11.10.2021 | 13:00

Хаппыыстаны араастаан астыахха

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Беконнаах хаппыыста

Састааба:

1 орто хаппыыста;

3 ост. нь. мас арыыта (эбэтэр оливковай арыы);

туус;

хара биэрэс;

бекон.

Хаппыыста тас сэбирдэхтэрин ылабыт, сууйабыт. Түөрт аҥыы хайытан бысталыыбыт. Кытаанах төрдүн быһан ылан быраҕабыт. Хас биирдии чааһын аҥаардыыбыт уонна духуопка илииһигэр сааһылаан уурабыт. Үрдүгэр арыыны таммалатабыт, туустуубут-тумалыыбыт.

Бекон ломтиктарын аҥаардыыбыт уонна хаппыыстабыт үрдүгэр уурталыыбыт. 230 кыраадыска эрдэттэн сылытыллыбыт духуопкаҕа 30 мүнүүтэ буһарабыт. 15 мүнүүтэ буолбутун кэннэ хаппыыстабытын эргитэн биэрэбит.

Бу бүлүүдэ остуолга итиилии бэриллэр

Гратен

Састааба:

700 г хаппыыста;

1/3 бурдук;

1 ыст. үүт;

1/3 сүөгэй;

3 сымыыт;

3 ост.нь. бытархай гына кырбаммыт петрушка;

1,5 ч.нь. туус;

0,5 ч.нь. хара биэрэс;

100 гр. теркаламмыт сыыр;

1 ост. нь. мас арыыта;

Хаппыыстабытын ууга буһаран ылабыт, 5 мүнүүтэ устата оргутабыт. Уутун сүөкээн баран, тымныы уунан сайҕаан ылабыт, таҥаска тэлгээн куурдабыт.

Духуопканы 190 кыраадыска сылытабыт.

Улахан миискэҕэ бурдугу, сүөгэйи, үүтү, сымыыты, петрушканы, тууһу, биэрэһи уонна сыырбыт 1/3 холбуубут. Хаппыыстабытын бу тиэстэбитигэр кутан булкуйабыт.

Духуопка форматын арыынан оҕунуохтаан баран сыыры таммалатабыт уонна бэлэмнэммит аспытын кутабыт. Үрдүгэр эмиэ сыырбытын таммалатабыт.

Духуопкаҕа 50 мүнүүтэ буһарабыт. 

 Кэтилиэт

Састааба:

500 г хаппыыста;

2 болгарскай биэрэс;

50 г ынах арыыта;

100 мл үүт;

3 ост. нь. мааннай куруппа;

2 сымыыт;

туус, петрушка, укроп;

мас арыыта.

Хаппыыстабытын солуомкалыы кырбастыыбыт. Көстүрүүлэҕэ үүтү сылытабыт, ынах арыытын эбэбит. Манна хаппыыстабытын хаппахтаан туран, кыра уокка уонча мүнүүтэ буһарабыт. Сотору-сотору булкуйа туруохха наада.

Күөх оппутун сууйабыт, кыра гына кырбыыбыт. Хапыыстабыт сойбутун кэннэ сымыыт, кырбаммыт биэрэс, күөх от, туус эбэн баран үчүгэйдик булкуйабыт. Кэтилиэттэри оҥоробут.

Мас арыытын хобордооххо сылыта түһэн баран, онно кэтилиэттэрбитин эргитэ сылдьан ыһаарылыыбыт. Онтон уотун кыччатан ситэри буһарабыт эбэтэр духуопкаҕа уган ылыахха сөп.

Остуолга араас кетчубу, соуһу, майонеһы кытта биэриэххэ сөп.

Лаваштан хаппыысталаах бэрэски

Састааба:

Лаваш – 2 уст;

450 г хаппыыста;

1 уст. эриэппэ луук;

туус, биэрэс;

2 сымыыт;

мас арыыта.

Хаппыысталаах бэрэскини сөбүлүүр дьон бу бүлүүдэни ордук сэҥээриэхтэрэ.

Бастаан хаппыыстабытын луугу кытта ыһаарылыыбыт, туустуубут-тумалыыбыт, онтон сойутабыт.

Лавашпытын түөрт муннуктуу бысталаан бэлэмниибит. Сымыытынан силимнээн бэрэскилэри оҥоробут. Арыыга ыһаарылаан ылабыт.

