Хааччахтар уһуохтара
СӨ бырабыыталыстыбатын уонна баһылыгын дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Саха сиригэр билиҥҥи эпидемиологическай балаһыанньаҕа олоҕуран, хааччахтааһын миэрэлэрэ уһаан биэриэхтэрэ.
Иһитиннэриини Ил Дархан улуус уонна куорат уокуруктарын баһылыктарын кытта эпидемиологическай балаһыанньа мунньаҕар эттэ. Ол курдук, маасканы кэтии, социальнай тэйиччи туттуу барыыбылалара уонна дезинфекциялааһын ирдэбиллэрэ салҕыы тутуһуллуохтаахтар.
Кэнники хас да нэдиэлэ устата ыарыы көрдөрүүтүн таһыма түстэ. Ол эрэн, кулун тутарга-муус устарга эмиэ күүскэ тарҕаныан сөп диэн сабаҕалааһын баар.
“Билигин ОРВИ-нан ыалдьыы элбээбитэ, сотору грипп кэлэрэ биэлиэтэнэр. Бу коронавируһунан ыалдьыбыт дьон ахсааныгар эмиэ дьайыан сөп. Дьон мааска кэтиини тутуспат буолуулара элбээтэ. Саалаҕа толору дьонноох тэрээһиннэр ыытыллыбыт түгэннэрэ баар. Маннык көҥүллэммэт», — диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.