Халаан уута уустуктук ааһара сабаҕаланар
Олох аҕыйах кэминэн өрөспүүбүлүкэбитигэр муус хамсааһына саҕаланар. Бу эмиэ да кэрэ көстүү, кэтэһиилээх түгэн, эмиэ да дэриэбинэлэри уу ылаары ыксаллаах быһыы-майгы. Ааспыт нүөмэргэ халаан кэлиитин этинэн-хаанынан билбит, сыл аайы бэлэмнэнии, сүпсүлгэн буолуутун туһунан ааҕааччыбыт кэпсээнин истибиппит.
Бүгүн биһиэхэ Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга салалтатын салайааччытын солбуйааччы Федот Федотович Пермяков кэнники 20 сылга Саха сирин киин улуустарын кыра өрүстэригэр тахсыбыт халааннар тустарынан өр сыллаах кэтээн көрүү түмүгүнэн ырытыы оҥорбутун ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – Арассыыйа регионнарыттан биир саамай халааҥҥа барар кутталлаах регион. Холобур, Сахабыт сирин бөдөҥ өрүстэригэр (Өлүөнэ, Халыма, Алдан, Бүлүү, Амма) сааскы улахан халаан муус харыытын кытта сибээстээх буоллаҕына, кыра өрүстэргэ уонна үрэхтэргэ бу сир-дойду күһүн улаханнык илийиитин, угуттааһынын, ааспыт сыл атырдьах, балаҕан ыйдарыгар элбэх сөҥүү түһэн, кыһынын хаар нуорматтан халыҥаабытын кытта ситимтээх.
Кэнники 20 сылга Саха сирин киин өттүгэр кыра өрүстэргэ хаста да улаханнык халааннаабыта (сааскы угут уонна сайыҥҥы халаан).
Бу халааннар сүрүн биричиинэлэрэ:
– үрдүк уонна аһара үрдүк хаар саппааһа;
– күһүҥҥү кэмҥэ элбэх сөҥүү түһүүтэ;
– күһүнүн сир үрүт араҥата сиигириитэ;
– халлаан эмискэ сылыйан, саас эрдэ кэлиитэ;
– өрүстэр тардыыларыгар бөдөҥ тыа баһаардара;
– сайын саҕаланыытыгар элбэх сөҥүү түһүүтэ.
Өлүөнэ өрүс Саха сиригэр ыам ыйын 8 күнүгэр, Хаҥалас – Дьокуускай туһаайыытынан 15-18 чыыһылаларга кэлиэ диэн сабаҕаланар. Амма өрүс ыам ыйын 8-11 күннэригэр, Алдан өрүс ыам ыйын 11-13, Бүлүү өрүс ыам ыйын 11-15 күннэригэр эстэллэрэ сабаҕаланар.
2007 сыллаахха күһүн элбэх сөҥүү түһэн, ону таһынан саас эрдэлээн, халлаан эмискэ сылыйан, Таатта, Суола, Баайаҕа, Мархинка, Матта, Хаар Балаҕан, Чакыйа үрэхтэр, Чурапчы, Чүүйэ күөллэр үрдүлэригэр олорор 17 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барбыта.
2008 сыллаахха эмиэ маннык балаһыанньа буолан, Суола, Матта, Мархинка үрэхтэр уулара туолан, 7 нэһилиэк ууга барбыта.
2013-2014 сылларга ыам-бэс ыйдарыгар элбэх сөҥүү түһэн, уонна 2011, 2012 сылларга ойуур баһаардарын түмүгэр Таатта, Суола, Баайаҕа үрэхтэригэр уу киирэн, 8 нэһилиэнньэлээх пууну эмиэ уу ылбыта.
Онон бу оҥоһуллубут ырытыы түмүгүнэн ити үөһэ эппит халааннар сүрүн биричиинэлэринэн буолла: сир үрүт араҥата уонна күһүҥҥү кэмҥэ элбэх сөҥүү түһүүтэ, хаар нуорманы таһынан саппааһа, муус устар уонна ыам ыйдарыгар халлаан туруга, ойуур баһаарын ахсаана уонна тарҕаныыта.
2006 сыл балаҕан ыйыгар Чурапчы, Амма сэлиэнньэлэригэр ыйдааҕы нуорматтан 2 төгүл үрдүк сөҥүү түспүтэ. 2007 сыл күһүнүгэр Горнай уонна Амма улуустарыгар эмиэ элбэх сөҥүү түспүтэ, Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр – ыйдааҕы нуорматтан 1,5 төгүл тахсыбыта.
2022 сыл күһүнэ улахан сөҥүүлээх буолла. Дьокуускайдааҕы күнү-дьылы кэтээн көрөр судаарыстыбаннай салаа чахчытынан, балаҕан ыйыгар Чурапчы сэлиэнньэтигэр сөҥүү ыйдааҕы нуорматтан 86% таһыччы, Аммаҕа ыйдааҕы нуорманы 16% куоһарар. Охотскай Перевоз метеостанциятыгар – бу ыйдааҕы нуорматтан 66% элбэх сөҥүү түспүт.
Маны таһынан, уу сир араҥатыгар сөптөөх саппааһын кэтээн көрүүнэн, 0-20 см кырыс буор үрдүгэр 2022 сыл балаҕан ыйын үһүс дэкээдэтигэр Аммаҕа – 37 мм, Бороҕоҥҥо – 38 мм, Майаҕа – 38 мм этэ, бу 2006 сыл күһүнүгэр маарыҥныыр.
Ааспыт сылга сөҥүү элбэхтик түспүтүнэн үгүс өрүстэргэ муус туруутугар уу таһыма нуорманы таһынан бэлиэтэммитэ.
