24.02.2024 | 10:00

Хаарбытын ханна гынабыт?

Хаарбытын ханна гынабыт?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Дьокуускайга 2021 сыллаахтан Куорат Дууматынан бигэргэтиллибит  “Тупсаҕайдык дьаһанан олоруу быраабылата” үлэлиир. Онно ыйылларынан, уопсастыбаннай туоналары итиэннэ эбийиэктэри (быстах болдьохтоохтору эмиэ) уонна турар учаастактарын сокуонунан көрүллүбүт бырааптаах, бас билэр физическэй уонна юридическай сирэйдэр бэйэлэрэ эбэтэр бэйэлэрин суоттарыгар тэрилтэлэри наймылаһан хомуйар, көрөр-истэр эбээһинэстээхтэр.

Сыыһа дьаһайдахха – ыстараап

! Кыһыҥҥы кэмҥэ хаары ыраастааһын, хомуйуу алтынньы 15 күнүттэн муус устар 15 күнүгэр диэри ыытыллар.

 

Юридическай сирэйдэр уонна гражданнар куорат бары сиригэр-уотугар, ол иһигэр бэйэлэрин чааһынай дьиэлэрин таһыгар ырааһы тутуһар, хаар-муус мустуутун ыраастыыр эбээһинэстээхтэр.

Атыы-эргиэн кииннэриттэн, маҕаһыыннартан уонна да атын коммерческай тэрилтэлэр учаастактарыттан хаары ыраастааһын уонна таһыы хаһаайыҥҥа сүктэриллэр.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хаар-муус мустуутун ыраастыыры салайар хампаанньалар кэтээн көрөр эбээһинэстээхтэр, бириэмэтигэр хомуйан иһэр эппиэтинэһи сүгэллэр.

 

Хаары кэмигэр ыраастаан тиэйбэтэххэ бастаан сэрэтии, онтон административнай ыстараап көрүллэр:

— гражданнарга – 1000-3000 солк.;

— дуоһунастаах дьоҥҥо – 10 000-13 000 солк.;

—  юридическай сирэйдэргэ – 50 000 – 500 000 солк.

 

Ирдэбиллэри кэмигэр толорботоххо, кэһиилэри хатылаатахха, ыстараап улаатар:

— гражданнарга – 3000-5000 солк.;

— дуоһунастаах дьоҥҥо – 30 000 – 50 000 солк.;

— юридическай сирэйдэргэ – 500 000 – 1 000 000 солк.

Олунньу 15 күнүнээҕи туругунан, Дьокуускай куорат полигонугар 210 тыһыынча кубометр хаар тиэллибит. Ааспыт нэдиэлэ устата 16 тыһыынча кубометр хаар полигоҥҥа сүөкэммит.

“Жилкомсервис” иһитиннэрэринэн, билиҥҥи туругунан, кыһын устата 400 кубометр кирдээх мууһу, тоҥ тобоҕу сыбаалкаҕа тиэйбиттэр. Мантан саас бу сыыппара улаатарга эрэ барыаҕа.

 

Хаары тиэйии графигын тустаах салайар хампаанньаҕытыттан, ТСЖ-тан уонна управаттан чуолкайдааҥ.

 

Уулуссаҕа мунньар бобуулаах

Билигин күннэтэ 5 механизированнай биригээдэ Ильменскэй, Красильников, Халтурин, Ойуунускай, Хабаров уулуссаларын ыраастыы сылдьар. Намсыыр суолун грейдердээн, халтарааны сэрэтэр үлэ ыытыллар. Олохтоммут уочаратынан уонна графигынан сааскы ириэриигэ диэри төһө кыалларынан элбэх хаар, муус ыраастанан тиэллиэхтээх. Маныаха киин куорат олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар, хомунаалынай сулууспаларын таһынан чааһынайдары наймылаһыы эмиэ туһаныллар.

Хаары харайар полигон ыстаатынай эрэһииминэн үлэлии турар. Уокуруктар хаары, мууһу ыраастааһын хаамыытын нэдиэлэ аайы дьаһалта мунньахтарыгар отчуоттууллар.

! Кыбаартал иһинээҕи, дьиэ таһынааҕы уо.д.а. үлэ-хамнас субъектарын территорияларыттан хаары күрдьэн уулуссаҕа, дьон уонна массыына сырыытын суолугар кутар, чөмөхтүүр бобуллар. Муниципальнай быраап аакталарынан бигэргэтиллибэтэх, көҥүлэ суох сирдэргэ хаары мунньуу көҥүллэммэт.

! Чааһынай дьиэлэр тиэргэннэриттэн күрдьүллүбүт хаары таһынааҕы сиргэ, уулуссаҕа, дьон уонна массыына сылдьар сиригэр, суолга уонна тротуарга мунньуу эмиэ быраабылалары кэһии буолар, ыстараап ууруллар.

 

Полигоҥҥа босхо туталлар

Хаары полигоҥҥа босхо туталлар. Хаар анаалыһа тэрилтэлэртэн эрэ ирдэнэр. Чааһынай дьиэлээхтэр тиэргэн хаарын тиэнэллэригэр оннук ыспыраапка наадата суох.

 

Ыраас хаары сүөкүүр полигон Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар. Кирдээх хаары (канализация уута тоңмута көйүллүбүтүн, бөхтөөх-сыыстаах хаары) Бүлүүлүүр суолга баар полигоңңа туталлар.

 

Бэйэҕит таһар кыаххыт суох буоллаҕына, бу өҥөнү оҥорор тустаах тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиэххэ наада. 

Полигоңңа сүөкүүргэ чааһынай дьон уокуруккут управатыттан толуон ылаҕыт.

Дьокуускайга хаары тиэйэргэ аналлаах эбии полигон кыһалҕата саас аайы көтөҕүллэр. Ыраас хаары билигин Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла эрэ уулуссаҕа туталлар. Бөхтөөх-сыыстаах, кирдээх хаар уонна көйүллүбүт муус барыта бөххө тэҥнэнэр уонна Бүлүү трагын сыбаалкатыгар барар.

Биллэн турар, ыраах сиртэн хаары Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулусса полигонугар аҕалар төһө эмэ ночооттоох буолан, сокуону кэһии сыллата тахсар, дьон хаары көҥүлэ суох сиргэ сүөкээн ыстарааптанара үгүс. Ол иһин эбии полигоннар Птицефабрика уонна Покровскай тракт диэки арыллаллара буоллар диэн  олохтоохтор санааларын өйдүөххэ сөп...

 

Хаартыскалар “Киин куорат” архыыбыттан туһанылыннылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...