20.05.2023 | 10:00

Хатас сибэккитэ — куораты көҕөрдүүгэ

Аҕыс ый томороон тымныы кыһыннаах, баара-суоҕа икки-үс эрэ ый сылаас сайыннаах Сахабыт сирин, ол иһигэр Дьокуускай куораппыт биир сүрүн кыһалҕата, туох да диэбит иһин - күөх үүнээйи кэмчитэ.
Хатас сибэккитэ — куораты көҕөрдүүгэ
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Бу кыһалҕаны туоратаары кэлиҥҥи сылларга тэрилтэлэргэ сибэкки арассаадатыгар «түһээн» да түһэрэн, мас олордуутугар субуотунньук да тэрийэн, араас албаһы, эгэлгэ ньыманы барытын боруобалаан кэллибит. Хас да сыл устата куораты сибэккинэн симиир аналлаах «Мөлүйүөн сибэкки» күрэх ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн былырыын куорат баһылыга Евгений Григорьев эмиэ көҕөрдүүгэ аналлаах «Киин куорат күөх кубога» диэн саҥа куонкуруһу биллэрбитэ. Манна куоракка үлэлиир тэрилтэлэр, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, уопсай үөрэхтээһин уонна оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэлэрэ, орто уонна үрдүк үөрэх кыһалара, кэмиэрсийэтэ суох тэриллиилэр, атыы-эргиэн уонна өҥөнү оҥорор эбийиэктэр, территориальнай уопсастыбаннай бэйэни салайыныы уорганнара (ТОС), ТСЖ-лар, Салайар хампаанньалар уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр олохтоохторо бары кытталлар.

Дьэ бу күрэх иитинэн киин куораты көҕөрдүүгэ биир сүҥкэн оруол Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын иһинэн үлэлиир оскуола дириэктэрин агрономия хайысхатыгар солбуйааччы Диана Дмитриевна Васильева салайааччылаах Агрокубка сүктэриллэр. Ону билсээри, куораты тупсарыыга төһө-хачча сибэккигэ сайаапка ылан олороллорун сураһаары, иллэрээ күн кинилэргэ ыалдьыттаатыбыт.

— Куорат оскуолалара сыл аайы хастыы эмэ сүүһүнэн петунияҕа сайаапка биэрэллэр. Ону кытта Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката, Табаҕа нэһилиэгэ эмиэ сыл аайы арассаадаҕа сакаас оҥороллор. Киин куорат 3 №-дээх оскуолата, хас даҕаны оҕо саада, «Сосновый бор» оҕо лааҕыра, 1 №-дээх Оҕо спорт оскуолата эмиэ хаһыс да сылбытын бииргэ үлэлэһэр партнердарбыт. Быйыл Олохтоох дьаһалта Үөрэҕириигэ управлениета сибэкки сиэмэтин атыылаһан биэрэн, аны сайын Хатаспыт сквердэрин, тэрилтэлэр тиэргэннэрин киэргэтэр сорудахтаах олоробут. Онуоха анаан 1500 кэриҥэ араас сибэкки арассаадатын бэлэмнээн турабыт, - диэн сайыҥҥылыы араас өҥнөөх петуния, калибрахоэ, алиссум, лобелия арассаадаларын уһун, хойуу эрээтин кэрийэ сылдьан кэпсиир Матрена Алексеева, Хатастааҕы Агрокуб эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога, производственнай үөрэхтээһин маастара.

Агроном идэлээх, бу иннинэ 15 сыл Ботаническай садка үлэлээбит баай уопуттаах Матрена Васильевна курдук исписэлиискэ түбэспиппитин улахан табыллыы курдук ылынан, салгыы Агрокуб үлэтин-хамнаһын барытын сиһилии билистибит.

Ол курдук, петунияттан саҕалаан кэпсээтэххэ, көннөрү, махровай сибэккилээхтэри таһынан, былырыыҥҥыттан вегетативнай петунияны үүннэриинэн дьарыктанар эбиттэр.

