ХАННА МИННЬИГЭСТИК АҺАТАЛЛАРЫЙ?
Өрөспүүбүлүкэбитигэр остолобуойдарга оскуола оҕолорун аһатыы тэрээһинэ Роспотребнадзор кыраҕы кэтэбилигэр, хонтуруолугар турар.
Киһи доруобуйатын туруга хайдах аһыырыттан улахан тутулуктаах. Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, кэтээн көрүүлэринэн медицинаттан доруобуйабыт 10-15, төрөппүттэрбит доруобуйаларыттан 15-20 бырыһыаны эрэ ылабыт. Оттон хаачыстыбалаах аһылык доруобуйабыт 50-55 бырыһыанын ылар эбит.
Киһи ийэтин иһигэр саҥа үөскүөҕүттэн кини тугу аһылыктарынан эмсэхтэнэр. Доруобай аһылыктаах ийэттэн, биллэн турар, доруобай оҕо төрүүрэ саарбаҕа суох. Ийэтэ аһыы утаҕы иһэр, табах тардар буоллаҕына, кырачаан оҕо доруобуйата айгырыыр.
Онон оҕону кыра эрдэҕиттэн доруобай, олохтоох аһынан аһатан, элбэх битэмииннээх оҕуруот аһын сиэтэн улаатыннарыахха наада. Кинилэр доруобуйалара эргиччи төрөппүттэртэн тутулуктаах. Манна ким да утары эппэтэ буолуо диэн саарбахтаабаппын. Эн тугу астыыргыттан, тугу атыылаһаргыттан, остуолгар туох аһы ууран аһатаргыттан кини инникитэ, этин-сиинин туруга, ыарыыга хаптарбата барыта киирэр. Манна тулалыыр эйгэ улахан оруоллаах, сабыдыаллаах. Биллэн турар, ийэ, аҕа кыраҕы кэтэбилигэр сылдьар оҕо быдан доруобай буолар. Оттон көннөрү түргэнник буһар лапсалары, ааһан иһэн араас фастфудтары атыылаһан, гаастаах утахтары, чипсыны ыла сырыттахха оҕо уйан доруобуйата кэбириирэ чуолкай. Күнү быһа үлэтигэр сылдьар төрөппүт оҕотугар аһылыкка диэн харчы биэрэн баран тугу аһыырын хонтуруоллаабат буолуон сөп. Хайа да оҕо чипсы, кола ылан истим диэ суоҕа. Оскуола остолобуойуттан хааһы, миин ылан истим диэҕэ.
“Демография” национальнай бырайыак иитинэн оҕолор бөҕө доруобуйалаах буолалларыгар, ыарыыны сэрэтэллэригэр, сөптөөх аһылыгынан хааччыйарга судааарыстыба улаханнык үлэлэһэр. Бу бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн ааспыт 2020 сыл ахсынньы ыйга “Оскуола бастыҥ остолобуойа” бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус буолан ааспыта. Тэрийээччинэн СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ буолбута.
Хоруона дьаҥа туран тэрээһин тас форматынан ыытыллыбыта. Куонкуруска барыта 18 куорат уонна 26 тыа оскуолалара кыттыбыттара.
Күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтар икки анал аакка тискибиттэрэ:
“Куорат оскуолатын бастыҥ остолобуойа” – М.И. Кершенгольц аатынан 9 №-дээх орто оскуола, Дьокуускай куорат.
“Тыа сирин оскуолатын бастыҥ остолобуойа” – Эдьигээн орто оскуолата.
Кыайыылаахтар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыыны ылыахтара.
Сойуус саҕана хайдах аһаталларай?
Судаарыстыба оҕо доруобуйатыгар, үүнэр көлүөнэҕэ эмиэ улахан болҕомтотун уурара, онон остолобуойдарга сөптөөх, оҕоҕо аналлаах аһылык астанарыгар кытаанах ирдэбил олохтоноро.
