Харах уулаах өрөгөй ыһыаҕа
Саха сириттэн Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 62509 киһи ыҥырыллыбыт. |
1945 сыл ыам ыйын 9 күнэ дойдуга Кыайыы күнүнэн биллэриллибитэ. Сахабыт сиригэр аан бастакы үөрүүлээх Кыайыы ыһыахтара самаан сайын сатыылаан турар кэмигэр, бэс ыйыгар хас оройуон, нэһилиэк аайы ыһыллыбыта.
Сэриигэ уонна фроҥҥа
Таатта улууһуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр 1 757 киһи сэриигэ ыҥырыллыбыта. Сэрии толоонуттан 925 киһи дойдутугар, төрөөбүт сиригэр этэҥҥэ төннөн кэлбитэ. Сураҕа суох сүппүттэр уонна өлбүттэр ахсааннара – 832 киһи. 3-с истиэпэннээх Албан аат уордьанынан биир киһи наҕараадаламмыта. Таатта олохтоохторо сэрии фронугар 9 262 устуука сылаас таҥаһы, 10,2 киилэ күндү металы ыыппыттара. 1363000 суумалаах үбүнэн көмө оҥорбуттара.
128 буут эт, 93 буут саламаат, 367 буут кымыс
Күн бүгүн номох буолан кэпсэнэр Кыайыы ыһыаҕа Тааттаҕа Ытык Күөлгэ 1945 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр сынньалаҥ пааркатыгар тэриллибит.
Манна Таатта бары холкуостаахтарыттан 4 тыһыынча киһи сылдьыбыт. Нэһилиэнньэ муҥутуур үөрүүтүнэн арыалламмыт ыһыахха хас биирдии холкуос өйдөбүнньүк Кыайыы сэргэтин туруорбут. Пааркаҕа киирэр аартыкка хатыҥнары сэлэлии анньыбыттар. Худуоһунньук Иван Петров сүбэтинэн ыһыахтыыр түһүлгэни саҥардыбыттар. Ыһыаҕы олоҥхоһут Дарыбыан Дабыыдап алҕаан аспыт. “Кыһыл Күүс”, “Сардаҥа”, “Бойобуой” сопхуостар ох курдук оҥостон, сахалыы симэхтээх аттарга бастыҥнык таҥныбыт дьахталлары олордон киллэрбиттэрин дьон-сэргэ ордук биһирээбит. Кыайыы өрөгөйдөөх ыһыаҕар бэлэмнэнэн, холкуостаахтар түһүлгэттэн түүннэри кулуһун оттон, эттэрин-астарын онно бидиличчи буһарбыттар. Ол курдук, 128 буут эт, 93 буут саламаат уонна 367 буут кымыс астанан, нэһилиэнньэ дьоно өтөрүнэн көрбөтөх өлгөм уонна амтаннаах аһа Кыайыы түһүлгэтигэр тэлгэммит. Ыһыах көрө-нара, оонньуута эмиэ өйгө хаалардыы буолан ааспыт. Бастыҥнар, быһыйдар, күүстээхтэр илии-атах оонньуутун оройуттан туппуттар. Кыайыы ыһыаҕа олохтоохторго оннук өйдөбүлү хаалларбыт.
Уус Алдаҥҥа Кыайыы ыһыаҕа
Уус Алдан улууһуттан кырыктаах сэрии хонуутугар 2 189 киһи ыҥырыллан, дойдуларыттан харах уулаах атаарыллыбыттар. Олортон 947 биир дойдулаахтара этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэр. Ыар сэрии толоонугар 1 242 киһи сырдык тыына быстыбыт, сорохтор сураҕа суох сүппүттэр. Сэбиэскэй Сойуус дьоруойа 1 киһи уонна Арассыыйа дьоруойун үрдүк аатын 1 киһи ылар чиэскэ тиксибиттэр. Олохтоохтортон 4,7 киилэ күндү таас хомуллубут. Ону таһынан 5356 устуука ичигэс таҥас тигиллэн, фроҥҥа утаарыллыбыт.
