Хатаска саҥа спорт комплекса арылынна
Хатас урут даҕаны, билигин даҕаны чөл-чэгиэн дьонунан тутахсыйбатаҕа. Ол гынан баран ол туһугар усулуобуйа наадатын бары да өйдүүбүт. Иллэрээ күн, кулун тутар 12 күнүгэр, баҕа санаа туолара маннык эбит диэххэ диэри сабыс-саҥа “Дьулуур” спорт комплексын киэҥ уораҕайа аанын тэлэччи арыйда.
Этиллибит кэмҥэ дьон устар сүүрүктүү хотоҕостуу субуллан, 400 миэстэлээх саала ыы-быччары туолла. Аан айаҕыттан сахалыы сылаас алаадьынан, алгыс, арчы тылларынан көрүстүлэр. Бочуоттаах миэстэлэргэ үрдүкү салалта үлэһиттэрэ, нэһилиэкпит бочуоттаах олохтоохторо, бэтэрээн спортсменнар, спортивнай хамсааһын көхтөөх кыттааччылара, тэрийээччилэрэ олордулар. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаан ааһар буоллахха, Ким Васильевич, Анна Ильинична Борисовтар сыдьааннарыттан дзюдоҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Аина Моисеева, СӨ оҕолорго чэпчэки атлетикаҕа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Ильяна Филиппова, волейболга өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ Татьяна Афонина, Окороковтар дьиэ кэргэттэрин аҕа баһылыга САХАВА бэтэрээнэ, бэйэтин кэмигэр элбэх спорт тэрээһинин иилээн-саҕалаан ыыппыт Спартак Константинович Окороков уолунуун, “уонна хаһан” девизтээх олох оргуйар үөһүгэр сылдьар Михаил Спартаковичтыын, волейболга куорат сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ сиэннэриниин Сергей Окороковтыын, ини-бии Анатолий Степанович, Афанасий Степанович Ларионовтар о.д.а. бааллар.
Бу күн тустууга ССРС спордун маастара Алексей Васильевич Мокрощупов аата үгүстүк ааттанна, наҕараада туттарылынна. Оттон дьоро күн сүрүн дьоруойдарынан Евгений Егорович Гоголев салайааччылаах Хатастааҕы 7 №-дээх спорт оскуолатын (ДЮСШ) дьоҕус эрээри дьоһун кэлэктиибэ буолла. Аҕыс сыллаах тулуур-дьулуур туоһута буолбут “Дьулуур” спорт комплекса аһыллыбыта нэһилиэк устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллуо турдаҕа.
Спорт саалабыт СӨ “Физическай култуура уонна спорт сайдыыта” диэн судаарыстыбаннай уонна Дьокуускай куорат дьаһалтатын “2017-2032 сс. социальнай инфраструктураны комплекснайдык сайыннарыы” диэн муниципальнай бырагыраамалар чэрчилэринэн көрүллүбүт үбүнэн-харчынан тутулунна диэн махтана бэлиэтээн этэбит. Бу киэҥ уораҕайга 800 тахса оҕо спорт 8 көрүҥүнэн дьарыктанар, үүнэр-сайдар усулуобуйата баар буолла.
Сардаана Кривошапкина хаартыскаҕа түһэриитэ