11.02.2023 | 14:00

Хадаҥҥа гражданскай сэрии хайдах ааспытай?

Ол туһунан биһиэхэ олоро сылдьыбыт ырааҕынан аймахпыт Чойоох Киргиэлэй – Григорий Сахтаев диэн ааттаах-суоллаах, Иннокентий Дмитриевич Григорьев-Туораах эһэтэ оҕонньор кэпсиирэ. Булчут, сылгыны, ынаҕы көрөр, отчут-масчыт киһи этэ..
Хадаҥҥа гражданскай сэрии хайдах ааспытай?
Ааптар: Аан дойду тустуутугар сэттэ төгүллээх чемпион, икки төгүл иккис миэстэлээх, барыта тоҕус төгүл чемпион уонна призер, Бүтүн Арассыыйатааҕы“Слада” нуучча тустуутун академиятын чилиэн кэрэспэдьиэнэ Владимир Дмитриевич Данилов суруйдум
Бөлөххө киир

1922 с. Хадаҥҥа ыһыах буолар, ыһыахха кэлбит дьонтон баҕалаахтары Курсуйга олорор баай киһи Григорий Попов ыйыытынан-кэрдиитинэн Кэлбигир кыра уола Степан Архипов испииһэккэ киллэртиир. Үөрэхтээх киһи буолан, син добуочча элбэх киһи суруйтарар.

Бииргэ төрөөбүт убайа Тоһукканы киллэрэр. Чаччыкы уола  Алексей Васильев – Уус Алексей киирэр. Соторутааҕыта кыһыл буола сылдьыбыт Дьөлгөөһөй үрүҥнэргэ суруйтарар, бэриниилээҕин биллэрэн, Хадаҥҥа Ревком бэрэссэдээтэлэ буола сылдьар киһини Прокопий Намыловы муомахтаан өлөрөр.

Ревком чилиэнэ Степан Кугасовы тутан аҕалан, Хаанды алааһыгар Сүөдэр Могусов кинээс дьиэтигэр тимир чуумпурунан таһыйан сабырҕаппыттар, үөгү-хаһыы бөҕө буолбут. Онуоха кинээс Сүөдэр Могусов кэргэнэ Өксүүнньүйэ дьиэтигэр баар бириэмэтэ эбит. Өксүүнньэ ол бириэмэҕэ эдэр дьахтар. Үөттүрэҕин ылан, хаһыытыы-хаһыытыы, Степан Кугасовы тимир чуумпурунан таһыйа турар киһиэхэ сулбу ойон киирбит да, сыыһа-халты сырбаталаабыт. Ол кэннэ: “Олорор иэримэ дьиэбэр тыыннааҕым тухары кири-хоҕу, аньыыны-хараны оҥорторуом эрэ суоҕа, онон тохтооҥ, уоскуйуҥ!!!” – диэн хаһыытаабыт. Бандьыыттар бэйэлэрэ да соһуйбуттар. Кинээстэрин ойоҕо кыыһыран турбутугар, үөгүлээн, хаһыыран киирэн барбытыгар. Ревкомнарын киһитин кырбыылларын, тимир чуумпурунан таһыйалларын тохтоппуттар.

Сунтаартан Сунтаар хомуньуустарын ячейкатын сэкирэтээрэ Елисей Васильевич Попов диэн эдэр фельдшер киһини тутан таһааран: “Илиибитин дьэ хаанныыр инибит”,- диэн үөрэ-көтө олордохторуна, штаб начаалынньыга бэйэтинэн кэлэн киһилэрин өрүс уҥуор штабтарыгар Бириистэҥҥэ таһаарбыт уонна бандьыыттары барыларын онно илдьэ барбыттар. Бириистэҥҥэ Чоҥхоох атыыһыт байан-тайан олорбут сирэ. Елисей Попову штабтарыгар аҕалан баран, эмчит-быраас киһилэрэ суох буолан, өлөрбөккө илдьэ сылдьарга быһаарыналлар уонна бары көрө-кэтии сылдьалларыгар бирикээстииллэр. Сотору буолан баран Тойбохойтон Петр Павлов киһитэ илдьэ бараары кэлбитин, аккаастаан төннөрөллөр.

