Хаан кутар станцияҕа чугаһыыр суол оҥоһулунна
Дьокуускайга өссө биир социальнай эбийиэккэ чугаһыыр суол – Петр Алексеев уулуссатыгар баар Хаан кутар станцияҕа чугаһыыр суол өрөмүөннэннэ диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Суолталаах эбийиэк «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөмүөннэннэ. Муниципальнай сакаасчыт «Главстрой» МХТ иһитиннэрбитинэн, 150 миэтэрэлээх суол учаастагар бэдэрээтчит «РИК Автодор» АУо туох ирдэнэрин – ааспал бүрүөһүнүн, лотуоктары, тротуары, сырдатыы тирээбиллэрин барытын оҥордо. Суол бэлиэлэрэ, ол иһигэр сатыы дьон туоруулларыгар анаан, турдулар. Сүрүн суолу сэргэ парковка эмиэ аспаалланна. Аспаал бүрүөһүннээх суол уопсай иэнэ – 2 тыһыынча кв. м. кэриҥэ.
Манна даҕатан эттэххэ, балаҕан ыйын саҕаланыыта Покровскайдыыр тракт 8-с км Оҕо туберкулезнай санаторийыгар чугаһыыр суол өрөмүөннэнэн бүппүтэ. 620 м уһуннаах суолу бэдэрээтчит «РИК Автодор» АУо оҥорбута.
Ити икки эбийиэк үлэҕэ 2024 сылга киириэхтээх этилэр, ону РФ бырабыыталыстыбатын хамыыһыйатын быһаарыытынан, казначейскай кирэдьиит суотугар болдьоҕун иннинэ өрөмүөннэннилэр. Итиннэ олоҕуран, быйыл былааннаммыт 22 км оннугар 30-ча км суол үлэҕэ киириэҕэ.