Ханнык тонометры талабыт?
Билигин хааннарын баттааһына халбаҥныырыттан эрэйдэнэр дьон элбэх. Онуоха халлаан туруга, планеталар алтыһыылара, магнитнай буурҕалар уонна да атын киһи күннээҕи олоҕор көрсөр түгэннэрэ кытта дьайаллар.
Хаан баттааһынын биир таһымҥа тутар туһугар быраас анаабыт эмин иһиэхтээхпит. Оттон күннэтэ бэйэни хонтуруолланарга тонометр диэн тэрил туһалыыр.
Бу туһунан невролог Артем Науменко (@dr_naymenko) маннык суруйар:
Үлэлии сылдьар, хаан баттааһынын уларыйыытыттан үөскүүр ыарыылары, инсулу 10 сыл эмтээбит невролог быраас быһыытынан кэпсээтэхпинэ, миэхэ кэлбит хас иккис ыарыһах: “Мин дабылыанньабын күн аайы бэрэбиэркэлиибин. Курутуой тонометрдаахпын. Үчүгэй дабылыанньаны көрдөрөр этэ, ол иһин таблеткаларбын испэтэҕим. Илии тонометрынан сатаан туттубаппын даҕаны...”, – диир. Онуоха мин: “Эн билигин балыыһаҕа кэллиҥ ээ”, – эрэ диибин.
Билигин ханнык баҕарар аптекаҕа киирдэххитинэ, тонометр арааһын булаҕыт. Олох чэпчэки сыаналаахтан саҕалаан олус ыарахан сыаналаахха тиийэ бааллар.
Билигин оннооҕор суотабай төлөпүөҥҥэ сүрэх тэбиитин ааҕыахха, хааҥҥа кислород таһымын кытта билиэххэ сөп. Омук сирдэригэр суотабайга оннооҕор ЭКГ түһэрэллэр. Сайдыы барара үчүгэй. Ол эрэн тонометр стрелкатын уонна кулгааххытынан истэргитин ханнык да аныгы технология солбуйар кыаҕа суоҕун өйдүөххэ наада.
Электроннай тонометргытын дьиэҕитигэр бэрэбиэркэлээн көрүҥ:
Хайдах олоруохтааххытынан, быраабыланан олорон кээмэйдэниҥ.
Хамсаабакка эрэ 10-чата дабылыанньаҕытын мээрэйдээҥ.
Көрдөрүүлэрин тэҥнээн көрүҥ.
Наар биири көрдөрөр буоллаҕына, тонометргыт үчүгэй. Сыыппаралар уларыйа сылдьар буоллахтарына, бу тэрили туттар кэриэтэ саамай боростуой илии тонометрыгар көһүҥ.
Билиҥҥи үйэ дьоно аныгы технологиялары баһылыырга күһэллэбит, син биир барытыгар үөрэнэбит, ылынабыт. Ол аата илии да тонометрынан тутта үөрэниэххэ сөп.
Чэгиэн буолуҥ!