07.03.2023 | 14:00

Хаар десана» байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр

Саха сиригэр быйылгы кыһын сыллааҕы нуорманы таһынан элбэх хаардаах буолла. «Хаар десана» этэрээт анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр диэн «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ иһитиннэрдэ.
Хаар десана» байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Хаар десанын» байыастара Автодорожнай уонна Сайсары уокуруктарыгар үлэлээтилэр.

«Өрөбүллэргэ устудьуоннар этэрээттэрин кытта куораттааҕы Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрин өйүүр кииҥҥэ киирбит сайаапкаларынан үлэлээтибит. Итини таһынан, хаар түһүөҕүттэн ыла суол сулууспалара тохтоло суох үлэлииллэр, ол курдук – 6 грейдер, 12 сиппийэр массыына, 6 тыраахтыр, 5 погрузчик, 4 бобкет уонна 18 хаары тиэйэр самосвал» - диир «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Владимир Аммосов.

Санатар буоллахха, «Хаар десана» – патриотическай уонна сиэр-майгы өттүнэн иитэр, волонтерскай хамсааһыны пропагандалыыр сыаллаах Бүтүн Арассыыйатааҕы социальнай-патриотическай аахсыйа. Аахсыйа чэрчитинэн үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара уонна волонтердар олохтоохторго көмөнү оҥороллор, патриотическай иитиигэ, нэһилиэнньэни сырдатыыга уонна чөл олоҕу түстээһиҥҥэ туһуламмыт араас тэрээһиннэри ыыталлар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...