Харыстаһыҥ, өйдөһүҥ, өйөһүҥ!
Үксүгэр кэрэ аҥаар эр дьонтон «нуормаҕа» эппиэттиир сыһыаны күүтэр. Ол эрэн эр киһи уонна дьахтар уйулҕалара атын-атынын умнар табыллыбат диэн уйулҕаһыттар сүбэлииллэр. Эр дьон олоҕу, буола турар түгэни, үтүөнү да, мөкүнү да кэрэ аҥаардардааҕар атыннык ылыналлар. Онтон дьахтар аймах соһуйуо, кыйаханыа суохтаах, өйдүү сатыахтаах.
Тоҕо барытын итинник ылынаҕын диэн сирэй-харах анньыах оннугар, уйулҕаһыттар кэтээн уонна тэҥнээн көрөргө сүбэлииллэр уонна ити ордук туһалаах буолуоҕа дииллэр. Оттон атын киһи эйгэтин, ис туругун, майгытын-сигилитин үөрэтии, чинчийии олус умсугутуулаах дьарык буолар.
Эр дьон туһунан туох сүрүн өйдөбүл баарый, тугу сыыһа гынабытый:
Бастатан туран, эр киһи аптаах буолбатаҕын, бэйэбит эппэтэхпитинэ, тугу толкуйдуурбутун сатаан «ааҕар» кыаҕа суоҕун өйдүөхтээхпит. Оннооҕор таайар дьоҕурдара күүстээх аҥаардарга кыайан сайдыбатаҕа бэлиэтэнэр.
Үгүс дьахталлар тапталлаахтара кинилэр настарыанньалара уларыйыытыгар болҕомто ууруохтарын, тугу санаабыттарын таайыахтарын, баҕа санааларын толоро охсуохтарын баҕараллар. Ону эр дьон барахсаттар сэрэйэн да көрбөттөр, оннооҕор кэрэ аҥаардара бүрүчүөскэтин уларыппытын, саҥа таҥаһы кэппитин да өйдөөн көрбөккө хомотоллор да, мөҕүллэллэр да.
Дьахтар аймах тугу саныырбын өйдөөбөт, аахайбат, болҕомтотун уурбат диэн тута хомойо, өһүргэнэ, кыыһыра түһэр. Эбиитин туохтан хомойбутун сүгүн эппэт, бүтэйдии буугунуур. Эр киһи туох буолбутун өйдөөбөт, устунан ньиэрбинэйдиир. Итинтэн сылтаан өйдөспөт буолуу, кыыһырсыы, этиһии да тахсар, сыһыаннара мөлтөөбүтүнэн барар.
Эр киһи дьахтар тугу саныырын «ааҕар» кыаҕа суох.
Киниэхэ барытын көнөтүнэн, чуолкайдык быһааран этиллиэхтээх.
Эр киһи, айылҕатынан даҕаны ыллахха, баһылык; онон хаһан баҕарар дьиэ кэргэҥҥэ, таптал сыһыаныгар баһылыыр оруолга сылдьыан, лиидэр буолуон баҕарар. Дьахтар күүстээх аҥаарыгар эрэммэт, соруйан кинини хам баттыыр, лиидэр буола сатыыр буоллаҕына, иирсээн тахсара саарбаҕа суох. Итинник балаһыанньаҕа эр киһи арахсан барар эбэтэр, сөбүлэһэн, ылынан, салгыы олорор, ол эрэн куһаҕан дьаллыкка ылларыан, аһыы утахха умньаныан, бэйэтин ытыктаабат буолуон сөп.
Манна дьахтар киһитигэр төһө итэҕэйэриттэн, эрэнэриттэн уонна дьахтар быһыытынан муударай быһыыланыытыттан улахан тутулуктаах. Эр киһини кытта куоталаһар, конкурент буолар наадата суоҕун өйдүүрэ ирдэнэр.
Эр дьон кинилэри дьахталлар бүөбэйдииллэриттэн, көрөллөрүттэн-харайалларыттан наһаа астыналлар, үөрэллэр. Ол эбэтэр ханнык баҕарар эр киһи иһигэр оҕо «олорорун» умнуо суохтаахпыт. Киниэхэ дьахтар кэрэни, сылаас дьиэни, минньигэс аһы кытта сибээстээх. Хаһан баҕарар үйэтин тухары ийэтин уобараһа холобур, сырдыкка-кэрэҕэ угуйар аанньал буолар. Ол иһин олоҕун тухары кини дьахталлары ийэтин кытта тэҥнии көрөр.
Онон, күүстээх аҥааргытын таптыыр, сыаналыыр буоллаххытына, киниэхэ истиҥ сыһыан, сылаас, ыраас дьиэ-уот, минньигэс ас наадатын өйдүөх тустааххыт. Биллэн турар, ити ордук эдэр ыалларга эбэтэр күүстээх аҥааргытын кытта олоххут суолун холбуур баҕалаах кэрэ аҥаардарга сыһыаннаах.
Эр дьон наһаа элбэхтик мээрилиири, хаппырыыстыыры, ыһыыны-хаһыыны, ытааһыны-соҥооһуну сөбүлээбэттэр. Кинилэр чопчу этэри, налыччы саҥаны, логическай толкуйу ордороллор.