Оччолорго, биллэн турар, ас-үөл дэлэй, барыта босхо этэ буоллаҕа. Кылааска дьуһуурунайдыыр оҕо перемена буолуо 10-15 мүнүүтэ иннинэ уруоктан тахсан барар уонна остолобуойга тиийэн иһит-хомуос тардар, куппут астарын биир-биир уурталыыр. Чуораан тыаһаата да, оҕолор бары күргүөмүнэн кылаас салайааччытын кытта кэлэн аһаан бараллар. Дьуһуурунай бэрээдэги кэтиир, бүттэхтэринэ аһаабыт иһиттэрин хомуйар эбээһинэстээх буолааччы.
Оччолорго дойдубут бары муннуктарыгар оҕолор доруобуйаларын харыстыыр научнай-чинчийэр институттар тэриллибиттэрэ, кини үлэтин сүрүн салаатынан оскуола оҕолорун аһылыгар сөптөөх хайысханы тутуһуу, суолу көрдөөһүн буолбута.
Оскуолаҕа остолобуойдары таһынан буфеттар эмиэ үлэлииллэрэ. Манна үксүн бутерброд, тымныы сокуускалар, бурдук ас, үүт, утах бэриллэрэ. Бэчиэнньэни, коржигы аҕыйах кэппиэйкэҕэ ылан сиириҥ.
Кыһыҥҥы кэмҥэ битэмииннээх аһы ирдииллэрэ. Бу ордук соҕуруу дойдуларга буолуохтаах, кинилэргэ фрукта арааһа баар буоллаҕа. Биһиэхэ итии чэй, миин, хааһы, торуой баар буолла да, мантан ордукка наадыйбат этибит.
Брежнев салайан олорор кэмигэр оскуола оҕотун сарсыардааҥҥы аһылыга 15 кэппиэйкэ буолара – бу алын кылаас оҕолоругар, онтон атын кылаастарга – 20 харчы.
Оттон билигин?
Айсена Новоприезжая, Эдьигээн орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ:
–Оскуолабыт остолобуойа бастыҥ буолбутун истэн наһаа үөрдүм. Кырдьык даҕаны, биһиги сырдык, ыраас остолобуойбут бастыҥтан бастыҥ буолуох курдук. Астыыллара да, астара да минньигэһэ, повардар куруук үөрэ-көтө көрсөллөр, наһаа элэккэйдэр.
Остолобуойбутугар күҥҥэ иккитэ босхо аһаталлар. Сарсыарда хааһы арааһын сиибит. Итии аһылыкпытыгар эт, балык миинэ, мокоруонтан бэйэҥ сөбүлээбиккин талан ылаҕын. Утахха хомпуот, муорус, чэй, кисиэл, ардыгар үүт да баар буолар. Саамай астынарым, субуотаҕа остолобуойбут өрөөбөккө эмиэ итии аһынан хааччыйар.
Бэйэм туспунан кылгастык кэпсиир буоллахпына, үөрэхпэр туйгуммун, кылааспыт салайааччыта Александра Петровна Евсеева диэн. Мин гимнастиканан дьарыктанарбын, ыллыырбын, үҥкүүлүүрбүн, олоҥхолуурбун сөбүлүүбүн. Араас куруһуоктарга сылдьыам этэ да, пандемиянан сылтаан буолбаттар.
Тапталлаах асчыттарбар тыа оскуолаларыгар бастакы миэстэни ылбыттарынан эҕэрдэлиибин, остуол хотойорунан минньигэс арааһын астыы тураргытыгар, кытаанах доруобуйаны, иллээх, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабын!
Ирина Алексеева, төрөппүт, Дьокуускай:
– Оҕолор оскуолаҕа итии аһылыгы аһыыр буолбуттара наһаа үчүгэй. Менюлара син араас быһыылаах. Миин, торуой, фрукта биэрэллэр, араас бурдук аһа. Ол гынан баран астаммыт астарын хаачыстыбата наһаа үчүгэйэ суох курдук. Кэлии эт, искусственнай сыртан бородуукта, дьиҥнээх сыр буолбатах. Аны дьаабылака аҥаарын биэрэллэр, бүтэйдии буспут сымыыт. Дьиҥэ, оҕону аһатар быраабыланан сымыыт көҥүллэммэт, фрукта аҥаарданыа суохтаах. Ол аата тендери кыайбыт тэрилтэ ирдэбили тутуспат эбит диэххэ наада.