Уус Алдан оройуонугар Кыайыы ыһыаҕын тэрээһинин мунньаҕын уурааҕынан Мүрү алааһыгар Кыайыы ыһыаҕа 1945 сыллаахха бэс ыйын 20-21 күннэригэр ыһыллыбыт. Ыһыахха 10628 киһи мустан оонньоон, көрүлээн атаарбыт. 52 сүөһү этин, 750 киилэ арыыны, 189.89 центнер кымыһы бэлэмнээбиттэр. Илии-атах оонньуутугар эр киһилиин, дьахтардыын уонна оҕолуун 670 киһи кыттыбыт. Барыта 75 ат, биэ, атыыр сүүрбүт. Кыайыы ыһыаҕын Иркутскайдааҕы киинэ хроникатын устуудьуйата үйэтиппит. Киинэ ааптара уонна режиссера – В. Стрельцов, оператор – В. Громоздинскай, тиэкиһи Н.Тенганьев аахпыт. Киинэ 1946 сыллаахха тахсыбыт, бу документальнай киинэ оччотооҕу ыһыах туһунан суос-соҕотох киинэ эбит.
Ол ааспыт кэми ахтан-санаан аастахха…
Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Кэбээйи, Мукучу:
- 1945 сыл ыам ыйа – Өрөгөйдөөх Кыайыы! Сидьиҥ өстөөҕү кыайаннар, кырыыстаах сэрии бүтэн, дьон-сэргэ төһөлөөх үөрбүтэ-көппүтэ буолуой? Самаан сайын кэлэн, күөххэ этэҥҥэ үктэнэн уонна кыайыы буолан, саха дьоно бииргэ мустан ыһыахтыыр күүтүүлээх дьоро күнэ үүммүтэ.
Улуу Кыайыы 75 сылынан сибээстээн, Кэбээйи улууһун уонна Мукучу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээннэр сэбиэттэрин кинигэтигэр аата-суола киллэриллэн турар, 88 саастаах ытык кырдьаҕастан Афанасий Афанасьевич Кычкинтан Кыайыы ыһыаҕын туһунан кэпсииригэр көрдөстүм. – Мин билэрбинэн, сэбиэскэй кэм эрдэҕинэ, урут улаханнык ыһыахтаабаттара. Боростуой дьон ыһыах диэни билбэт этэ. Ас-таҥас кырыымчык буолан, сэниэ, баай соҕус дьон мустан ыһыахтыыра. Кэлин бөдөҥсүтүү, бөһүөлэктээһин буолбутун кэннэ бырааһынньыктыыр, түмсэннэр мунньахтыыр буолбуттара. Нэһилиэк дьоно Арҕаа Мукучу уонна Илин Мукучу диэн икки сиринэн алаас саҕатыгар дьиэ туттан ньир-бааччы олорбуттара. 1945 сыллаахха мин уон үстээх оҕо этим. Убайым Николай Петрович Кычкин-Сөөкүй Кыайыы буолбутун туһунан Кэбээйиттэн истэн кэлэн, дьонугар кэпсээбитэ. Оччотооҕуга тырааныспар диэн суоҕа, дьон-сэргэ үксүн сатыы сылдьаллара. Кэбээйи мантан ыраах сир, атынан 4-5 хонон айаннаан кэлэллэр этэ. Мин өйдүүрбүнэн, бу сиргэ улахан бырааһынньык буолбат этэ. Ыаллар тус-туһунан алаастарынан бытанан олорор кэмнэригэр сибээс, араадьыйа, төлөпүөн диэн суоҕа. Ол эрэн, Кыайыы буолбутун истэн санаалара көтөҕүллэн, Мукучуга бэс ыйыгар ыһыах ыспыттара. Дьон кыанар өттө сэриигэ барбыт буоланнар, киһи аҕыйаҕа. Дьиикимдэттэн, Өкүчүттэн, Чиҥнээниттэн кэлэннэр, үөрэн-көтөн, сэһэн-сэппэн барыта өстөөхтөрү кыайыы-хотуу туһунан буолбута. Сэрии кыһарыйан, аас-туор олох буолан, сүөһү, ыанньык ынах, бурдук ас аҕыйах этэ.
Кыайыы ыһыаҕар саламаат оҥорбуттара уонна биир сылгыны өлөрөн үллэстибиттэрэ. Ити сыл биһиги нэһилиэккэ Тимофей Афанасьевич Григорьев, Спиридон Тимофеевич Кычкин кыайыы кынаттанан, сэрииттэн этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ,” - диэн Афанасий Афанасьевич сэһэргиир. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмин, Кыайыы ыһыаҕа буолбутун аҕа көлүөнэ умнубат. Оччотооҕу олох бэлиэ түгэннэрин сүрэҕэр сөҥөрөн илдьэ сылдьан ахтан-санаан кэлэр, ыччаттарга кэпсиир. Ытык дьоммут ахтыылара, кыайыыны уһансыбыт сэһэннэрэ, хорсун быһыылара кэнчээри ыччакка өйдөбүнньүк буолан үйэлэргэ хаалыаҕа.