Хаар саппааһынан көрдөххө, 2007 сыл кулун тутар 20 күнүн чахчытынан, илин эҥээр улуустарыгар саамай үрдүк көрдөрүүлээх сөҥүү түспүтэ.
2008 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Горнай уонна Амма улуустара үрдүк көрдөрүүлэммиттэрэ – 30% тахса (2008 сылга бу улуустар нэһилиэктэрин уу ылбыта).
Оттон 2023 сылга Саха сирин киин улуустарыгар хаар саппааһа нуорматтан 30-100% элбэх түстэ. Дьокуускай куорат эҥээригэр 2 төгүл элбэх хаар түспүт.
Манна, 2023 сыллааҕы хаар саппааһа 2007 уонна 2008 сыллары кытта атылыы диэн этиэххэ наада.
2007, 2008 сылларга муус устар – ыам ыйын күнэ-дьыла
2007 сылга Саха сирин киин улуустарыгар ыам ыйын 6 күнүттэн халлаан эмискэ сылыйан, хаар ууллан барбыта, оттон 2008 сылга ыам ыйын 8 күнүттэн итийбитэ.
Ойуур баһаарын ахсаана уонна тарҕаныыта
2013 уонна 2014 сылларга Саха сирин киин оройуоннарыгар элбэх, уһун кэмнээх сөҥүү түһэн, кыра өрүстэр халааннаабыттара: 2013 сылга бэс ыйын бастакы дэкээдэтигэр, 2014 сыл ыам ыйын – от ыйдарыгар 2 төгүл элбэх сөҥүү түспүтэ, Ытык Күөлгэ – 1,5 төгүл элбэх. Маныаха от ыйыгар сөҥүү ыйдааҕы орто нуорманы 2 төгүл аһарбыта.
Ойуур баһаара хайдах сабыдыаллыырын этэн ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, баһаар кэмигэр уот төһөнөн элбэх сири хабан ойуур, тыа ото-маһа өлөр да, үрэхтэр, өрүстэр, угуттанан, хааларыттан тахсар куттал үөскүүр. Ойуур баһаардара тыаны бадараан оҥорон кэбиһэн, халаан буоларыгар сабыдыаллыахтарын эмиэ сөп. Ол курдук, 2011, 2012 сылларга киин улуустарга улахан баһаардар буолуталаабыттарын бары билэбит.
Күн бүгүн үөһэ ыйыллыбыт биричиинэлэр илин эҥээр улуустарыгар сааскы халааҥҥа сабыдыаллыыллара 2007 сыллааҕыга маарыҥныыр.
Онон, ити кэпсээбит, хас да сыллааҕы оҥорбут ырытыыбыт чахчыларынан сылыктаатахха, халлаан эмискэ сылыйдаҕына, Саха сирин киин улуустарыгар халаан уута үрэхтэргэ, өрүстэргэ уустуктук ааһара сабаҕаланар, уу таһыма үрдээн, намыһах сирдэргэ турар нэһилиэнньэлээх пууннары уу ылыан сөп.
Маны таһынан, 2019, 2020, 2021 сылларга Сахабыт сирин киин улуустарыгар улахан ойуур баһаардара буолбуттарын эмиэ болҕомтоҕо ылыахха наада. Сайыҥҥы өттүгэр бу улуустарга сөҥүү элбэхтик түстэҕинэ, халаанныыр куттал баар.
Мууһу кэбирэтэр үлэлэр ыытыллаллар
Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрүстэригэр муус харыытын бохсор сыалтан 10-тан тахса сыл устата мууһу кэбирэтэр дьаһаллар ыытыллаллар.
Бу үлэлэр сааскы кэмҥэ халаан уутун содулун туоратыыга биир сүрүн уонна көдьүүстээх ньыма буолаллар. Дьаһаллар судаарыстыбаннай экспертизанан үчүгэй түмүктэри көрдөрөллөр.
Мууһу кэбирэтэр дьаһаллары ыытыы сыала-соруга – чопчу кутталлаах учаастакка муус барыытыгар харыы тахсарын мөлтөтүү.
Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга салалтата Сахабыт сирин өрүстэригэр халаан уутун сэрэтэр дьаһаллары, мууһу хараардыыга, сэрэтии тэрээһиннэрин ыытыыга туһуламмыт федеральнай бүддьүөттэн үбү-харчыны туһаныыны хонтуруоллуур.
2023 сылга бу үлэлэргэ федеральнай бүддьүөттэн 44,9 мөл. солкуобай көрүллүбүт, бу 2022 сыллааҕар 21,45 % элбэх үп.
Халаантан сэрэтии үлэлэрэ Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэргэ 46 харыы тахсыан сөптөөх учаастактарыгар ыытыллар, ол иһигэр 39 учаастакка хараардыы – 486 га сиргэ; мууһу эрбээһин 7 учаастакка – 41 км.
Муус устар 24 күнүнээҕи туругунан 485 гаттан 306,5 га сиргэ хараардыы үлэтэ оҥоһулунна, эрбээһин 41 килэмиэтиртэн 35-гэр ыытылынна. Бу үлэҕэ барыта 48 киһи хабылынна. Үлэлэр Үөһээ Халыма, Орто Халыма Халыма өрүстэригэр, Ленскэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар Өлүөнэ өрүскэ түмүктэннилэр.
Алдан, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэргэ 33 харыы тахсыан сөптөөх кутталлаах учаастактарга 213 ганы хабан өрөспүүбүлүкэ 9 муниципальнай оройуонугар үлэ ыытылынна.
Мууһу кэбирэтии үлэлэрэ түмүктэннилэр.