ХАҺЫАТ АРААС ТУҺАТА
Хаһыат барахсан кылгас үйэлээх. Ол эрээри мээнэ быраҕыллыбат. Син биир туһаҕа тахсыбыта эрэ баар буолар. Дьэ эрэ, билигин биһиги хаһыат кумааҕытын күннээҕи олохпутугар туохха туһанарбытын кэпсиэхпит:
Дьиэни-уоту өрөмүөннүүргэ хаһыата суох сатаммаппыт. Дьиэ үрдүн, истиэнэни, түннүктэри кырааскалыырга хаһыаты муостаҕа тэлгиибит. Истиэнэни обуойдуурга үчүгэйдик силимнэннин диэн, бастаан хаһыаты сыһыарабыт.
Түннүк, сиэркилэ сууйарга хаһыатынан соттоххо, килэбичийэр, уу сурааһына хаалбат.
Сиргэ да, дьиэҕэ да уот отторго хаһыаты күөдьүтүү гынабыт.
Иһити-хомуоһу, саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуурдарын, алдьанар маллары харайарга, бэйэ-бэйэтигэр даҕайсан үлтүрүйбэтин диэн, хаһыатынан суулуубут.
Күһүн тымныыга бултуу барарга эр дьон атахтарын хаһыатынан суулууллар. Оччоҕуна хайдахтаах да тымныыга тоҥмоттор.
Сайын күн күүскэ көрдөҕүнэ түннүгү хаһыатынан бүрүйэбит. Бу эмиэ албастаах. Түннүккэ хаһыат кырааскатын суола хаалбатын элбэх хаартыската суох хаһыаты талабыт.
Куйааска хаһыатынан бэргэһэ, сөрүүкэтэр оҥостобут.
Хаһыат сииги оборор. Онон атах таҥаһын куурдарга туттабыт.
Атах таҥаһын быһыыта алдьамматын курдук, хаһыаты имитэн угабыт.
Чүмэчи иһиккэ туран халбаҥнаатаҕына, аннын хаһыатынан суулуубут. Хаһыатынан папье-машье оҥоробут. Папье-машеттан оннооҕор миэбэл оҥоруохха сөп.