Хаппыыстаттан стейк

Састааба:

1 уст. сибиэһэй хаппыыста;

30 г ынах арыыта;

30 мл. оливковай арыы;

паприка;

чеснок бороһуога;

туус, биэрэс.

 

Хаппыыстабытын тас сэбирдэҕин ыраастаан баран 2 см халыҥнаах гына төгүрүктүү бысталыыбыт – бу аата стейк буолла.

 Стейк биир өттүн ынах арыытынан сыбыыбыт, туустуубут, тумалыыбыт. Духуопка илииһигэр пергамент кумааҕы тэлгиибит. Стейктарбытын арыылаах, тумалаах өттүн аллараа гына уурабыт. Үрдүн эмиэ туустуубут уонна тумалыыбыт.

Духуопкаҕа угарбытыгар фольганан сабабыт. 180 кыраадыска 50 мүнүүтэ буһарабыт, аспыт буһара аҕыйах мүнүүтэ хаалбытын кэннэ фольгатын ылан саһарда түһэбит.

Бу стейктары остуолга биэрэргэ сүөгэйдээн тупсарыахха сөп.

Дьаабылыкалаах запеканка

Састааба:

1 хаппыыста;

4-5 дьаабылыка;

4 ост. нь. сүөгэй;

1 ост. нь. сыыр;

1 ост. нь бурдук;

2 ост. нь. суухара;

туус, мускатнай эриэхэ;

укуруоп, петрушка.

Хаппыыстаны синньигэс гына шинкуйдуубут, тууһуубут. Халыҥ түгэхтээх көстүрүүлэҕэ буһарабыт. Дьаабылыкалары хаҕын ыраастыыбыт, ортотун ылан быраҕабыт, синньигэс гына кырбастыыбыт.

Хаппыыстаны кытта холбуубут. Сүөгэйи, сымыыты уонна бурдугу эбэбит. Духуопка форматын арыынан оҕунуохтаан баран панировочнай суухаранан таммалатабыт, онно тиэстэбитин кутабыт. Үрдүгэр сыыры, мускатнай эриэхэни таммалатан баран уулларыллыбыт ынах арыытынан сыбыыбыт.

Духуопкаҕа буһарабыт. Остуолга ууруох иннинэ күөх отунан киэргэтэбит.

Ааҕааччыларбыт ырысыаптара 

Хачыгырас оҕурсу

Оҕурсубутун тымныы ууга илитэ уурабыт. Биһиги ууга хоннорооччубут. Онтон сарсыныгар оҕурсуларбытын кылбаччы сууйабыт. Бааҥкаларбытын эмиэ сууйан-сотон, кичэйэн стерилизациялыыбыт.

Стерилизациялааһыны бэрт судургутук духуопкаҕа оҥоруохха сөп – бааҥкаларбытын сууйан, куурдан баран 120 кыраадыска 15 мүнүүтэ уган ылабыт. Хаппахтарбытын 15 мүнүүтэ ууга оргутабыт.

Бааҥкаларбытыгар бэрээдэгинэн кутабыт: укуруоп, чеснок биир өлүүскэтэ, 4 устуука төгүрүк хара биэрэс, 1 устуука гвоздика, лавровай сэбирдэх, моонньоҕон сэбирдэҕэ, лимон куһуоччуга. Онтон кырбаммыт оҕурсубутун симэбит. Оргуйбут уунан кутан кэбиһэбит. 10 мүнүүтэ туруорабыт.

Оҕурсуларбыт ууга турар кэмнэригэр рассолбутун бэлэмниибит. 1 лиитирэ ууга 2 ост. ньуоска туус, 2 ост. ньуоска саахар буоларын курдук суоттаан уу оргутабыт.

Били мааҕын оргуйбутунан куппут уубутун сүөкээн кэбиһэбит уонна рассолбутун бааҥкаларга толору кутабыт.

Салгыы бааҥкаларбытын 120 кыраадыска 15 мүнүүтэҕэ духуопкаҕа угабыт. Маныаха духуопка эрдэттэн сылытыллыбат. 15 мүнүүтэ ааспытын кэннэ духуопкабытын арааран кэбиһэбит, бааҥкалаах оҕурсуларбыт духуопка иһигэр туран сойо түһэллэр. 10-ча мүнүүтэ сойбуттарын кэннэ, таһааран хас биирдии бааҥкаҕа 2-лии ост. ньуоска уксуус кутан баран ыга хаппахтаан кэбиһэбит.

 

Ивановтар, Дьокуускай к.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...