17.09.2022 | 19:17

Хатас 5 тэрилтэтэ – оҕо сайдарын-үүнэрин туһугар

Бүгүн, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үгэс буолбут күһүҥҥү дьаарбаҥка уонна оҕо аймаҕы эбии үөрэхтээһиҥҥэ Хатас 5 тэрилтэтин «Иллэҥ кэмҥэ дьарык дьаарбаҥката» диэн холбоһук тэрээһиннэрэ ыытылынна.
Хатас 5 тэрилтэтэ – оҕо сайдарын-үүнэрин туһугар
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Хатаспытыгар оскуолаҕа үөрэнэр саастаах оҕолору кытта үлэлэһэр биэс тэрилтэ үлэлиир, айар-тутар. Этэргэ дылы, баҕарар буоллахха, Хатастан тахсыбакка, оҕону алаадьы  курдук эргитэ сылдьан эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайыннарар толору кыах баар. Бүгүн кинилэр бары биир сиргэ кииннэнэн, баҕалаахтары куруһуоктарга, анал дьарыктарга, эбии үөрэхтээһиҥҥэ ыҥырдылар-угуйдулар.

Табыгастааҕа диэн, бары биир сиргэ турар буоланнар күнү – дьылы бараабакка, барытын кэрийэ сылдьан, субу тутан туран кэпсэтэн-ипсэтэн, көрдөрөн- иһитиннэрэн, ийэни-аҕаны кытта бииргэ сылдьан талан ылыы буолла. «Ситим» айымньы дьиэтин (дириэктэр Стручкова С.Т.) үлэһиттэрэ маастар-кылаас ыыттылар. Баҕалаах киһи сонно тута магниттаах сувенир оҥорон, дьиэтигэр өттүк харалаах барда.

Музыкальнай оскуола (Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолата, дириэктэр Лемешева Х.Н) оҕолоро тэттик кэнсиэри көрдөрдүлэр.

Спортивнай оскуоланы (7 нүөмэрдээх Оҕо спортивнай оскуолата, дириэктэр Гоголев Е.Е)  тула өрүү буоларын курдук турбут-олорбут, кэлбит-барбыт сытыы-хотуу сирэйдээхтэр муһуннулар, спорт хайа көрүҥүн талары толкуйдаатылар.

Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын (дириэктэр Слепцов Н.В) Агрокуб иһинэн Арассыыйа үрдүнэн үлэлиир улахан ситимҥэ киирэн биотехнология, роботехника, агробиотехнология өттүгэр анал дьарыктар, куруһуоктар бааллара интэриэһи үөскэттэ. Ону таһынан өй-санаа өркөнүн сытыылыыр төрүт оонньуулар – остуол оонньуулара (хаамыска, хабылык) баара хайҕаллаах суол. Бу көрүҥнэр бэрт сотору буолар норуоттар икки ардыларынааҕы  “Азия оҕолоро” күрэххэ болҕомто киинигэр буолаллара чуолкай.

«Тускул» КК (дириэктэр Чепалов В.А.) театральнай, үҥкүү, ырыа, уус-уран ааҕыы, хомус, фольклор атын да көрүҥнэригэр куруһуоктарга суруйталаата, түмсүүлэргэ киллэртээтэ.

Дьэ ити курдук бүгүн төрөппүттэр, оҕолор сылын аайы буолар күһүҥҥү дьаарбаҥканы кытта тэҥҥэ бу тэрээһиҥҥэ сылдьан, үүммүт үөрэх сылыгар эбии дьарыктанар хайысхаларын булан, суруйтаран, дьиэлэригэр үөрэн-көтөн төнүннүлэр.

Тэрээһин кылаан түгэнинэн бу ааттаммыт биэс тэрилтэ салайааччылара сөбүлэҥ түһэрсии туһунан докумуоҥҥа илии баттааһыннара буолла. 

Билиигин-көрүүгүн сатабылынан кэҥэттэххэ, атыннык эттэххэ, илиигинэн тутан-хабан, боруобалаан, оҥорон, ситэрэн-хоторон биэрдэххэ бэйэҕэр эрэлиҥ улаатар, үрдүктэн үрдүккэ тардыһыыҥ соччонон улаатар. Онтон  үүнэр – көлүөнэ ыччаппыт иннин хоту барарга бэлэм буоллаҕына, ол аата олох биир сиргэ турбат, тэпсэҥнээбэт.

Наталья РУФОВА, Хатас.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...