13.09.2022 | 13:42

Хатаска бэлисипиэттээх дьон холуонната бэлиэ сирдэргэ сырытта

(Айан Дьокуускай куорат 390 сылыгар, САССР 100 сылыгар ананна.)
Хатаска бэлисипиэттээх дьон холуонната бэлиэ сирдэргэ сырытта
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 10 күнүгэр,  Хатаспытыгар бииргэ буоларбытыттан  бигэтийиини, сэргэстэһэ сылдьарбытыттан сэргэхсийиини, түмсүүлээх буоларбытыттан тирэхтэниини өссө төгүл бигэргэттибит, суон тиит мас лабаатыныы сомоҕолостубут. Ол курдук «Уулуссаҥ историятын бил» диэн бырайыак чэрчитинэн «Аһаҕас халлаан анныгар музей» диэн хайысханан хас эмит уонунан киһи бэлисипиэтинэн нэһилиэкпитин кэрийдибит. «100 сыл – 100 бэлисипиэт тэбээччи» аахсыйа сыала – соруга -- чөл олоҕу бырапагаандалааһын уонна  Ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитии үлэтэ, доруобуйаны тупсарыы. 

Хатаспытыгар 72 уулусса баар эбит буоллаҕына 22 уулуссат уһулуччу үтүө майгылаах, үлэһит бэрдэ, хорсун – хоодуот дьоммут аатын сүгэр. Аахсыйабыт Дьаарын түөлбэтигэр баар Калачев Анатолий Петрович аатынан уулуссаттан саҕаланна. Ол кэннэ Малгин түөлбэтигэр киирэммит убайдыы- бырааттыы Малгиннар, Р.Ф. Николаев, И.И.Захаров, П.Н.уонна Н.Е Самсоновтар ааттарынан уулуссаларынан сыыйа С.А.Алексеев уулуссатыгар тахсаммыт Киэҥ Хочо түөлбэҕэ А.П.Никифоров уулуссатыттан саҕалаатыбыт. Онтон ини-бии Емельяновтар, Ф.Е. Константинов, А.Д.Андреев, Е.Н уонна Н.И. Дегтяревтар, А.Д.Дьяконов, А.И.Еремеев,С.К.Щукин, Е.А. уонна В.В. Мокрощуповтар уулуссаларын ааһаммыт сыыйа 1 Баҕарах түөлбэтигэр киирдибит. Онно П.П.Софронов, Е.М.Решетников, Д.И.Панаев,Ю.Н.Шараборин, Н.П.Петров, П.П.Федорова уулуссаларыгар таарыйдыбыт. Ол тухары бу ааттаммыт дьоннорбут туһунан киэн-тутта, өрө көтөҕүллэ кэпсээтибит – сэһэргээтибит. 
Бу түгэҥҥэ, бу күҥҥэ бу дьоммут аймах – билэ дьонноро, көлүөнэ ситимэ оҕолоро, сиэннэрэ саха дьонун сиэринэн  үөрэ – көтө айах тутар алаадьылаах, муорустаах, бэрэскилээх, кэмпиэттээх, сибэккилээх, хаартыскалардаах  көрсүбүттэрэ наһаа долгутуулаах, истиҥ-иһирэх эйгэни, махталлаах буолууну үөскэттэ. 


Дьэ ити курдук аахсыйаҕа нэһилиэнньэ араас эйгэтэ барыта кытынна – дьиэҕэ оҕо көрөн  олорооччу, бочуоттаах сынньалаҥҥа олороччу, оскуола  үс сүһүөх кылаастарыттан, күн бүгүн үлэлии – хамсыы сылдьааччы. Аахсыйа олохтоох дьаһалта, орто оскуола уонна "Тускул" КК ситимнээх үлэлэрин түмүгэ диэн чуолкайдаан этэр тоҕоостоох. Бу күҥҥэ, бу кэмҥэ олохтоох дьаһалта салайааччыта Пермяков Е.П, ХОО дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Обоюкин В.В, Тускул КК дириэктэрэ Чепалов В.А. аахсыйа кыттаачыларын кытта бииргэ буолан бэлисипиэтинэн сылдьыбыттара кэрэхсэбиллээх кэпсээн. Манна даҕатан эттэххэ, олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ толору састаабынан кыттыбыта үтүө холобур  буолла. Бэрт кылгастык быһа тардан аахсыйа кыттыылаахтарын туһулаан этэр буоллахха: Павлов Руслан Николаевич, Саввин Михаил Гаврильевич, Винокурова Елена Анатольевна,Иванова Ньургуйаана Николаевна уо.д.а кытыннылар. Холуонна баһыйар үгүс өттө оҕолор буолаллара киһини олус үөрдэр.

Щукин К.С: 
- Дьэ бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Хатаспыт дьоно сомоҕолоһон биир кэккэ буолан оҕолуун - уруулуун айаннаан ааспыттара көрөргө үчүгэй бөҕө буоллаҕа.Биһиги Щукиннар дьиэ кэргэн оҕобут, уолбут Софрон Щукин аатын доргуччу ааттаан, кэпсээн - ипсээн ааспыттарыгар аахсыйа кыттыылаахтарыгар махталбыт улахан. Түгэнинэн туһанан, сиэннэрбитин, оҕолорбутун кытта Хатаспыт дьонун - сэргэтин кытта бииргэ буоллубут.


Винокурова Е.А : 
- Хатаска олохсуйбуппут хас да сыл буолла. Куоракка үлэлиир буоламмын, этэргэ дылы, сарсыарда барабын, киэһэ кэлэбин. Онон түгэнинэн туһанан, оҕолорбун кытта олорор бөһүөлэкпитин кэрийдибит. Уонна Хатаспыт киэҥин - куоҥун, дэлэйин - холойун сөҕө махтайа көрдүбүт.  Астык тутуулар, тупсаҕай суоллар бааллар эбит. Биллиилээх дьон - сэргэ туһунан сэргэх кэпсээни иһиттибит.Маннык тэрээһин билиҥҥи балысхан сайдыылаах олох хардыытын долгунугар оҕустаран күннээҕигэ эрэ охтон хаалыан сөптөөх түгэннэрдээх   кэмҥэ дойдуга тапталы, дьоҥҥо - сэргэҕэ ытыктабылы  иитиигэ - үөрэтиигэ суолтата улаханын бэлиэтиэм этэ.Тэрийээччилэргэ махтал буоллун.

М.Е.Христофорова:  
- Биһиги, Аҕа дойду улуу сэриитин  кыттыылааҕа,сэрии урусхалын чөлүгэр түһэриигэ бастыҥ үлэһитин А.Д.Дьяконов сыдьааннара,  бу тэрээһини тэрийбит Хатас нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатыгар,Хатас орто оскуолатыгар, "Тускул" КК махталбыт улахан. Күн бүгүн аан дойду  үрдүнэн ыксаллаах, кытаанах күннэргэ бу курдук биир сомоҕо буолуу, түмсүү олус наадалаах. Билэр турар, үүнэр көлүөнэни, ыччаты патриотическай санааҕа иитиигэ үтүө холобур буоллаҕа дии. 


Дьэ ити курдук тэрээһин сыалын - соругун сиппититтэн тэрийээччилэр ис сүрэхпититиэн үөрэбит. Маннык экскурсияны аны аҕам саастаах  ытык дьоммутугар оҥоруохпутун баҕарабыт. Уратыта диэн ол экскурсия кинилэр саастарыгар, туруктарыгар сөп түбэһиннэрэн айана техниканан - оптуобуһунан буолуо диэн былаанныыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...