03.02.2024 | 16:00

Харах уута суох көрбөккүн...

Харах уута суох көрбөккүн...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

1940 сыл, балаҕан ыйа. Саха сириттэн отут түөрт оҕо оччолорго Ленинград куоракка А.Н. Островскай аатынан театральнай институкка үөрэнэ барбыта. Кинилэр олохторун тыйаатыры кытта ситимниир ыра санаалаахтара. “Култуура уонна искусство киинигэр – Ленинград куоракка үөрэнэр дьоллоохпут!” – диэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ. Ону баара Аҕа дойду Улуу сэриитэ аан дойдуну атыйахтыы аймаабыта...

Кинилэр тиһэх күннэригэр диэри олоххо, искусствоҕа тапталлара уостубатаҕа. “Саха тыйаатырыгар үлэлии тиийиэхпит. Сайын ыһыах буолуо. Сыалаах эт сиэхпит, кымыс иһиэхпит, оһуохай этиэхпит...” – диэн ыра санаалара туолбатаҕа...

Ийэ барахсан санаатыгар, Танята  илэ бэйэтинэн субу кэлэн иһэр курдуга. “Таня!” – диэт, утары хаампыта. Ол эрээри ити кини оҕото буолбатах, атын кыыс этэ. Хомойуох иһин, Ленинград куоракка үөрэнэ барбыт көмүс чыычааҕа дьиэтигэр төннүбэтэҕэ... Оттон ийэ кыыһыгар анаан тикпит сиитэс былаачыйатын атын кыыс кэтэн турара...  

Эрдэ быһа түһэн эттэххэ, ыарахан айымньы. Киһини долгутар, ытатар, дууһатын кылын таарыйар...

Тохсунньу 26 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар Иван Гоголев-Кындыл айымньытынан “Кэрэ көмүскэлигэр” испэктээк премьерата буолан ааста. Режиссер Руслан Тараховскай туруоруута Ленинград блокадата уһуллубута 80 сылыгар ананна. Былырыын сайын М.С. Щепкин аатынан Москватааҕы Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбит алтыс көлүөнэ артыыстары көрөөрү, саалаҕа толору киһи муһунна.

Руслан Тараховскай, тыйаатыр сүрүн режиссера:

– Иван Гоголев бу пьесатын аан бастаан режиссер Федот Потапов тыйаатыр сыанатыгар 1983 сыллаахха туруорбута. 1940 сыллаахха Спиридон Алексеевич Григорьев салайааччылаах хамыыһыйа Саха сирин араас муннуктарыттан талааннаах оҕолору сүүмэрдээбитэ. Онно талыллыбыттар Ленинград куоракка театровед, режиссер, худуоһунньук, артыыс идэлэригэр үөрэнэ барбыттара. 34 оҕо, бүтүн тыйаатыр комплега... Хомойуох иһин, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, бу устуудьуйаттан соҕотох Анастасия Ларионова эрэ артыыс буолар дьылҕаламмыта. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Саха тыйаатырыгар үлэлээбитэ.

2002 сыллаахха Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтугар режиссер үөрэҕэр киирбитим, Андрей Саввич Борисов мастарыскыайыгар уһуйуллубутум. Дипломнай үлэбэр артыыстар “Кэрэ көмүскэлигэр” пьесаны туруорарбар сүбэлээбиттэрэ. Евгения Константиновна Лепковская матырыйаалларын ааҕан, Ефим Николаевич Степанов, Валентина Александровна Чусовская, аҕам саастаах артыыстарбыт ахтыыларын, кинилэр кэпсээннэрин истэн, онтон сирдэтинэн үлэбин саҕалаабытым. Дьиктитэ диэн, бу устуудьуйаҕа култуура, искусство эйгэтигэр суолу-ииһи хаалларбыт, итиэннэ билигин да айа-тута сылдьар дьоммут хаан-уруу аймахтара үөрэммиттэр эбит. Холобур, Андрей Саввич эдьиийэ Татьяна Монастырева, философия наукаларын кандидата Валентина Чусовская убайа Егор Чусовской, артыыс Татьяна Мыреева убайа Егор Мыреев, драматург Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр убайа Михаил Ермолаев, режиссер Прокопий Ноговицын аймаҕа Петр Ноговицын бааллара. 

Ол курдук, 2005 сыллаахха от ыйыгар “Кэрэ көмүскэлигэр” испэктээк тыйаатыр сыанатыгар иккистээн турбута. Онно 2002 сыллаахха М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены бүтэрэн кэлбит бэһис устуудьуйа выпускниктара бииргэ үөрэммит доҕотторум оонньообуттара. Ол кэннэ быйыл, 2024 сылга, 19 сыл буолан баран алтыс көлүөнэ щепкинецтэр сүрэхтэннилэр. Кинилэри иитэр, Саха тыйаатырын тыынын иҥэрэр, историятын биллиннэр диэн сыаллаах туруордубут.

Айымньы ис хоһоонун бүтүннүү кэпсиир наадата суох, ол эрээри аҕыйах түгэни бэлиэтээн ааһар тоҕоостоох.

