Халаан уутуттан эмсэҕэлиир түгэҥҥэ
Ыам ыйын 17 күнүгэр, хаһыат оҥоһулла турдаҕына, Өлүөнэ өрүс Хаҥалас улууһун территориятынан уста сытара бэлиэтэнэр.
Покровскай – Дьокуускай – Кангалаас хайысханан уу таһыма сууккаҕа 20-50 см үрдүүр.
Дьокуускай куорат территориятыгар халаан уутуттан эмсэҕэлиэн сөптөөх 9 нэһилиэнньэлээх пуун баар: Табаҕа, Хатас, Пригороднай, Даркылаах, Сыырдаах, Тулагы, Капитоновка, Кангалаас, Марха. Манна 1043 улахан киһи, ол иһигэр 294 оҕо олорор 326 дьиэ киирэр.
Өрүс устарыттан ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр, куорат быстах кэмҥэ олорор 10 пууну тэрийдэ:
Хатас - «Тускул» Култуура киинэ, Совхознай уул., 31/1, 400 киһини батарар кыахтаах;
Даркылаах - Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул., 86/1, 200 киһини батарар кыахтаах;
Тулагы - 4 № -дээх «Айылгы» оҕо саада, Связистар уул., 14, 50 киһини батарар кыахтаах;
Сыырдаах - «Алгыс» кулууп, Уваровскай уул., 40, 50 киһини батарар кыахтаах;
Киллэм - «Родник» кулууп, Труд уул., 29, 50 киһини батарар кыахтаах;
Табаҕа - «Кедр» Култуура дьиэтэ, Строительнай уул., 12, 200 киһини батарар кыахтаах, «Искра» Култуура дьиэтэ, Лесная уул., 12, 150 киһини батарар кыахтаах;
Кангалаас - Кангалаастааҕы орто оскуола, Ленин уул., 14, 50 киһини батарар кыахтаах;
Пригороднай - 12 №-дээх орто оскуола, Совхознай уул., 17, 100 киһини батарар кыахтаах;
Марха - Мархатааҕы 1 №-дээх орто оскуола, О. Кошевой уул., 39, 100 кинини батарар кыахтаах.
Суһал сулууспалар биир кэлим төлөпүөннэрэ: «112», Дьокуускай куораттааҕы ЕДДС: 444-564.