Хаар уутун уонна халдьалары ыраастааһын үлэтэ хайдах барарый?
Олохтоох дьаһалта тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ уопсастыбанньык Антон Васильевы кытта иллэрээ күн социальнай ситимҥэ тахсыбыт ролик уһуллубут сиригэр көрүстүлэр. Уопсастыбанньык видеоны көрөн: «Уу сүүрэр дьөлөҕөһө сыыһа оҥоһуллубут»,– диэн турар.
«Главстрой» МХТ исписэлиистэрэ бэлиэтииллэринэн, Ленин проспегын уонна Курашов уулуссатын быһа охсуһууларыгар оҥоһуллубут халдьа бырайыак быһыытынан суол таҥаһын аннынан ууруллубут.
«Видеоҕа этиллэр турба, дьөлөҕөс, ууну сүүрдүүгэ туох даҕаны сыһыана суох, сибээс ситимнэрин холбуурга аналлаах»,– диэн быһаараллар Главстрой бэрэстэбиитэллэрэ.
Ленин проспегыттан хаар уутун сүүрдүү боппуруоһугар «СЭГХ» исписэлиистэрэ быһаарбыттарынан, Курашов уулуссатын уонна Ленин проспегын быһа охсуһууларыттан Орджоникидзе уулуссатыгар диэри учаастак халдьаларын ириэрии муус устар 6 күнүгэр ыытыллыбыт.
«Түүн тоҥорор, күнүс ириэрэр, онон халдьалар мууһунан бүөлэнэллэр, ол иһин ириэрии үлэтэ ыытыллар. Гидрометеосулууспа чахчытынан, түүҥҥү тоҥоруулар уонна хаар ыам ыйын 4 күнүгэр диэри салҕаналлара күүтүллэр. Халдьалары барытын ириэрдэхпитинэ уонна стационарнай носуостар холбоннохторуна, уу барыыта тэтимириэҕэ. Носуос ыстаансыйалара (50 устуука) алтынньы ыйыгар диэри үлэлиэхтэрэ»,– диэн быһаарда СЭГХ МХТ тутаах исписэлииһэ Татьяна Павлюковская.
Быйыл саас уулуссалартан хаар уутун хачайдааһын муус устар 3 күнүттэн саҕаламмыта, бүгүҥҥү күҥҥэ 3941 куб/м хачайданна. Хаары тиэйии суукканы эргиччи ыытыллар, маныаха 86 тиэхиньикэ үлэлиир.
Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар полигоҥҥа муус устар 12 күнүнээҕи туругунан 673 831 куб/м хаар тиэйилиннэ, ол иһигэр уулуссалартан – 342 689 куб/м, кыбаарталлар иһинээҕи территориялартан – 331 142 куб/м, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.