Испэктээк оонньуу, көр-нар, күлүү-үөрүү, омун-төлөн аргыстаах саҕаланар. Үөрэх бастакы күннэрэ, оҕолуу килбик, маҥнайгы ыраас таптал, тэбэнэттээх эдэр саас кыырпах да былыта суох ыраас халлааны, эйэлээх олох дьоллоох кэмнэрин кэрэһилииллэр. Кыһалҕаны, эрэйи-муҥу көрө илик орой мэник оҕолор тугу барытын сонургуу, сөҕө-махтайа, кэрэни кэрэхсии көрөллөр, биир кэм күө-дьаа буолаллар. Ама дуу, Ленинград куоракка тиийбит, Эрмитажка үктэммит тыа сирин оҕолоругар барыта да сонун буоллаҕа! Кинилэр харахтарыгар – дьол, үөрүү кыыма, сарсыҥҥыга эрэл. Ону эдэр артыыстар көрөөччүгэ бэрт чаҕылхайдык, итэҕэтиилээхтик тиэртилэр.  Төрөөбүт дойдуга таптал, ахтылҕан испэктээккэ биир сүдү миэстэни ылар. Холобур, ону Таня кэһии тутан, бииргэ үөрэнэр доҕотторун кытта үөрэр, дьоллонор сыаналарыгар көрүөххэ сөп.

Онтон эмискэ Сэбиэскэй сойуус сүрүн куолаһа Юрий Левитан куолаһа иһиллэр. Биһиги дойдубутугар өстөөх саба түспүтүн иһитиннэрэр ыар сонун оҕолор олохторун атыйахтыы аймыыр. Бу кэмҥэ сыанаҕа турбут сиэркилэ хайа баран алдьанар. Ону символ уобарас быһыытынан ылыныахха сөп – мантан ыла кинилэр олохторо уруккутун курдук буолбат... Билигин аҕай кумааҕы сөмөлүөттэри көтүтэн оонньуу сылдьыбыт эдэркээн дьон көрүөх бэтэрээ өттүгэр сирэйдиин-харахтыын уларыйаллар. Уолаттар фроҥҥа бараллар, кыргыттар блокадаҕа түбэһэллэр.

Режиссер испэктээккэ саха төрүт култууратын барҕа баайын, норуот уус-уран айымньыларын сатабыллаахтык туттубута кэрэхсэбиллээх. Тойук, оһуохай, норуот ырыалара испэктээги киэргэттилэр, этэргэ дылы, “минньитэн”, тупсаран биэрдилэр. Маннык ыарахан айымньыга көр-күлүү (юмор) умнуллубатаҕа сөхтөрөр, туруорааччы оннук мындырдык, ураннык киллэрбит. Ол уоттаах сэрии, блокада ыар сылларыгар норуот кыайыыга, эйэлээх олоххо эрэлин кыл да түгэнигэр сүтэрбэтэҕин, дьон-сэргэ, ыччат туохтан да булгуруйбат модун санаатын туоһулуур.

Блокада сылларыгар дьон аас-туор олоҕо, кинилэр субу охтуох курдук сэниэтэ суох байааттаҥнаан хаама сылдьар сыаналара хайа баҕарар көрөөччүнү долгутар. Оттор мас суох кыһалҕатыттан биир уол рояль үрдүгэр сүгэлээх түһэ сатаабытын кыргыттар тохтотоллоро – өссө биир күүстээх сыана. Бу ханнык да ыарахан кэмҥэ кэрэттэн ордук киһи аймаҕы быыһыыр күүс аан дойдуга суоҕун бэлиэтиир.  

Андрей Борисов, тыйаатыр уус-уран салайааччыта:

–  Эдьиийим Таанньа (Татьяна Монастырева) эбэм балтын кыыһа этэ. Кини хаартыската тетя Пашалаах дьиэлэригэр испиэскэлэммит истиэнэҕэ ыйанан турарын өйдүүбүн. Кыра эрдэхпиттэн Таня туһунан элбэҕи истэн улааппытым.

Туох да диэбит иһин, бу оҕолор ыра санаалара туолбута. Кинилэр аймахтара култуура эйгэтигэр биллэр-көстөр дьон буолан тахсыбыттара. Саамай улахан баҕа санаалара – Олоҥхо тыйаатыра төрүттэммитэ.

Испэктээги сырыы аайы харах уута суох көрбөппүн. Көрөөччү эмиэ оннук ылынар буолуохтаах. Ол эрээри испэктээк дьону ытатаары эбэтэр күллэрээри эрэ туруоруллубат, хаһан баҕарар сүрүн идиэйэни тиэрдэр аналлаах буолар. Бу оҕолор ыра санаалара, искусствоҕа, төрөөбүт дойдуларыгар тапталлара көрдөрүлүннэ. “Любите искусство в себе, а не себя в искусстве” диэн этии баар дии (улуу Станиславскай кынаттаах тыллара – Аапт.).

Аныгы кэм ыччата хайаан да көрүөн наада. Билбэппин... өйдүөхтэрэ, ылыныахтара дуу... Ол эрээри кинилэргэ хайдах эмэ дьайыа диэн эрэнэбин. Бу испэктээк билиҥҥи кэмҥэ сөргүтүллүбүтэ тоҕоостоох (Руслан Тараховскайга туһаайан – Аапт.). Маладьыас!

Ромео уонна Джульетта, Туйаарыма Куо уонна Үрүҥ Уолан, Отелло уонна Дездемона... Оонньоммотох оруоллар, туолбатах ыра санаалар. Төһө да сыл-хонук, кэм-кэрдии ааспытын иһин, 1940 сыллаахха Ленинград куоракка үөрэнэ барбыт саха оҕолорун дьылҕалара көрөөччүнү долгута, уйадыта туруохтара. Кинилэр сырдык ааттара искусство баарын тухары ааттаныаҕа.

Ааптар уонна Саха тыйаатырын хаартыскалара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...