалар, мэччирэҥнэр, оһорболор, элбэх сыллаах үүннэриилэрдээх сирдэр (саадтар, виноградниктар уонна да  атыттар) тус сыалларынан туһаныллыахтаахтар уонна сокуонунан көмүскэнэллэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ ити сирдэргэ тутуу араас көрүҥэ: дьиэ, гараж, баанньык, тэпилииссэ, күрүө-хаһаа күргүөмнээхтик бара турар. Ити Федеральнай сокуоннар ирдэбиллэрин толоостук кэһиинэн сыаналанар. Тыа хаһаайыстыбатын сирэ аналынан эрэ туһаныллыахтаах. Нэһилиэнньэлээх пуун таһыгар тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр тутуу ыытыыта бааһынай хаһаайыстыбаларга уонна тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэлэргэ эрэ көҥүллэнэр.

  • Уһук Илин гектарыгар маннык ирдэбиллэрдээх дуо?

– Бу ирдэбиллэр Уһук-Илин Федеральнай уокурук олохтоохторугар биирдии гектар иэннээх сири биэрэр (сыһыарар) федеральнай сокуоҥҥа дьайбаттар.

Сорохтор «Саха өрөспүүбүлэкэтин сирин куодаксата» сайылыктарга уонна сылгыны үөрдээн иитээччилэр сирдэригэр тутуу ыытары көҥүллүүр» диэхтэрин сөп. Ити арыый сыыһа этии,  биирдиилээн киһи  сайылыгар «Кэтэх көмө хаһаайыстыба» («О личном подсобном хозяйстве»)  диэн федеральнай сокуоҥҥа эппиэттиир эрэ түгэнигэр тутуу ыытыллыахтаах. Тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр бааһынай хаһаайыстыба уонна тэрилтэ сылгыһыттарыгар эрэ тутуу ыытыыта  (олорор дьиэ, үүтээн) көҥүллэнэр.

Хатас нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын сирин бас билээччилэрэ көҥүлэ суох тутуу ыытартан туттунуо этилэр. Тутуу ыыппыт физическай сирэй Арассыыйа Федерациятын административнай кэһиилэр куодаксатын 8.8 ыстатыйатын 2 чааһыгар олоҕуран 3 тыһ. солкуобайдаах ыстараапка ыйаныан сөп, итини таһынан  көҥүлэ суох тутуллубут тутууну суох оҥорорго болдьохтоох ыйыы бэриллэр.

 – Оннук дьиэлэри көтүттэрии курдук эппиэтинэскэ тардыы олоххо баар дуо?

Биһиги билиҥҥитэ сымнаҕас соҕустук сыһыаннаһабыт. Дьон син биир мөлүйүөнүнэн харчы ууран, кирэдьиит ылан туран дьиэ туттар. Ким эрэ үҥсүү түһэрдэҕинэ эрэ тиийэн бэрэбиэркэлиир кыахтаахпыт, 3000 солкуобайга ыстырааптыахпытын сөп.

– Суол хаҥас өттө анала, аата уларытыллыан сөп буоллаҕа...

Биһиги аҥаардас бобуунан, көтүрүүгэ уураахтааһынынан дьарыктаммаппыт. Дьон бэйэтэ түмсэн, туруорсан, киин куорат тутуутун генбылааныгар киллэттэрэн, сирдэрин аналын уларытыахтарын сөп этэ диэн өйдөтөр үлэни ыыта сатыыбыт. Чааһынай дьиэ туттубут дьон бары сокуону кэһээччи аатын сүкпэттэрин туһугар оннук үлэ барыан наада. Дьон интэриэһин көмүскүүр дьокутааттар, Куорат Дууматын уонна Ил Түмэн таһымыгар, үлэлиэхтэрин сөп этэ.

***

Покровскайдыыр суол хаҥас өттүгэр баар тыа хаһаайыстыбатыгар анаан бэриллибит сирдэр аналларын уларытыы наадатын, куорат былааныгар киллэрии боппуруоһун дьон 2005 сыллаахтан туруорса сатыыллар. Ол эрэн куорат былааныгар киирэ илик, бу, туһугар, эмиэ “ноото” элбэх дьыала...

Биир өттүнэн ыллахха, Хатас тыа хаһаайыстыбатынан тыыннанан олорор сир, онон сыспай сиэллээххэ да, хороҕор муостаахха да мэччирэҥ сирэ баар буолара эмиэ табыгастаах.

Дьон билигин СОНТ тэринэн, сир оҥоһуннаҕына гаас, уот ситимин бэйэтэ кыттыһан тардыахтаах.  Урут “О садоводческих, огороднических и дачных некоммерческих объединениях граждан” диэн сокуонунан сирдэтинэн олорбут буоллахпытына, былырыыҥҥыттан  “О ведении гражданами садоводства и огородничества для собственных нужд и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ” диэн олоххо киирбитэ. Ол аата СОНТ (“садово-огородническое некоммерческое товарищество”) уонна СНТ (“Садово-некоммерческое товарищество”) эрэ диэннэр хаалбыттара, “даача” диэн өйдөбүл суох буолбута. Урут “дачниктар” диэн ааттанар уонунан араас түмсүү баар эбит буоллаҕына, даачалаахтар “садовод” дуу, “оҕуруотчут” дуу буолалларын талыахтаахтар.

“Оҕуруотчуттар” учаастактарыгар сарай, тэпилииссэ уонна холуодьас тутталлара көҥүллэнэр, “садоводтар” – чааһынай дьиэ туттан пропискаланаллара хааччахтаммат. Маны тэҥэ, “садоводствоҕа” чааһынай дьиэлээхтэр дьиэҕэ-уокка наадыйар дьон уочаратыгар хапсыбаттар. “Садоводтар” уонна “оҕуруотчуттар” бэрэссэдээтэллэрин 5 сылга биирдэ талаллар, урут 2 сылга этэ, билигин өссө салайар хампаанньаны наймылаһар кыахтаннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...