23.03.2023 | 17:00

Хаары кытта охсуһуу

Быйыл хаһааҥҥытааҕар да хаардаах кыһын буолла. Киин куоракка кэнники уон сылга саас аайы ортотунан 300-350 тыһыынча куб.миэтэрэ хаар ыраастанар эбит буоллаҕына, быйыл бу сыыппара аччаабыта үс бүк улаатар чинчилээх.
Хаары кытта охсуһуу
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Хаары ыраастааһыны коптердарынан хонтуруоллууллар

Дьокуускайга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн хаары түһэрии үлэтигэр былырыыҥҥыттан коптердары туһаныы киирбитэ.

Аныгы технологиялары, бастатан туран, хаары түһэриини, тиэйиини кыраҕытык хонтуруоллуур, сокуону тутуһууну ирдиир сыаллаах туһаналлар. Видеоматырыйааллары хомуйарга куорат пресс-сулууспатын үлэһиттэрэ көмөлөһөллөр уонна ол матырыйааллар Территориялары кытта үлэлиир департамент иһигэр туһанарга эрэ аналлаахтар.

Дьокуускай куораттааҕы уокурук Территориялары кытта үлэлиир департаменын салайааччыта Владислав Слепцов иһитиннэрбитинэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр үрдүлэриттэн хаары түһэрии былаана 51 бырыһыан туолан турар, куорат дьиэлэрин тиэргэннэриттэн хаары тиэйии былаана 47 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.

Биллэн турар, бу сыыппаралар күннэтэ улаатан иһэллэр, нэдиэлэ саҥатыгар эрэ саҥардыллаллар. Бу күннэргэ хаары тиэйии түүннэри-күннэри тохтоло суох ыытыллар. Быйыл элбэх сөҥүү түспүтүн синоптиктар эрэ буолбакка, куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара бары бэлиэтии көрөр буолуохтааххыт.

Территориялары кытта үлэлиир департаментан Салайар хампаанньаларга хаары ыраастааһыҥҥа уонна дьиэлэр кырыыһаларыгар күнүс күн тыктаҕына үөскүүр муус чопчулары суох гынарга 204 сурук барбыт, соруктары туруорар официальнай суруктартан 34-дэ – тэрилтэлэргэ, 308-һа юридическэй сирэйдэргэ туһуламмыт.  Оттон чааһынай сектор олохтоохторугар 1579 памятка туттарыллыбыт.

Баһылык Евгений Григорьев тэрилтэлэр, Салайар хампаанньалар иннилэригэр хаары тиэйэр эбээһинэстэрин кэмигэр толорон иһэргэ, үлэлэрин кытаанахтык хонтуруоллуурга сорук туруорда. Баһылык хаары уонна муус чопчулары ыраастааһын дьон олоҕун хаачыстыбатыгар быһаччы дьайыылааҕын тоһоҕолоон бэлиэтиир.

Полигоҥҥа босхо туталлар

Бэлиэтээн эттэххэ, хаары полигоҥҥа босхо туталлар. Хаар анаалыһын тэрилтэлэртэн эрэ ирдииллэр. Чааһынайдар тиэргэн хаарын тиэнэллэригэр оннук ыспыраапка наадата суох.

* Ыраас хаары сүөкүүр полигон Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. баар. Кирдээх хаары (канализация уута тоңмута көйүллүбүтүн, бөхтөөх-сыыстаах хаары) Бүлүүлүүр суолга баар полигоңңа туталлар.

* Бэйэҕит таһар кыаххыт суох буоллаҕына, бу өҥөнү оҥорор тустаах тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиэххитин сөп. 

Хаары полигоҥҥа сүөкээһин – босхо. Полигоңңа хаары сүөкүүргэ чааһынай дьон уокуруккут управатыттан толуон ылаҕыт.

Хаар күрдьүү – билигин саамай наадалаах өҥө

Дьиэ үрдүттэн хаары түһэрии, тиэргэн хаарын күртэрии – билигин саамай наадалаах өҥө буолан турар. Эдэр кыанар уолаттар харчы өлөрөр, дохуот киллэринэр кэмнэрэ тосхойдо.

 

Өҥө оҥорооччулар биллэриилэрин маннык ньыманан булуохха сөп:

- ДоскаЯкт биллэриилэр саайтарыгар: doska.ykt.ru;

- “Юла” мобильнай сыһыарыыга;

- “InDrive” сыһыарыыга.