Ордук иирсээни, этиһиини, кыра кыһалҕаны уустугурдууну сөбүлээбэттэр. Онон туох эрэ табыллыбаты, мөккүөрдээҕи быһаарсарга бэйэ бодоҕутун тардына, кыыһырартан-тымтартан туттуна сатааҥ.
Тугу гыныахтаахпытый:
Быһаарсаары гыннаххытына, кэпсэтиэх иннинэ уоскуйа сатааҥ, ол кэнниттэн биирдэ саҕалааҥ;
Бэйэҕит ис туруккутун хонтуруоллана, салайа үөрэниҥ, итиннэ араас туһалаах тиэхиньикэ элбэх, холобур, йогалар курдук сөпкө тыыныы көмөтүнэн эмиэ уоскуйуохха сөп;
Сатанар буоллаҕына, уйулҕаһыкка сылдьыҥ эбэтэр саатар интэриниэт, социальнай ситим нөҥүө туһалаах видеолары, уйулҕаһыттар сүбэлэрин көрүҥ, туһааннаах кинигэлэри ааҕыҥ.
Дьиҥнээх эр киһи туора киһиэхэ, оннооҕор тапталлааҕар арыллара, бэйэтин итэҕэһин-быһаҕаһын, тугу сатаабатын, билбэтин туһунан кэпсиирэ, санаатын үллэстэрэ уустук буолар. Тоҕо диэтэххэ уһуйаантан, оскуолаттан саҕалаан кинилэр мэлдьи биири истэллэр: «Уолаттар ытыа суохтаахтар, эр киһи күүстээх буолуохтаах, хайа да түгэҥҥэ үҥсэргээбэт». Дьиҥэр, эр киһи даҕаны тоҕо санаатын, үөрүүтүн-хомолтотун үллэстиэ суохтааҕый? Сороҕор ытаатаҕына даҕаны, күлүү гыныллыа суохтаах, туохтан мунчаарарын болҕомтолоохтук истиллиэхтээх.
Маны умнуо суохтаахпыт:
Эр киһи эһигиттэн көмө көрдөөбөт буоллаҕына – бааһымаҥ! Ол аата бэйэтигэр эрэнэр эбэтэр күүстээх эр киһи курдук көстүөн, аптарыатын үрдэтиэн баҕарар. Мэһэйдэһимэҥ, сөптөөх быһаарыыны ылыныаҕа диэн эрэниҥ.
Эр киһи көмө көрдүүр буоллаҕына, улаханнык ыгылыйбытын бэлиэтэ, ол аата ити кыһалҕаны быһаарыы киниэхэ улахан суолталаах. Кириитикэлээмэҥ, сэмэлээмэҥ, элбэҕи саҥарымаҥ, куолулаамаҥ. Ол оннугар тугунан көмөлөһүөххүтүн толкуйдааҥ, кыалларынан өйүү сатааҥ.
Эр киһини биирдэ эмэ соҕотохтуу хаалларартан куттанымаҥ. Ити киниэхэ наадатын өйдөөҥ, мэһэйдээмэҥ. Соҕотох хаалан эһиги «уопсастыбаҕытыттан» сынньаныан, санаатын сааһыланыан наада. Сөп буола-буола бэйэ-бэйэттэн сынньаныы эмиэ туһалаах, сыһыаны ордук бөҕөргөтөр. Ити кэмҥэ эһиги эмиэ бириэмэҕитин туһалаахтык атаарыҥ, сынньаныҥ, ханна эмэ баран дьаарбайыҥ, дьүөгэлэргитин кытта көрсүһүҥ.
Эр киһи дьахтар тас көрүҥэр, кэрэ сэбэрэтигэр эрэ болҕомтотун уурар буолбатах. Кини дьахтар уобараһын биир кэлимник ылынар. Онон тас көрүҥмүтүгэр, таҥаспытыгар эрэ болҕомтону уурарбыт тутах. Дьахтар ис эйгэтэ, дууһата, майгыта, олоҕу сыаналыыра, үөрэ-көтө сылдьара, сырдык мичээрэ улахан суолталаах. Биллэн турар, интеллект өттүнэн сайдыылаахпыт эмиэ мэһэйдээбэт, кэпсэтэргэ интэриэһинэй буолар. Онон ис туруккутугар болҕомтону уурарга үөрэниҥ.
Саамай интэриэһинэйэ – дьахтар аймах эрэ кулгааҕынан «таптыыр» буолбатах эбит. Эр киһи эмиэ хайҕанарын, кэмпилимиэн истэрин сөбүлүүр. Онон төһөнөн кини туһунан үчүгэйи саҥарабыт да, оччонон кинини бэйэбитигэр тардабыт.
Сыһыан туһунан суруйууларга хаһан баҕарар «дьахтар оннук гыныахтаах, маннык буолуохтаах, эр киһини харыстыахтаах» диэн буолар. Хайдах эрэ эр киһи санаатын табаары тула сүүрэ сылдьыахтааҕын курдук. Биллэн турар, эр киһи өттүттэн эмиэ сыһыаны харыстыыр, сайыннарар, тупсарар туһугар «үлэ» барыахтаах. Барытыгар дьахтары буруйдуур, киниэхэ соҥнуур табыллыбат. Онон бэйэ-бэйэҕитин харыстааҥ, сыһыаҥҥытын тупсарарга икки өттүттэн үлэлээҥ, кэскилгитин кэрэһилээҥ.