28.03.2023 | 21:27

Хаары тиэйиигэ көмө оҥоһуллар

Хаары тиэйиигэ көмө оҥоһуллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин управалара, Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев сорудаҕынан анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр туох кыалларынан, ол иһигэр тэлгэһэлэрин хаарын тиэйэргэ көмө оҥороллор.
Ол курдук, Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Маҕан бөһүөлэгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа түөрт киһи тэлгэһэтин  хаарын тиэйбиттэр, былааҥҥа аны икки ыал хаалан турар эбит. Манна куорат дууматын дьокутаата Андрей Лебедев, «Аэропорты Севера» ФКП кэлэктиибэ, Маҕан орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна муниципальнай дворниктар сүрүн күүс буолбуттар. 
Кангалаас бөһүөлэгин олохтооҕо анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын тиэргэнин хаара урбаанньыт С.С. Тапхаев көмөтүнэн тиэйиллибит. 
Тулагы Киллэм нэһилиэгэр үс ыалга көмө оҥоһуллубут. Марха бөһүөлэгэр «Якутскэкосети» ХЭТ  уонна «Лидер плюс» Салайар хампаанньа көмөлөрүнэн 11 ыалга көмө оҥоһуллубут. Куорат дууматын дьокутаата Андрей Лебедев уонна 24 №-дээх оскуола десана эмиэ бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэр.
Табаҕа бөһүөлэгэр Ыччат сүбэтэ уонна Аҕалар сүбэлэрэ анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар үс байыас дьиэ кэргэнигэр көмө оҥорбуттар. Манна эмиэ «Якутскэкосети» ХЭТ уонна «Звезда» ХЭТ көмө-тирэх буолбуттар. 
Хатас бөһүөлэгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа түөрт киһи тиэргэнин хаарын тиэйбиттэр. Үлэ олохтоох дьаһалта исписэлиистэрин уонна Ыччат сэбиэтин күүһүнэн ыытыллыбыт. 
Пригороднай сэлиэнньэтин дьаһалтата бүгүҥҥү күҥҥэ үс ыалга көмөнү оҥорбутун, салгыы түөрт ыал баарын отчуоттаабыт. 
Промышленнай уокурукка 12 ыалга көмө оҥоһуллубут, өссө икки ыал хаалбыт. Маныаха волонтер устудьуоннар сүрүн күүс буолбуттар. Автодорожнай уокурукка 15 ыал тиэргэнин хаарын тиэйбиттэр, салгыы 17 аадырыс хаалан турар.
Строительнай уокурукка 13 тиэргэн хаара ыраастыммыт, эбии сэттэ ыал баар. Уокурук олохтоохторугар Ил Түмэн дьокутаата Иван Данилов, уопсастыбанньык Кирилл Соболев көмөлөспүттэр.
Сайсары уокуругар анал байыаннай дьайыы кытыылааҕын дьиэ кэргэнэ 15 ыалга көмө оҥоһуллубут, эбии 3 ыал тиэргэнин хаарын тиэйэр хаалбыт. Сайсары управатын муниципальнай дворниктарыгар «Якутскэкосети» ХЭТ, Автодорожнай техникум волонтер устудьуоннара. СӨ Волонтердары кытта үлэҕэ киинэ, АГАТУ, «Биир ньыгыл Арассыыйа» ПП көмөлөспүттэр.
Гагаринскай уокурукка анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа 9 киһи дьиэ кэргэнигэр көмө оҥоһуллубут. Уокурук дьаһалтатын исписэлиистэрэ уонна бэдэрээттээх тэрилтэлэр өссө икки ыалтан тэлгэһэ хаарын тиэйэр былааннаахтар. Октябрьскай уокурукка ХИФУ устудьуоннарын көмөтүнэн анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа биир киһи дьиэтин тиэргэнин хаарын ыраастаабыттар.
Киин уокурукка уопсайа үс тиэргэн хаарын ыраастыыллар, Губин уокуругар – биир, үс байыас куорат атын уокуруктарыгар олорор төрөппүттэригэр эмиэ көмө оҥоһуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...