Хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көһүү салҕанар
Саҥа дьыл үүнээри турдаҕына, ахсынньы 25 күнүгэр, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көспүт гражданнар уонна тулаайах оҕолор Чернышевскай уул., 110 №-гэр баар саҥа дьиэлэрин күлүүһүн туттулар. Дьиэни тутааччы – «Феррис» ХЭТ. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Гражданнары 2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэ пуондатыттан көһөрүү» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн олохтоох дьаһалта хаарбах туруктаах дьиэлэртэн көспүт гражданнарга анаан 112, онтон «Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ суох хаалбыт оҕолору 2018-2022 сылларга дьиэнэн хааччыйыы» бырагырааманан 37 кыбартыыраны ылбыт. Кыбартыыралар ис барааннара толору оҥоһуллубут кэннэ күлүүстэрин хаһаайыттарга туттарбыттар.
Саҥа дьиэҕэ киирээччилэри СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Кирилл Бычков, Дьокуускай куораттааҕы Дуума Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Евдокия Евсикова, «Дьиэ-уот сыһыаннаһыыларыгар департамент» МХТ дириэктэрэ Мария Павлова эҕэрдэлээтилэр.
Кирилл Бычков хаһаайыттары эҕэрдэлээн туран олохтоох дьаһалтаҕа уонна тутааччыга махталын биллэрбит. «Саҥа дьыл саҕана дьиктилэр буолар буоллахтарына – сыл барыта дьоллоох буолар. Саҥа кыбартыыларгытыгар сылаас, үтүө туруктаах олоҕу баҕарабын», – диэбит СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы.
Дьокуускай куораттааҕы Дуума салалтатын аатыттан Бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова СӨ Бырабыыталыстыбатыгар уонна Баһылыгар махтанарын эппит.
«Кирилл Евгеньевиһынан сирэйдээн Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар уонна Баһылыгар Айсен Сергеевичка куорат олохтоохторун уонна дьаһалтатын гражданнары көһөрүү уонна дьиэнэн хааччыйыы бырагыраамата олоххо киирэригэр өйөбүлгүт иһин махталбытын тиэрдэбит. Салгыы маннык тэтимнээхтик үлэлээтэхпитинэ, Дьокуускай 400 сылын биир даҕаны хаарбах мас дьиэтэ суох көрсүөхпүт. Билигин даҕаны куораппытын киэргэтэр кэрэ дьиэлэртэн көрүөхпүтүн баҕарабыт. Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан уонна саҥа кыбартыыраларгыт күлүүстэрин туппуккутунан эҕэрдэлиибин», – диэбит Евдокия Евсикова.
Олохтоохтор ааттарыттан өрөспүүбүлүкэ уонна куорат салалтатыгар махталын Светлана Калинина тириэрдибит.
«Бары дьиэ тутуутугар, өр күүппүт бырагыраамабыт олоххо киириитигэр сыһыаннаах дьоҥҥо махтанабын. Саҥа дьыл саҕана бэртээхэй бэлэҕи оҥордугут», – диэбит Светлана Калинина.