Хаары ыраастааһын күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн ыытыллар
Олунньу 7 күнүгэр бэдэрээтчик «Якутдорстрой» АУо хаар ыраастааһыныгар суол үлэһиттэрин уонна анал тиэхиньикэни күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн үлэлэттэ: 12 КО-806 массыынаны, 3 ДЗ-98 автогрейдер, 2 МТЗ-82 тыраахтыр, 2 «бобкэт», 21 КАМАЗ самосвал, биир фронтальнай погрузчик.
Хаары ыраастааһын уонна таһыы үлэтэ суол бордюрдарын өттүттэн, оптуобус тохтобулларыттан, сатыы дьон туоруур суолуттан Кальвица, Чиряев, П. Алексеев (Орджоникидзе болуоссатыттан Лермонтов уулуссатыгар диэри) уулуссаларыгар, Покровскай тракка, О. Кошевой, Интернациональнай, Дзержинскэй (Новообъездной шоссеттан Чиряев уулуссатыгар диэри) уулуссаларыгар ыытыллар.
Итини сэргэ, хаары Боотурусскай (Щорс күөлүн кытыытыгар), Кутузов, Рыдзинскай, Космонавтар, Пионерскай, Котенко, Якутскай, Дальняй, К. Цеткин, Ленскэй, Ушаков, Ильменскэй, Гимеинскэй, Медкиин суолугар, Макаренко, Парковай, Советскай, Сосновай, Софронов, Чехов уулуссаларыгар таһаллар.
Суукка иһигэр хаары ыраастааһыҥҥа уонна суолга бытархай хайыр тааһы кутууга «Якутдорстрой» АУо 70-ча анал тиэхиньикэтэ үлэлээтэ.
Олунньу 1 күнүттэн 7 күнүгэр диэри уопсайа 14 тыһыынча кубометр хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ.
Кыһын саҕаланыаҕыттан суол үлэһиттэрэ 166 тыһыынча кубометртэн тахса хаары тиэйдилэр.