15.09.2023 | 10:00

Хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ этэҥҥэ түмүктэннэ

Быйыл, 2023 сылга, «Модернизация школьных систем образования» федеральнай бырагырааманан Дьокуускай куорат 13 оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Билиҥҥи туругунан оскуолалар бэлэмнэрэ – 100%.
Хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ этэҥҥэ түмүктэннэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Эрдэттэн саҕалаабыппыт, кэмигэр бүтэрдибит

Мария Петровна Петрова, Дьокуускай куорат үөрэҕириигэ управлениетын начаалынньыга:

– Федеральнай бырагыраама чэрчитинэн 13 оскуолаҕа, барыта 14 эбийиэккэ өрөмүөн барда. Тоҕо 14 диир буоллахха, 38-с №-дээх орто оскуолаҕа икки дьиэ өрөмүөннэннэ. Билигин оскуолалар үлэҕэ-үөрэххэ 100% бэлэмнэр.

Оскуолалар үлэҕэ хойутаабакка, болдьоҕор киирэллэрин курдук, быйыл өрөмүөн үлэтин эрдэттэн саҕалаабыппыт. Ол курдук оскуоланы быйыл бүтэрбит оҕолор атын балаһааккаларга үөрэммиттэрэ, оттон атын кылаастар дистанционнай көрүҥҥэ көспүттэрэ. Итинник дьаһаныы түмүгүнэн эбийиэктэр хапытаалынай өрөмүөннэрэ кэмигэр бүттэ.

Нэдиэлэ аайы оскуолаларынан сылдьан үлэ хаамыытын тиһиктээхтик бэрэбиэркэлээтибит. Биир эмит эбийиэккэ харгыс, кыһалҕа баар буолла даҕаны, үөрэх дьыла саҕаланыытыгар мэһэйдэппэт курдук  тута быһаарсан, туоратан истибит.

Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ уопсайа 1 060 325,84 солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 943 690,00 солкуобай уонна олохтоох бүддьүөттэн 116 635,84 тыһыынча солкуобай көрүлүннэ. Өрөмүөҥҥэ барыта 280-тан тахса киһи үлэлээтэ.

Итини таһынан, быйыл оскуола систиэмэтин саҥардыы чэрчитинэн куорат уопсай үөрэхтээһинин тэрилтэлэрин хааччыйыыга 152 483, 35 солкуобай, ол иһигэр 135 710,18 солкуобай – федеральнай үбүлээһин, олохтоох бүддьүөттэн – 16 773,17 солкуобай. Барыта 179 лот биллэрилиннэ.  Хааччыйыы диэн өйдөбүл – ити оскуола саҥа тэрилэ, технологическай, «пищеблоктарга», мультимедийнай, көмпүүтэр тэриллэрэ.

Итиэннэ «Үөрэҕирии сайдыыта» федеральнай бырагырааманан педагогтар квалификацияларын үрдэтэр куурустары барыахтаахтар. Бэс ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 346 учуутал итинник куурустары ааста. Уопсайынан, педагогическай кэлэктиип 70%-на квалификацияларын үрдэтэр куурустары ааһыахтаах, ол иһигэр ФГОС саҥа ирдэбиллэринэн.

Оскуолаларга учебниктар уонна үөрэтэр-методическай литература саҥардылыннылар. Атырдьах ыйын 15 күнүн диэки оскуолалары учебниктарынан хааччыйыы 100% туолла.

Хапытаалынай өрөмүөн бу оскуоларга ыытылынна:

«29-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

« Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«7-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«13-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«Саха гимназия»;

«12-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«38-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата» –
2  эбийиэк;

«Маҕаннааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«19-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

« Е.Ю. Келле-Пелле аатынан 26-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

« П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан Хатастааҕы уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата»;

«Табаҕа уопсай үөрэхтээһинин орто оскуолата»;

«С.И. Климаков аатынан 24-с №-дээх уопсай үөрэхтээһин орто оскуолата».

Уонча сыл инникибитин хааччынныбыт

Алексей Климентьевич Семенов, Н.О. Кривошапкин аатынан 5-с №-дээх орто оскуола дириэктэрэ:

– Оскуолабытыгар быйыл өрөмүөн үлэтэ олох эрдэттэн, муус устар 3 күнүттэн саҕаламмыта. Дьиҥинэн, өссө эрдэттэн бэлэмнэнэн барбыппыт, ол курдук 3-с этээһи саҥа дьылтан босхолообуппут. Быйыл тохсунньу 14 күнүгэр оскуолаҕа салҕааһын (пристрой) аһыллыбыта, инньэ гынан оҕолор сирэй көрсөн олорон үөрэммиттэрэ.

