Хааччахтааһын эрэһиимэ бэс ыйын 21 күнүгэр диэри уһаата
Өрөспүүбүлүкэҕэ коронавирус инфекцията тарҕаныытынан олохтоммут хааччахтааһын миэрэлэрэ бэс ыйын 21 күнүгэр диэри уһатылыннылар.
Олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэлэр испииһэктэригэр киллэриллибэтэх тэрилтэлэр үлэһиттэрэ дьиэттэн олорон үлэлэрин салҕыыллар.
Үлэлииллэрэ көҥүллэммит атыы-эргиэн уонна олох-дьаһах өҥөтүн оҥорор тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, мааската суох сылдьар гражданнарга өҥөнү оҥорбот бырааптаахтар. Ону сэргэ тэрилтэлэр хас баскыһыанньа ахсын дезинфекциялыыр сириэстибэлэри туһанан кичэллээх ыраастааһыны уонна дьиэни-уоту сууйуу ыыталлара ирдэнэр.
Санатан эттэххэ, бэс ыйын 15 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ хааччахтааһын миэрэлэрин намтатыы бастакы түһүмэҕэ саҕаланыаҕа. Парикмахерскайдар, кэрэ буолуу салоннара, косметическай кииннэр, спа салоннар, массаж кэбиниэттэрэ бары санитарнай ирдэбили тутуһан үлэлииллэрэ көҥүллэниэҕэ.