Ханнык уулуссаларга суол өрөмүөнэ барарый?
Бүгүҥҥү, муус устар 24 күнүнээҕи туругунан, Петровскай, Краснояров, Курашов, Студухин, Орджоникидзе, Ярославскай, Октябрьскай, Лермонтов, Федор Попов, Ойуунускай, Поярков, Богатырев, Кулаковскай, Белинскэй, Дежнев, Чернышевскай, Дзержинскэй, Киров, Аммосов, Октябрь 50 сыла автострада, Можайскай, Быковскай, Гагарин, Хабаров, Каландрашвили, Автодорожнай, Кальвица, Богдан Чижик, Бестужев-Марлинскай, П.Алексеев, Аржаков, 202 микрооройуон уулуссаларыгар, Роман Дмитрев набережнайыгар, Ленин проспегар, Бүлүүлүүр тракка бордюрдары ыраастааһын ыытыллар.
Бүлүүлүүр тракка, Федор Попов уулуссатыгар Дзержинскэй уулуссатыттан Богдан Чижик уулуссатыгар диэри суолу харбыыллар, сыыһын ыраастыыллар. Бүлүүлүүр трактан, Новообъездной шоссеттан, Федор Попов, Лермонтов уулуссаларыттан, Сэргэлээх шоссетыттан хомуллубут бөҕү тиэйиллэр.
Суол дьааматын өрөмүөннээһин үлэтэ Автодорожнай, И.Кульбертинов уулуссаларыгар, Хатаска Аржаков, Совхозная, Ойуунускай уулуссаларыгар бара турар. Суолу грейдеринэн тэҥнээһин И.Кульбертинов уулуссатыгар, Хатаска Аржаков, Совхозная, Каладарашвили уулуссаларыгар ыытыллар.
Ууну аһардар лотуоктары паарынан үрдэрэн ириэрии Тимирязев, Лермонтов, Хабаров, Кулаковскай, Крупская, Ильменская, Петровскай, Чиряев, Бүлүүлүүр тракт суолларыгар бара турар. Ойуунскай 11-гэр, Петровскай 34-гэр, Лонгинов, Бекетов, Краснояров уулуссаларыгар чалбах уутун обортороллор.
Суол дьааматын өрөмүөннээри Студенческай уулуссаҕа чалбах уутун оборторуу ыытыллар. Якутская 54, Лонгинов 42/1, Бекетов 35. Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла 39, Бүлүүлүүр тракка сааскы ириэрии уутун обортороллор.
Суоллары ыраастааһыҥҥа 4 бирисиэптээх “Скандия”, КАМАЗ сүүрэллэр. Суол дьааматын абырахтааһыҥҥа 8 тиэхиньикэ: мини Бобкэт S-530, 3 самосвал, 1 грейдер ДА-98, 1 бульдозер, виброплита уонна суол сиигин быһааччы. Уопсайа 20 үлэһит, 8 суолу сууйар массыына, 5 помпа, 2 ППУ установка үлэлииллэр.