Хапытаалынай өрөмүөнү эрдэ саҕалаабыт буоламмыт атырдьах ыйыгар түмүктээтибит. Бу сыалга уопсайа 70-тан тахса мөлүйүөн солкуобай туттулунна. Бэдэрээтчит – Ханин Александр Михайлович салайааччылаах «Монтажник» ПК. Үлэ олус үчүгэйдик барда диэххэ наада, 40-ча киһилээх биригээдэлэр үлэлээтилэр.

Оскуолабыт 2004 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ, оннугар турбут дьиэни ситэри көтүрбэтэхтэр этэ. Онон ол акылаата анньан, оскуолабыт бетон «отмостката» хайдан хаалбытын саҥаттан абырахтаан оҥордубут. Урукку өттүгэр дьиэбит үрдэ тэстэр этэ, ону эмиэ былырыын күһүн бэйэбит абырахтаабыппыт. Быйыл өрөмүөн чэрчитинэн сарай гидроизоляцията барыта саҥардылынна. Итиэннэ түннүктэри уларыттыбыт, бары күлүүстээх буоллулар, нэлэччи аһыллыбаттар. Оскуола иһэ бүтүннүүтэ штукатуркаланна, көрүдүөргэ плиткалары уларыттыбыт. Аны дьиэбит үрдүн (потолоктары) этэр буоллахха, тыаһы тутар акустическай плиталарынан оҥордубут, кэбиниэттэргэ бөҕө композитнай ааннары туруордубут. Аактабай саалаҕа үчүгэй хаачыстыбалаах коммерческай ламинаты тэлгээтибит. Манна универсальнай саала буолуоҕа, ол курдук үҥкүү, физкультура уруоктара ыытыллыахтара. Былырыыҥҥыттан Үҥкүү федерациятын кытта үлэлэһэбит. Федерация биһигини тренеринэн хааччыйар, оҕолор спортивнай-бальнай үҥкүүгэ дьарыктанар баҕалара баһаам. Ону тэҥэ музейы кытта үлэлэһэн проектордары таҥа сылдьабыт, ити бэйэтэ эмиэ туспа бырайыак буолуохтаах, онно бэлэмнэнэбит. Спортсаалаҕа аан дойду ирдэбилигэр эппиэттиир амортизациялаах спортивнай паркет тэлгэннэ.

Сорох наадалаах матырыйаалбыт Дьокуускай куоракка атыыламмата ыксата сылдьыбыта. Ол курдук түннүктэри, фасад матырыйаалын Новосибирскайтан атыыласпыппыт. Өссө биир уустугунан көмпүүтэр локальнай ситимин чөлүгэр түһэрии буолла, итиннэ элбэх бириэмэ барда. Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо усулуобуйа оҥорон, туалеттарбыт ааннарын кирпииччэ истиэнэни көтүрэн туран, кэҥэтэн биэрдибит, кабинкаларын бэйэбит оҥордубут. Итиэннэ канализациябыт спутнигын оҥоһуннубут.

12 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайга федеральнай бырагырааманан араас тэрил ылылынна. Ол курдук саҥа тоҕус интерактивнай панель кэлэн алын сүһүөх кылаастарга туттулла тураллар. 500 устуука паартаны, олоппоһу атыыластыбыт. Медиаустуудьуйа оҥороору, камералары, сырдатыыга уоттары, үчүгэй видеокаарталаах көмпүүтэрдэри ыллыбыт. Уопсай сууматынан ылан көрдөххө, оскуола алта сылы быһа атыылаһар наадалаах тэрилэ барыта биирдэ кэллэ. Уруккулары ааҕан туран көрдөхпүнэ, уонча сыл инникибитин хааччынныбыт, ол эбэтэр уон сыл тухары атыылаһыахтаахпыт биир сыл иһигэр баар буолла. Ити оскуолабыт сайдыытыгар улахан суолталаах буолуоҕа диэн эрэнэбин.

«Встречнай обязательство» диэнинэн оскуолабыт олбуора оҥоһулунна, ол курдук автоматическай боруотаны туруордубут. Итинник остолобуойга бородуукта аҕалалларыгар, итиэннэ бөхпүтүн тиэйэллэригэр сөптөөх усулуобуйаны тэрийдибит. Куттал суох буолуутун өттүгэр ыытыллар үлэ туһунан эттэххэ, баһаары сэрэтэр саҥа сигнализацияны уонна кэтээн көрүү аныгы камераларын туруордубут.

