Хаар ыраастааһына тэтимнээхтик барар
"Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа" МХТ информациятынан, ааспыт нэдиэлэҕэ уулуссалартан уонна тиэргэннэртэн 51 296 куб. м тахса хаар тиэйилиннэ.
Куораты ыраастааһыҥҥа күн аайы 20-54 суол оробуочайа уонна 95 анал тиэхиньикэ үлэлиир. Сезон устата уопсайа 277 607 куб. м хаар хомуллан тиэйилиннэ.
Олунньу 27 күнүттэн кулун тутар 5 күнүгэр диэри Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа 37 805 куб. м хаар таһылынна, оттон Бүлүүлүүр переулокка баар быстах тутар полигоҥҥа - 13 491 куб. м. Өрөбүллэргэ "Якутдорстрой" АУо үлэһиттэрэ быстах тутар полигонтан сүрүн полигоҥҥа 3 тыһыынча куб. м кэриҥэ хаары тастылар. Итинник үлэ нэдиэлэ ахсын өрөбүллэргэ ыытыллар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ муниципальнай дворниктар тротуардартан 34 496 куб. м хаары ыраастаатылар, ити уопсай былаан 37%-на.
Мууһу көйөн тиэйии былаана - 6 761 куб. м, билиҥҥи туругунан 4 247 куб. м., эбэтэр 63% хомуллан тиэйилиннэ.
Итини сэргэ, куорат уокуругун территориятыгар күн аайы уопсастыбаннай санитарнай туочукалар ыраастаналлар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 2 787 куб. м тиэйилиннэ, ол эбэтэр былаантан 62%-на (былаан - 4 517 куб. м).
Хаары ыраастааһыҥҥа тэрилтэлэргэ уонна биирдиилээн дьоҥҥо сэрэтии суруктары тарҕаталлар. Ол курдук, 1400 сурук чааһынай сектор олохтоохторугар, 108 - салайар хампаанньаларга, 28 - ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэргэ, 152 - юридическэй сирэйдэргэ ыытылынна. СӨ КоАП 6.25 ыст. 10 боротокуол толорулунна.