19.10.2020 | 15:21 | Просмотров: 695

Хатаска 100 холмогор ынах кэллэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хатас бөһүөлэгин «Баҕарах» тыа хаһаайыстыбатын комплекса Татарстантан 100 төбө холмогор боруода уулаах ынаҕы тутта. Бу туһунан куорак уокуругун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Баҕарах» дириэктэрэ Иван Сивцев кэпсээбитинэн, ынахтар айаны этэҥҥэ аһарбыттар. Сэтинньиттэн саҕалаан төрөөн киирэн барыахтаахтар. Билигин сүүс буоллахтарына, кыһыары икки төгүл элбиэхтээхтэр. Бу иннинэ 2015 сыллаахха уулаах ынахтары аҕалбыттара.

Бу ынахтар Хатас нэһилиэгэр селекционнай племенной үлэни сайыннарыыга тирэх буолуохтара. Быйыл Саха сиригэр уопсайа 865 төбө сүөһү кэллэ. Федеральнай хааһынаттан сүөһү атыытын толуйууга 100 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүтэ, бу уопсай бүддьүөт 98 %-гар тэҥнэһэр.

Холмогор боруода ынах хоту баар Архангельскай уобаластан төрүттээх буолан, тыйыст усулуобуйалаах тымныы климакка түргэнник үөрэнэринэн уратылаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.