Аны икки сыллааҕыта Гордуума оҕолору бэйэ олохтоох сахалыы аһынан аһатарга диэн быһаарыы ылыммыта, онтулара олоххо киирбэтэ.
Барыта харчы кырыымчыгыттан буолуо дии саныыбын.
Түмүккэ Роспотребнадзор оҕо аһылыгар улахан болҕомтотун уурбат эбит диэххэ сөп.
Петр, ФТЛ үөрэнээччитэ:
– Мин билигин ФТЛ-га үөрэнэбин, бу иннинэ 7-с оскуолаҕа үөрэммитим. Онон икки остолобуойу тэҥнээн көрүөм.
Урукку оскуолабар ас арааһа баара, киһи төһөнү баҕарар талара, борщтара минньигэһэ сүрдээҕэ, десерт чааһыгар пирожнай эҥин биэрэллэрэ. Оттон лицей аһа хайдах эрэ биир кэм, уларыйбат да курдук. Аһы биэрэллэрэ да араастаһар – 7-с оскуолаҕа повардар аһы остуолга бэйэлэрэ тардаллара, эбэтэр толору астаах миискэни, тэриэлкэлэри ууран кэбиһэллэрэ, маныаха биһиги бэйэбит хаһаайыннаан, аспытын тардынан аһыырбыт. Оттон билиҥҥи оскуолабар туһунан остуолларга олорон эрэ тимир подноска биэрбит астарын эрэ сиигин, төһөнү куппуттарынан. Манна килиэп, пиэрибэй, торуой баар буолар.
Аны туран буфеттарбыт эмиэ араастаһаллар. Тас да көстүүлэринэн, аһылыктарынан даҕаны. 7-с оскуолаҕа, биллэн турар, аһын арааһа элбэх этэ – булочка, тиэстэҕэ сууламмыт сосиска, пирожнайдар, соктар, сакалааттар. Лицейгэ маннык буолбатах, атыыга баар аһа аҕыйах. Ол да буоллар хайа баҕарар оскуолаҕа 100 солкуобайга холкутук тото-хана аһыахха сөп.
Анна Бурнашева, Уус Алдан улууһун оҕо реабилитационнай киинин асчыта:
–Повар киһи үлэтэ сарсыарда эрдэ саҕаланар. Оҕо аһыахтаах менютун барытын медик суруйбутунан астыыбыт, туох баар ирдэбили, СанПины тутуһан туран.
Меню быһыытынан оҕолор күҥҥэ 6-та аһыыллар. Биһиги кииммитигэр билигин 15 оҕо сылдьар. Оҕолорго үксүн эриллибит этинэн астыыбыт: кэтилиэт, тефтель, фрикаделька, о.д.а. Нэдиэлэҕэ биир күн балыктан арааһы астаан аһатабыт. Полдникка хайаан да бурдук ас астыыбыт.
Бырааһынньыкка оҕолорго анаан туһунан меню суруллар. Ол курдук бэрэски, пицца, салааттар, бөрүөк курдук минньигэһинэн күндүлүүбүт. Оҕолор барахсаттар бары тото-хана аһыылларын курдук үлэһиттэр кыһаллан, ис сүрэхпититтэн үөрэ-көтө үлэлиибит, астыыбыт.
Христина Петровна, кытыы нэһилиэк учуутала:
– Повардар сарсыарда 7 чааска кэлэллэр, 9-тан бастакы смена аһаан барар, онтон 10-11 чаастан салгыы атын оҕолор аһыыллар. Сарсыарда хааһы сииллэр, итиэннэ арыылаах килиэп. Күнүс иккис аһылыктарыгар эт миинэ эбэтэр хортуоппуйдаах эт, хаппыыста салаат, сороҕор борщтаах, эбэтэр лапсалаах дьиэ миинэ буолар. Күннээҕи аһылыкка 80 солкуобай барар.
Биир повар, биир иһит сууйааччы уонна оробуочай буолан үлэлииллэр.
Ковид туруоҕуттан үс сменанан аһыыллар: алын, орто сүһүөх уонна улахан кылаастар диэн. Субуотаҕа сороҕор бурдук ас, бэрэски, алаадьы буһараллар. Уопсайынан, харчы тиийбэтинэн астара мөлтөөн иһэр.