1922 сыл атырдьах ыйыгар кыһыллар борокуотунан иһэллэрэ иһиллэр. Бириистэҥҥэ сытар бандьыыттар бэлэмнэнии бөҕө буолаллар. Борокуот кэлэн тохтуур сиригэр окуопа бөҕө хаһаллар.

Строд борокуота Сунтаарга кэлбит сураҕа иһиллэр. Бириистэн бандьыыттара мунньахтыыллар. Ким баҕалаах бары тыл этэллэр. Елисей Васильевичка эмиэ тыл этиттэрэллэр, “Үөрэхтээх киһи, дьэ, туох диирин истиэххэ”, - диэн буолар.

Елисей Васильевич кылгастык тыл эппит, маннык диэбит: “Дьэ, доҕоттор, маннык: кыһыллар икки станковой пулеметтаахтар үһү, биир станковой пулемет 1 мүнүүтэҕэ 250 буулдьаны таһаарар, икки пулемет 1 мүнүүтэҕэ 500 буулдьаны таһаарар, онон эһиги кыһылларга утары ытыаластаххытына, 4-5 мүнүүтэ иһигэр кус оҕолорун курдук 3-4 тыһыынча буулдьаҕа таптаран өлөн-өһөн хаалаҕыт. Бары оҕолоох-уруулаах, сүөһүлээх-астаах дьонноргут, онон сэриилэспэккэ куота охсуохха наада”. Баар дьон бары хаһыытаһа түспүттэр, “Үөрэхтээх киһи сөпкө этэр!” – диэн буолбут. Дьиэҕэ тарҕаһар кыһалҕа тирээбит. “Онон бары ыраахтан борокуоту көрөн баран тарҕаһыаҕыҥ”,– диэн буолбут.

Бириистэҥҥэ алаас уҥуор тахсан сыппыттар. Арай сытан баран көрбүттэрэ – Егор Дормидонтов, Хаар диэн ааттаах киһи, сирэйэ-хараҕа туран хаалбыт, бөстүөнүнэн эстэр туурка саатын сомуогун туруоран баран сытар дьону үрдүлэринэн ойуолуу сылдьар үһү. Ону көрөн олус куттаммыттар. Алҕас саатын төлө тутан эстэҕинэ биһигини пулеметтарынан ытыалыахтара диэн көрдөһөн, саатын сомуогун түһэрбиттэр, саатын-бөстүөнүн барытын былдьаан ылбыттар, күүстэринэн охторон сытыарбыттар.

Ол сыттахтарына борокуот тиийэн кэлбит. Чугаһаан баран амбаар дьиэ сарайын пулеметынан ытыалаан чачыгыраппыттар.

Борокуот кэлэн тохтообут, аҕыйах мүнүүтэ буолаат, сыыры сүүсчэкэ нуучча дабайан тахсыбыттар уонна дьиэҕэ саба сүүрэн тиийбиттэр. Аһаҕас аанынан, түннүктэринэн дьиэҕэ киирэннэр маатыралыы-маатыралыы остуолу охсуолууллара иһиллэрэ үһү. Бандьыыттар көрөн баран тарҕаспыттар.

Сунтаар оройуонугар ити курдук гражданскай сэрии хаан тохтуута суох түмүктэммитэ. Манна сүрүн оруолу коммунистическай бюро сэкирэтээрэ Елисей Васильевич Попов ылбыт курдук көрөбүн. Кини ытыаласпакка дьиэҕэ тарҕаһарга эппитин ылынан, дьиэлэригэр тарҕаһан, хаан тохтуута буолбатах, эйэ олохтоммут.

Е.В. Попов Хадаҥҥа өр үлэлээбитэ, күтүөт буолан элбэх оҕолордоох. Оҕолоро, сиэннэрэ Саха сиригэр элбэхтэр. Мин киниэхэ элбэхтэ эмтэммит киһибин. Елисей Васильевич көмөтүнэн  89 саастаах оҕонньор билигин да доп-доруобай, оһуокайдыыр, олоҥхолуур.

Саха сирин дьонугар барыгытыгар доруобуйаны баҕарабын!!!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...