— Күһүн биир иһити киллэрэн дьиэҕэ кыстаппыппыт уонна кыһын устата умнаһынан силис тартарбыппыт. Маннык петуния туорпа таблеткаҕа ордук табыллан силис тардар. Бу үлэнэн оскуола оҕолоро сөбүлээн дьарыктаналлар. Ол курдук кыһын устата биир ук сибэккиттэн сүүстэн тахса череногу силис тартаран, арассаадалаан, билигин атыыга таһаардылар, - диэн кэпсиир Матрена Васильевна.

Биллэриилэри көрдөххө, вегетативнай петуния саамай сыаналаахтара. Элбэх үлэттэн, сылы эргиччи түбүктэн үүнэрин ааһан, сыл аайы саҥаттан сиэмэнэн ыспакка, бэйэ үүннэрэн ахсаанын төһө баҕар элбэтиэххэ сөбүн учуоттаатахха, чахчы, сыанатыгар эппиэттэһэр эбит диэн түмүккэ кэлэҕин.

Оттон петунияттан хал буолбут дьон калибрахоэ сибэккини үүннэриэхтэрин сөп эбит. Майгынныыр уонна, биир үчүгэйэ, эмиэ умнаһынан силис тартаран элбэтиэххэ сөп. Бу сибэккилэр биир саамай биһирэмнээх өрүттэрэ - төһөнөн улахан иһиккэ олороллор да, соччонон хойдоллор, элбэх сибэккилээх буолаллар.

Агрокуб сайыҥҥы сибэккини таһынан сүрүн оҕуруот аһын арассадаатын эмиэ хото олордор. Сыл аайы 2500-түү устуукаҕа тиийэ биэрэһи, оҕурсуну, помидору, ону сэргэ дьон наадыйарын суоттаан кыратык арбуз, тыква, кабачок ыһан, нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык атыылыыр буолбуттар. Аҥаардас биэрэс 9 көрүҥэ номнуо астарын кутаары үүнэн силигилии тураллар: «Ласточка», «Калифорнийское чудо», «Винни Пух», «Подарок Молдовы», «Богатырь» о.д.а. - саха дьоно бары даҕаны сөбүлээн үүннэрэр суортарбыт.

Помидор арассаадата эмиэ 2500 тиийэ ахсааннаах: «Верлиока», «Бычье сердце», «Якут», «Якутский алмаз», «Москвич», «Морковный», «Монгольский карлик» о.д.а. Нэһилиэнньэ сакааһынан быйылгыттан «Сиэдэрэй» диэн олохтоох селекция суордун үүннэрбиттэр. Матрена Васильевна бэлиэтээбитинэн, бу «Верлиока» уонна черри суортары алтыһыннаран таһаарыллыбыт  буолан, аһа орто кээмэйдээх эбит. Аны туран хоннохтоммотунан, буорга талымаһа суоҕунан, хортуоппуй бааһынатыгар даҕаны табыллан үүнэринэн, аһа элбэҕинэн, угугар туран кытарарынан, эһиилигэр бэйэтин сиэмэтиттэн ыһылларынан атын, үгэс буолбут суортарга тэҥнээҕэ суох.

Агрокубтар оҕуруот аһыгар сүрүннээн Хатас дьонугар-сэргэтигэр суоттанар буоланнар, «Стелла», ТСХА, «Апрельский» курдук үгэс буолбут суортары кытта күһүн тууһуурга, кэнсиэрбэлииргэ анаан корнишон көрүҥүн ыһаллар эбит.

Быйылгы биир сонун үүнээйилэрэ - санберри диэн паслен көрүҥэ. Моонньоҕон отонун саҕа кээмэйдээх, минньигэс хара астаах паслену кэлиҥҥи кэмҥэ дьон дабылыанньалаах, саахар диабеттаах ыарыһахтарга туһалаах диэн биһирээтэ. Онон агрокубтар былырыын кыраны олордон, амсайан, биһирээн, быйыл нэһилиэнньэ киэҥ араҥатыгар таһаарбыттар. Өссө биир сонун үүнээйинэн физалис буолуон сөп. Бу физалис отонун кондитердар соҕурууттан сакаастаан туорт киэргэтиитигэр туһаналлар. Мантан антах Хатастан кэлэн ылыахтарын сөп.