Быйылгы үөрэх дьылыгар оскуолабытыгар 1500 кэриҥэ оҕо үөрэнэр. Ааспыт үөрэх сылыгар 40 кылаас-комплект этэ, быйыл 43 кылаас буоллубут. 2018 сыллаахха федеральнай бырагырааманан куорат биһиэхэ Толстой уулуссатын 20 №-гэр баар дьиэни (билигин Курашов уулуссатын 28 №-рэ буолан турар) атыылаһан биэрбитэ. Уларытан оҥоруу кэнниттэн, 2020 сылтан онно оскуолабыт иккис корпуһа үлэлиир, 9-10-11 кылаастар үөрэнэллэр.

Биир сомоҕо буолан

Виктория Валерьевна Иванова, 38-с №-дээх орто оскуола дириэктэрэ:

– Оскуолабыт  1960 сыллаахха тутуллубут олус эргэ дьиэҕэ үлэлии олорор. Манна икки симиэнэнэн 550 оҕо үөрэнэр. Үөрэх бырагыраамата уратылаах: саха тылын, литературатын, култууратын сэргэ олохтоох эбэҥки омук тылын, култууратын, литературатын үөрэтэбит. Ону таһынан гуманитарнай, математика туһаайыылаах кылаастар бааллар. Оскуолабыт иһинээҕи климатын оҥорууга болҕомто уурабыт. Биһиги учууталларбыт үлэлэрэ уруогунан эрэ муҥурдаммат, олорор Гагарин түөлбэбитигэр, куоракка араас тэрээһиннэри иилииргэ-саҕалыырга төһүү күүс буолабыт. Айымньылаахтык үлэлиир учууталлар өйөбүлүнэн туһаналлар. Ол иһин биһиги оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэр оҕону кэрэни өйдүүргэ, бэйэни кэскилгэ салайарга туһуланаллар. Саха, эбэҥки оҕотун айылҕатын алдьаппакка сайыннарарга анаан олоҥхобутун омуктуу тылынан саҥардан туруорабыт, олохтоох омуктар ырыаларын, үҥкүүлэрин өрө тутарга үөрэтэбит.

Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ бастакынан хабыллан, оскуолабыт толору өрөмүөнү ааста. Бу иннинээҕи икки сылга дьиэбит хаарбах туруктааҕын туруорсан, оскуолабыт сыбаайатын, мэндиэмэнин уларыттарбыппыт, туалет хоско анаан самалык тутуу туруорбуппут. Өрөмүөн үлэтэ, былаан быһыытынан, ааспыт үөрэх дьылын муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыта. 44 мөлүйүөн солк. үп көрүллэн, сайын устата дьиэбит сарайа, муостата, түннүктэрэ, ааннара, этээстэр икки ардыларынааҕы сабыыта, истиэнэ сыбаҕа, сантиэхиньикэтэ, электриката толору уларыйда. Бу үлэни барытын бэдэрээтчит А.Н. Голоков салайааччылаах «Сантехстрой-2008» ХЭТ толордо. Үлэни сайын устата оскуола салалтата, учууталлар, төрөппүттэр, үөрэҕирии управлениета, Ил Дархаҥҥа тиийэ хонтуруоллаатыбыт.

Биллэн турар, улахан үлэ ыарахаттары көрсүбэккэ буолбат. Оскуолаҕа биир-икки хонук иһигэр туох да суох буолуохтаах диэн сорук турбута.  Ол барыта учууталлар, төрөппүттэр сомоҕолоһууларын, түмсүүлээх үлэлэрин түмүгэр ситиһиллибитэ. Ыскааптар, паарталар ыаллар гараастарынан, ампаардарынан тарҕаммыттара, сорох кылаастар оҕолоро бэйэлэрин паарталарын хосторугар ылан сайылатарга күһэллибиттэрэ. Көмпүүрдэрбит, араас тиэхиньикэбит ыаллыы Гагарин аатынан култуура киинэ тылланан, онно биир кэбиниэти баһылаан сайылаата. Аата-ахсаана суох элбэх паапкалар, учебниктар, истиэндэлэр учууталлар, үөрэнээччилэр дьиэлэринэн харалыннылар. Ону таһыыга үөрэнээччилэрбит, төрөппүттэрбит, үлэһиттэрбит кымырдаҕас курдук өрө-таҥнары сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Оскуола салалтата хаачыстыбалаах тутуу матырыйаалын, ирдэбилгэ эппиэттиир хаачыстыбалаах, кэрэ көстүүлээх миэбэли булууга ыарахаттары көрсүбүтэ. Ол эрээри санаабытын ууран, туруулаһан бу кыһалҕаны этэҥҥэ аһарбыппыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...