 

ДоскаЯкт уонна Юла биллэриилэринэн хаары түһэрэр уолаттары түргэнник булуохха сөп. Ол эрээри манна биир олохтоммут тарыып диэн суох буолар эбит. Сыана ким хас суумаҕа сөбүлэһэринэн эбэтэр хаһаайын төһөнү төлүүргэ бэлэминэн быһыллар. Ким эрэ хаары  кубунан ааҕар, ким эрэ миэтэрэ квадратынан кырыыһа уонна тиэргэн иэнинэн быһа холоон суоттуур, ким эрэ хас киһи, хас чаас үлэлииринэн сыанатын олохтуур.

Оттон индрайвер сыһыарыыга “мастера” диэн рубрика баар. Онно хаары түһэрэр дьону да буолуохха сөп, бэйэҥ дьиэҥ кырыыһатын хаарын хаартыскаҕа түһэрэн баран биллэрии таһааран үлэһиттэри да көрдүөххүн сөп.

 

Биһиги олохтоох саайтары, сыһыарыылары үөрэтэн көрдүбүт уонна хаары күрдьүү эбэтэр кырыыһаттан түһэрии үлэтэ 1500 солкуобайтан саҕаланар эбит диэн түмүккэ кэллибит.

Погрузчигынан хаары күртэрии, массыынаҕа куруустааһын эмиэ сир иэниттэн тутулуктаах. Быһыллыбыт тарыып диэн суох, ортотунан 5000-8000 солкуобайтан саҕалаан 30 тыһыынчаҕа тиийэр сыананы этэр дьон баар.

Оттон полигоҥҥа тастарарга Камазтары эбэтэр онтон улахан кыамталаах массыыналары наймылаһыы эмиэ, этэргэ дылы, суоппар «суобаһыттан» тутулуктаах. 5 тыһыынчаҕа даҕаны, 30 тыһыынчаҕа даҕаны булуохха сөп.

Быйылгы «рекорд»

Кулун тутар көрдөрүүтүнэн, Дьокуускай территориятыттан 477 тыһ. куб. м. хаар полигоҥҥа тиэйилиннэ. Бачча куб хаар урукку сылларга сыл устата ыраастанар буолара. Өссө икки нэдиэлэ устата түһүнэн туран үлэлээн, тустаах сулууспалар 600 тыһ. куб. м. хаары полигоҥҥа мунньуохтаахтар.

Айылҕаны кэтээн көрөөччүлэр этэллэринэн, кулун тутарга хаһааҥҥытааҕар да элбэх сөҥүү түстэ. Аҥаардас кулун тутар ыйга полигоҥҥа 82 578 куб.м. хаар муһунна, ыйбыт бүтэрэ билигин даҕаны уонча хонук баар. Тэҥнээн көрөргө, былырыын – 53 тыһ. куб. м. этэ.

Биир суукка иһигэр ортотунан 5-6 тыһ. куб. м. хаар тиэйиллэр. Маныаха былырыын сүүсчэкэ ахсаанынан ылыллыбыт саҥа тиэхиньикэ барыта үлэҕэ туттуллар, хаары ыраастааһыҥҥа күннэтэ 62 суол үлэһитэ тахсар.

Салайар хампаанньалар бэйэлэрин кыахтарынан хаары кыайбат буоланнар, чааһынайдары наймылаһаллара баар суол, ол бобуллубат. Биллэн турар, үлэҕэ сэрэхтээх буолуу быраабылаларын тутуһуу барыта ирдэнэр. Ордук элбэх кыбартыыралаах дьиэ үрдүн хаарын түһэриигэ – үөһээ сылдьан үлэлиир көҥүллээх, страховкалаах, анал тээбириннээх эрэ үлэһиттэр буолуохтаахтар.

***.

Дьокуускайга эбии полигон кыһалҕата саас аайы көтөҕүллэр. Ыраас хаары билигин Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла эрэ уулуссаҕа туталлар. Бөхтөөх-сыыстаах, кирдээх хаар уонна көйүллүбүт муус барыта бөххө тэҥнэнэр уонна Бүлүү трагын сыбаалкатыгар барар.

Толкуйдаан да көрдөххө, Хатастан ыраас хаары Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса полигонугар аҕалар ночооттоох. Ол да иһин сокуону кэһии сыллата тахсар, дьон хаары көҥүлэ суох сиргэ сүөкээн ыстарааптаналлар. Эбии полигоннар Птицефабрика уонна Покровскай тракт диэки арыллаллара буоллар диир олохтоохтору эмиэ өйдүөххэ сөп. Бу аҕыйах күнүнэн ситиһиллэр дьыала буолбатах. Полигон тэрийэргэ Роспотребнадзор, Росприроднадзор, Айылҕа харыстабылын прокуратурата уонна да атын тустаах уорганнар кытта үлэлэһиэхтээхтэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...