Халаантан 133 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлиэн сөп
Сааскы халааҥҥа Саха сирин 24 муниципальнай тэриллиитигэр 47 тыһыынчаттан тахса киһи олорор 113 нэһилиэнньэлээх пуун эмсэҕэлиэн сөп, диэн РФ ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Анал үөрэхтээхтэр өрүс 53 учаастагар муус харыыта тахсыан сөп диэн ааҕан таһаарбыттар. Өлүөнэ, Халыма, Алдан, Амма, Нүүйэ уонна Токко өрүстэргэ мууһу хараардыы үлэтэ ыытыллар. 70 учаастакка күн бүгүн былаан быһыытынан 89 % мууһу хараардыы уонна эрбээһин үлэтэ барбыт.
Маны таһынан сорох учаастактарга дэлби тэптэрии оҥоһуллуо, 24 туонна дэлби тэбэр саппаас оҥоһуллубут диэн этэллэр.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