Агрокуб биир сонун дьарыга - гидропоника ньыматын туһаныы. Былырыын федеральнай граҥҥа кыттан, икки туруору уонна биир дьоҕус эко-бокс ылары ситиспиттэр. Онтуларыгар кыһыннары микрозелень, базилик, салат үүннэрэн, эмиэ олохтоох маҕаһыыннарга атыыга таһаараллар. Күөх туманы былырыын үөрэнээччилэрэ Коля Бурцев бэйэтэ толкуйдаан оҥорбут оборудованиетыгар эмиэ хото үүннэрэллэрин көрдүбүт. Минвата оннугар тыаттан бэйэлэрэ муох хостоон аҕалбыттара сииги тутарынан бэртээхэй эбит. Бастакы сылыгар манна клубника олордубуттара эмиэ табыллан үүммүт. Николай Бурцев билигин АГАТУ агроинженерия салаатыгар бастакы кууруска ситиһиилээхтик үөрэнэрин педагогтара киэн тутта кэпсииллэр.

Агрокуб лабораториятыгар хортуоппуйу клоннуу сылдьалларын сэргээтибит. РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала Зинаида Гаврильевна Жиркова кэпсииринэн, маннык ньыманан бактерията, вируһа суох ыраас суорду таһаараллар. Бары билэрбит курдук, сиэмэ хортуоппуй ыраас, ыарыыта суох эрэ буоллаҕына соннук чэгиэн уонна өлгөм үүнүүнү биэрэр. Оттон сыллата биир суорду ыстахха, сыыйа буомурар, үүнүүтүн 40-50% тиийэ сүтэрэр. 8 кылаас үөрэнээччитэ Регина Слепцова 7 кылааска үөрэнэр дьүөгэтэ Виолетта Васильеваны кытта бу тиэмэнэн иккис сылларын ситиһиилээхтик дьарыктаналлар. Ол курдук, быйыл «Мироклональное размножение картофеля на Крайнем Севере» үлэлэринэн «Инникигэ хардыы» НПК экспертэрин биһирэбилин ылан, салгыы Санкт-Петербурга буолан ааспыт «Открой в себе ученого» научнай-инновационнай конференцияҕа III-с истиэпэннээх лауреат аатын ылбыттар уонна дакылааттара конференция тезистэрин хомуурунньугар киирбит.

Мин бу тиэмэнэн 7-с кылаастан дьарыктанабын. Тоҕо чуолаан бу тиэмэ диэтэххэ, хортуоппуй биһиэхэ сүрүн аспыт тэҥэ. Онон бу аспыт доруобай уонна өлгөм үүнүүлээх буолара наада, - диэн улахан киһилии дьоһуннук туттан олорон научнай үлэтин сыалын-соругун кэпсиир Регина.

Саҥа ылыллыбыт ыраас суорт хортуоппуй

Агрокуб маны сэргэ эт кэнсиэрбэтин, чэй, быйылгыттан собо миинин оҥорон, олохтоох маҕаһыыннарга атыыга таһаарарын элбэх киһи сэргии истибит буолуохтаах. Быйыл 6000 устуука собо миини оҥорбуттарыттан 2500 Анал байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга ыыппыттар. Амсайбыт эрэ бары биһирээбит, амтана, өҥө миинтэн улахан уратыта суох. Онон өссө даҕаны оҥорор былааннаахтар. Маныаха соболорун буһарар, илдьи сынньар, хатарар, упаковкалыыр оборудование арааһын барытын хааччыммыттар.

Дьэ, киин куорат биир оскуолатын холугар дьоһун уонна киэҥ хабааннаах үлэ ыытылларын көрө итэҕэйдибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...